Нүһүлгэн лоскуй хоһоонноругар оҕо иитиитин суолтата
Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн «Сулумах сулустар» лоскуй хоһооннорун кинигэтэ Омар Хайям рубаиларын форматынан суруллубут саха поэзиятыгар биир бастакы «хараҥаччы». Кинигэ киирии тылыгар поэт «Сахалар эмиэ быһа-бааччы саҥаралларын сөбүлээбэт майгылаахтар. Этэр тылларын эргитэн, саҥарар саҥаларын саһыаран, күөх от симэһининэн сиигирдэн, эбии ибиирэн сойуппакка тиэрдэллэр» диир уонна «кэрэ кистэлэҥин ааҕааччым бэйэтэ толкуйдууругар кыах биэрэбин» диэн түмүктүүр.
Онон Нүһүлгэн лоскуй хоһооннорун кистэлэҥин оҕону иитиигэ сыһыаннаан, Айыы үөрэҕэр, өбүгэ үгэһигэр сыһыары тутан таайан көрүүм дуу…
Саха өйдөбүлүнэн сирдээҕи аналларын булан кэргэннии буолбут дьоҥҥо Айыы Тойон хас оҕотун барытын ахсыытын чопчу анаан бэрсэр: Дьоллоох киһи таптатар
Соргутугар сууланар.
Оҕо кутун уйалыыр,
Мэҥэ бэлиэ хааллартыыр, — диэн хоһуйар.
Ол аата оҕо тапталтан үөскүүр уонна тапталынан иитиэхтэнэн олоххо кэрэ суоллаах- иистээх киһи буола ситэр. Дьэ бу иннигэр:
Икки сүрэх иллэһэн
Оҕо кутун айаллар.
Уоттаах тымтык тыырынан
Оһохторун оттоллор.
Ийэлээх аҕа сымнаҕас сыһыаннара, сылаас тапталлара оҕону олоҕун тухары угуттуур. Эдэрдэрдиин ыллыктаахтык быһаарсан сүбэ-ама, көх-нэм буолар, үүннүүр-тэһиинниир төрөппүт дьон:
Орто дойду олоҕо
Тиһэх күҥҥэ тиһиллэр.
Уунар улгум утаҕа
Түмүктэнэ түмүллэр — чааһыгар —
Ааппын салгыыр ыччаттаах
Айан суолун аастаҕым.
Yөмэн тиийбэт үрдүктээх
Умнастана үүннэҕим, — диир дьоллоох дьон буолаллар.
Ийэҕэ оҕото мэлдьи оҕо, мэлдьи кыракый киһилии көмүскэлгэ сылдьар. Кини оҕолуун тэҥҥэ хомойор, үөрэр, муҥатыйар-мунчаарар, дьоллонор — биир тылынан, оҕотун, оҕолорун олоҕунан харданы эрэйбэккэ ис сүрэҕиттэн «олорор». Дьэ, ол иһин сорсуйа кырдьар. Маны поэт: Оҕо эмэн, элэтэн
Ийэ кырдьан сорсуйар.
Иэһин хаһан ыларын
Санаабакка айанныыр — диэн хоһуйар.
Аны ийэ барахсан, төрөппүт дьон — аҕалаах ийэ — күҥҥэ көрбүт көмүс чыычаахтара, оҕолоотор оҕолоро олох очуругар оҕустаран дьонуттан тэйэр, дьонун кэлэтэр мөкү өрүтүн поэт маннык түөрт устуруоканан хоһоонугар холбуур: Тэллэй сиэбит ынахтан
Алаас ыала айманар.
Бэйдиэ барбыт оҕоттон
Тэлгэһэтэ кэлэйэр.
Дьэ, кырдьык, тэллэйи сырсан аһыы барбыт ынах ыамыгар кэлэрэ саарбах буолар, онон үүт аһылык мэлийэр түгэниттэн ыал айманыан айманар. Оттон ханна тиийбитэ-түгэммитэ биллибэт оҕотун туһугар ийэлээх аҕа барахсаттар сүрэхтэрэ төһөлөөх хам тутара буолуой, бэл, төрүт буора, «тэлгэһэтэ кэлэйэн» эрдэҕэ…
Бу мөкү көстүү биир биричиинэтинэн оҕону сиэри таһынан атаахтатыы, өрө тутуу буоларын эмиэ хоһуйар:
Оҕо өрө тутуллар
Уруй, Айхал этиллэр.
Эһэ, эбэ умнуллар.
Номохторго хоһуллар.
«Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт» диэн бэргэн этиибит умнулла быһыытыйбыта манна көстөр дуу дии саныыбын. Оҕо киһини наһаа арбыыр, өрө тутар, уруй уунар, айхал аныыр тэрээһиннэрбит күн түүн элбии тураллар.
Оттон өбүгэлэрбит туох эмэ ураты дьоҕурдаах оҕону харыстаан кистиир этилэр. Ол сурах барыа, ситэ-хото илигинэ куһаҕан харахтаах таба көрүө, күтүр тыллаах түбэһэн быһа этиэ диэн сэрэнэр быһыылара.
Аны: Сиэри-туому умнаммыт —
Оҕо сааспыт уһаата.
Тыалы кытта сырсаммыт —
Yйэлэрбит кылгаата, — диир.
Бу манна бириэмэни таба өйдөөбөт, сыаналаабат буолуу хоһуллар дии саныыбын. Бириэмэ иннигэр бары тэҥмит. Бириэмэ — бу киһи-хара буоларга Yрдүк Айыы биэрбит улуу бэлэҕэ, соҕотох болдьоҕо. Онон киһи кэмигэр оҕо сааһыттан арахсан эдэр сааска киириэхтээх, кэмэ кэлиитэ оттомноох орто саас, киһи буола килбэйэр маанылаах ытык сааска тиийиэхтээх.
