Нуучча тылын билбэт миграннары депортациялыахтара

Share

Госдуумаҕа нуучча тылын билбэт миграннары депортациялаар туһунан сокуон барыла киллэрилиннэ.

Бу күннэргэ Госдуума дьокутааттара омук киһитэ нуучча тылын билиитин туоһулуур сэртипикээтэ кырдьыга суох буолара билиннэҕинэ,  миграннары бэйэлэрин суоттарыгар депортациялыыр туһунан сокуон барылын бэлэмнээтилэр. Маннык сокуон барылын парламеҥҥа ЛДПР баартыйа лидерэ Леонид Слуцкай салайааччылаах бэрэстэбиитэллэрэ киллэрдилэр. Ону кытта мигрант үбэ-харчыта тиийбэт буоллаҕына, дойдутун дипломатическай бэрэстэбиитэлинстибэтин эбэтэр консульскай тэрилтэтин суотугар депортациялыахтара.

«Биһиэхэ кэлии дьон култуурнай эйгэҕэ киирэргэ бэлэмнээх  буолуохтаахтар. Манна нуучча тыла сүрүн суолталаах. Биһиэхэ үлэ ырыынагар ирдэниллэр исписэлиистэр наадалар эрээри, дойду култууратын, үгэстэрин өйдүүллэрэ, нуучча тылын үөрэтэллэрэ уонна дойдубут устуоруйатын билэллэрэ наадалаах», — диэтэ Госдуума дьокутата Владимир Сипягин.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago