“Нуучча географическай ааттара: арыйыы историята”

Share

“Нуучча географическай ааттара: арыйыы историята” үөрэтэр-сырдатар бырайыак Соҕуруу-Чуумпу акыйаан эрэгийиэнин үөрэтэр киин уонна Бэрэсидьиэн граннарын пуондатын өйөбүллэринэн Миклухо-Маклай аатынан пуонданан торумнаммыта. 

Океанияҕа география ааттарын нууччалыы “араҥатыгар” ураты болҕомто ууруллар: нууччалыы историческай сир ааттара аан дойдуну научнайдык үөрэтиигэ төһүү буолан, аан дойдуга саҥа каарталар тахсыбыттара.  2021 сыллаахха “Российское цивилизованное наследие: русские топонимы в южной части Тихого океана” (М, 2021) таһаарыыга Арассыыйа наукатыгар аан бастаан Океанияҕа 129 нуучча географическай ааттарыттан турар испииһэк тахсыбыта.  Арассыыйа учуонайын Миклухо-Маклай-аччыгый (РНА Илиҥҥи дойдулары үөрэтиигэ института) уонна Австралия учуонайа Елена Говор бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр география бу эбийиэктэрэ хаһан, ханнык Арассыыйа чинчийээччитинэн, ким уонна туох эрэ аатынан ааттаммыттара тиһиллибитэ. Ону тэҥэ бу сир-уот аныгы ааттара, чопчу координаттара ыйыллыбыта. Бу испииһэккэ олоҕуран нуучча историческай ааттарын түмэр виртуальнай каарта бэлэмнэммитэ:  https://oceania.mikluho-maclay.ru/map/

Бырайыак саайтыгар: https://oceania.mikluho-maclay.ru уонна социальнай ситимнэринэн #Русскиетопонимы хэштегинэн оскуолаҕа үөрэтиигэ туһалаах история, география туһунан иһитиннэриилэр, ону тэҥэ үөрэххэ уона бэйэ дьарыктанарыгар туһаныллар иһитиннэриилэр тахсыбыттара. Бу нуучча географическай ааттарын үөрэтиигэ, билиини-көрүүнү хаҥатыыга көмөлөһүөҕэ.

Бырайыагы үлэлэтии кэмигэр аан дойду каартатыгар өссө да киллэриллэ илик историческай ааттары киллэрии боппуруоһун быһаараллар. Историяны билии уонна бу салааҕа Арассыыйа киллэрэр кылаатын сыаналааһын ааспыт кэмҥэ ытыктабылы үөскэтэр, үтүө үгэстэри салгыырга төһүү буолар.

Онон сибээстээн, 25 мүнүүтэ уһуннаах “Нуучча атлаһа” научнай-популярнай үс киинэ бэлэмнэннэ.  Бу киинэлэр 5-9 кылаастар үөрэнээччилэригэр туһалаах буолуохтара. Айаны уонна саҥа географическай арыйыылары сэргээччилэр эмиэ биһириэхтэрэ:

https://youtu.be/vrgMBYbOAmM  “Русский Атлас” (бастакы киинэ)

https://youtu.be/M-NB5lL6TpI        “Русский Атлас” (иккис киинэ)

https://youtu.be/WTXJMl87IYE      “Русский Атлас” (үһүс киинэ)

YouTube ханаалыгар: https://bit.ly/3hyy3kL

ВК: vk.com/video/playlist/-133186284_14

Миклухо-Маклай аатынан пуонда пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев дьоҕус уонна орто биисинэһи тупсарыыга тыл эттэ

Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…

11 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

30 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

1 час ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

2 часа ago