Оттон билигин сорох отуттаах дьон оҕо буола сылдьаллара баар суол.
Уол оҕону иитиигэ сыһыаннаан:
Уолчаан кутун кучуйан,
Кыыҥҥа уга сылдьабыт,
ϴлөр, тиллэр дьылҕатын
Таайбаккабыт ааһабыт.
Бу, мин санаабар, өбүгэлэрбит уол оҕоҕо, кинини иитиигэ ураты суолта биэрэллэрин умнубуппут буолар. Саха өйдөбүлүнэн уол оҕо анала — көмүскээһин, харыстааһын, араҥаччылааһын. Уол, киһи буолан тус бэйэтин эрэ туһугар буолбакка, оҕолорун, кэргэнин, бар дьонун иннигэр олорорун истэ, сэрэйэ, билэ улаатыахтаах.
Оттон биһиги уол оҕобутун атаахтатан иитэбит, иннигэр-кэннигэр илэ-была түһэн, бэйэтин бэйэтэ көрүнэ, быһаарына үөрэнэригэр кыах биэрбэппит. Инньэ гынан уол оҕо кутун ситэ арыйбакка хаалабыт, «үкэр күөх курдук өрөһөлүү үүнэн тахсар» кыаҕын биэрбэппит, «үс төгүл саадаҕын курданан муҥур маһыгар ыттан баран биир түүлээх муос оноҕоһунан киһи буолар кэскилин» ситэрбэппит.
Эбиитин: Оҕо көрөр дойдутун
Yгүс киһи өйдөөбөт.
Кини тутар күлүмүн
Сылааһыгар сынньаммат.
Ол эбэтэр оҕо улахан киһиттэн туспа ис эйгэлээх, бу кини айыллыбыт уратыта. Оҕону «көрөр дойдутун» устун таба тайанан айаннатар, олук уурсан тэҥҥэ айанныыр төрөппүт, уһуйааччы, учуутал, оҕону тулалыыр дьон баар буолара хайаан да наада.
Поэт манна эмиэ сүбэ-соргу тэҥэ этэр:
Оҕо ытаан улаатар.
Сүүрүк устан айанныыр.
Сылгы хааман хаһыйар.
Киһи сайдан сааһырар.
Бу кэннэ: Төрүүр оҕо илдьитин:
«Киһи кэллэ», — дэһэллэр.
Дьиҥнээх киһи буолуутун
Кырдьарыгар билэллэр, — диир.
Саха өйдөбүлүнэн хас биирдии тыынар-тыыннаах орто дойдуга удьуордааһын баар буолан тыыннаах. Удьуор үөһээ үрдүк мэҥэ халлаантан, аламай маҥан күнтэн тардыыланан таҥнары саламалаан түһэр. Дьэ ол иһин:
Кыра оҕо ууналаан
Күлүм уоту хомуйар.
Сытыы кылы сыыйталаан
Уйулҕатын оонньотор.
Оҕону киһи гына иитии ыараханын өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан билэллэр, өйдүүллэр эбит. Бу туоһутунан В.Л. Серошевкай «Сахалар» үлэтигэр киллэрбит хас да этиитэ туоһулуур. Ол курдук, 1885 сыллаахха Байаҕантай улууһун Капитон диэн түөрт уончалаах киһитэ «Оҕо — биһиги баар суох хапытаалбыт (баайбыт-дуолбут), ол эрэн үчүгэй эрэ оҕо…» уонна Халыма улууһун олохтооҕо 1887 сыллаахха «Оҕолор – дьэ, бу буолар биһиги баайбыт-дуолбут, ол эрэн кинилэри иитии уустук!» диэбиттэрэ киллэриллибит. Маны билэн, өйдөөн Нүһүлгэн: Киһи оҕо туһугар
Сыта түһэн сынньаммат.
Оҕо дьонун иннигэр
Олбохтору тэлгэппэт, – диэтэҕэ.
Онтон салгыы поэт киһи олоҕо оҕонон салҕанар айылгылааҕын, муҥур үйэ тиийэн кэлэрэ айылҕа сокуона буоларын бэргэнник хоһуйар: Муҥур үйэм санатар
Көтөр чыычаах түргэнин.
Кыра сиэним көрдөрөр
Бытыктарым кырыатын.
Кырдьыга да, олох салҕаныахтаах, сайдыы барыахтаах, олох хаамыытынан көлүөнэ көлүөнэлиин солбуһан, Киһи барахсан үүнэ-сайда, силигилии туруохтаах. Дьэ, оччоҕо үүнэр үгүс үйэлэргэ:
Алаас ыала амарах
Иэйии курдук — иһирэх.
Уруу хаанын тардыһа,
Удьуордарын хомуна — туруо буоллаҕа!
Түмүккэ, К.Д. Уткин-Нүһүлгэн лоскуй хоһоонноро киһини толкуйдатар таабырыннаахтар, таайтарар алыптаахтар. Ону таба тайанан, өйдөөн оҕону иитии, киһи гына сайыннаран таһаарыы курдук уустук үлэ хайысхатыгар туһаныахха, сирдьит сулус оҥостуохха сөп эбит.
Поэт бүгүҥҥү олох кэрэ да мөкү да өрүттэрин айар тыл алыптаах күүһүнэн түөрт устуруока иһигэр «симэн» бэрт кыраҕытык ойуулуур, кэмчи тылынан чопчутук, уу харахха этэр. Нүһүлгэн поэт быһыытынан ураты толкуйа, айар кутун чыпчаала кини лоскуй хоһоонноро буолаллар диэн санааҕа кэллим.
Венера Степанова,
«Кэнгээри» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ,
Күндээдэ, Ньурба.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: