Бүгүн Дьокуускай куоракка Ил Дархан Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээх Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын Попечителлэрин сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Уопсастыба ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн таһаардылар уонна 2023 с. былаанын торумнаатылар.
«Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаата Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу уонна патриотизм гражданскай өйү-санааны быһаарар кэмигэр олус улахан суолталаах. Чопчу төрөөбүт кыраай уонна Арассыыйа устуоруйатын билииттэн дьиҥнээх патриот буола үүнэр көлүөнэни иитии саҕаланар», – диэн Ил Дархан эттэ.
Ааспыт сылга, өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан, Де Лонга архипелагын Беннетта арыытыгар ураты эспэдииссийэ иккис түһүмэҕэ уонна «От Полюса холода до Белокаменной» атынан айаннааһын, «От Московского Царства к Великой Российской Державе: Вилюйский путь», «Пути великих свершений», «Цифровизация памятника письменности Суруктаах Хайа реки Марха и места добычи первой нефти в республике» эспэдииссийэлэрэ ыытыллыбыттара.
Сунтаар Хайатын аата суох үрдүк систэригэр тахсыылар буолбуттара. Быйыл аата суох үрдэллэргэ өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит – Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков, ону таһынан саха литэрэтиирэтин төрүттээччи Алексей Кулаковскай ааттарын иҥэрэр сыаллаах бырайыак салҕаныа. Бу географическай эбийиэктэргэ ааты иҥэрэргэ, судаарыстыбаннай каталогтарга сир-уот, эбийиэк аатын киллэрэргэ, хамсааһын саҕаланыыта буолуо.
Сэбээн Күөл дириҥ уулаах күөлүн чинчийии аан бастаан ыытыллыа.
Айсен Николаев уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын үлэтин үрдүктүк сыаналаата уонна бырайыактары өйөөччүлэргэ барыларыгар махтанарын биллэрдэ.
«Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын 110-с үбүлүөйдээх сылын тэрээһиннэрэ эмиэ үрдүк таһымнаахтык ааһыахтарыгар эрэниэхпин баҕарабын. Бырайыактар бары олус интэриэһинэйдэр, суолталаахтар уонна научнай төрүттээхтэр», – диэтэ Айсен Николаев.
Попечительскэй сэбиэт бэрэссэдээтэлэ бырайыактары олоххо киллэрэргэ ыччаты кытыннарар сыалтан, олохтоох салаалар географияларын кэҥэтэр соругу туруорда.
«Билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи салааҕа ыччат кулууба үлэлиир, онуоха бу хайысха бастакынан турар – төрөөбүт кыраайдарын умсугуйан үөрэтэр, көхтөөх, дьоһуннаах солбугу үүннэриэххэ наада», – диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Быйыл эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «Изменения климата и современные методы исследования» ыччат научнай оскуолата Уһук Илин уонна Сибиир уокуруктарын эдэр чинчийээччилэрин холбуо. Итини таһынан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннара Лабыҥкыр күөлүгэр тиийэн практика барыахтара. Кинилэр сир ньуурун, кырыс буорун, үүнээйитин, харамайын үөрэтиэхтэрэ, микроклиматическай уонна гидрологическай чинчийиилэри ыытыахтара.
Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бырайыактары таһынан, суперэкстремальнай «Улуу өбүгэлэрбит суолларынан» Өймөкөөн улууһун Үчүгэй сэлиэнньэтиттэн Магадаан уобалаһын Сеймчан бөһүөлэгэр диэри атынан айан бырайыага баар. Бу 5 категория уустуктаах 800 км усталаах айаны Дугуйдан Винокуров икки атынан биир ый иһигэр айанныыр санаалаах.
Итини таһынан Магадаан уобалаһыгар Халыма өрүс үрдүгэр баар Суруктаах Хайаҕа тааска ойууну көрдүү эспэдииссийэ тэриллиэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…