А.С Пушкин аатын сүгэр Нуучча драматическай тыйаатыра айар дьылын Нерюнгригэ гостуруолтан саҕалаата. Өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн Нуучча тыйаатыра Саха сирин иһинэн айар гостуруолу балаҕан ыйын 7 күнүттэн саҕалаата.
Өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнай оройуоннарыгар Нерюнгригэ уонна Алдаҥҥа ыалдьыттыахтара. Бу туһунан тыйаатыр уус-уран салайааччыта, дириэктэрэ Александр Лобанов сырдатта:
— Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бу сыл улахан суолталаах, устуоруйаҕа хаалар сыл буолар. Тыйаатырбыт быйылгы айар дьылын өрөспүүбүкэ олохтоохторун кытта көрсүһүүнэн саҕалыаҕа. Айар гостуруолбут икки нэдиэлэ кэриҥэ буолуоҕа. Нерюнгри олохтоохторо биһигини олус сэргэхтик көрүстүлэр. Көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн А.С.Пушкин «Капитанская дочка” айымньытынан испэктээкпитин күнүскү өттүгэр иккистээн көрдөрөр буоллубут. Бэлиэтээн эттэххэ, Нерюнгри оройуонугар биһиги тыйаатырбыт тоҕус сыл анараа өттүгэр ыалдьыттаабыта. Айар гостуруолга тыйаатыртан уопсайа 50-ча буолан айаннаатыбыт.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…