Нюргуна Соколова: “Киэҥник көрөр, кэскиллээхтик толкуйдуур ирдэнэр”

Нюргуна Соколова: “Киэҥник көрөр, кэскиллээхтик толкуйдуур ирдэнэр”

08.03.2024, 10:21
Хаартыска: Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ.
Бөлөххө киир:

Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэринэн Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколованы кытта каадыры бэлэмнээһин, аны күһүҥҥүттэн киирэр уларыйыылар, оскуолалары олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччыйыы, миниистир тус олоҕун тула, уопсайа, чаас курдук сэһэргэһиибититтэн сүрүн өттүн сырдатабыт. 

Саҥа уларыйыылар

– Нюргуна Афанасьевна, кэлэр үөрэх дьылын номнуо толкуйдаан эрдэххит. Аны күһүҥҥүттэн оскуолаларга “Үлэ уруога” киириэхтээх. Бу биридимиэт билигин баар буолбатах дуо? Уопсайынан, аны күһүҥҥүттэн киирэр уларыйыылары быһааран биэрэриҥ буоллар.

– Дойду оскуолаларыгар иккис сылын Үөрэх саҥардыллыбыт федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаарта үлэлиир, түһүмэхтэринэн киирэр. Ол иитинэн биридимиэттэр ис хоһоонноро, чаастара уларыйаллар. Былырыын 10-11-с кылаастарга саҥардыллыбыт “Арассыыйа устуоруйата” киирбитэ, быйыл орто кылаастары хабыахпыт.

Аны күһүҥҥүттэн “Үлэ уруога” уонна “ОБЗР” (Основа безопасности и защита Родины) биридимиэттэр киириэхтэрэ. Урукку кэмнэргэ “Үлэ уруога” биридимиэт баара, ол кэнниттэн “Технология” диэн ааттаммыта, балаҕан ыйыттан төттөрү “Үлэ уруогар” көһөбүт. Тоҕо? Бастатан туран, былырыын “РФ Үөрэх туһунан” федеральнай сокуоҥҥа киирбит оҕону үлэнэн иитии кэнсиэпсийэтин чэрчитинэн барар. Иккиһинэн, оҕо илиитинэн оҥорон таһаарарга үөрэниэхтээх. Алын сүһүөххэ идэлэри, ханнык көрүҥнэр баалларын, оҥорон таһаарыыны кытта билсиэхтэрэ. Орто сүһүөххэ технологияҕа, хайысхаларынан көмпүүтэринэн үлэҕэ үөрэниэхтэрэ, 3D моделирование, прототипирование, макетирование, робототехника киириэҕэ уонна оҥорон таһаарыыга ылсыахтара. Улахан кылаастар номнуо хайысхаларынан инники идэлэрин көрүөхтээхтэр: бырамыысыланнас, тыа хаһаайыстыбата, көмпүүтэр технологията… Манна хайысхаларынан матырыйаалы таҥастааһыҥҥа, аһылыгы оҥорон таһаарарга үөрэниэхтэрэ. Үлэ уруогар алын кылаастарга нэдиэлэҕэ 1 ч., орто сүһүөххэ 2 ч., үрдүкү кылаастарга 1 ч. көрүллүөҕэ.

Оттон “Төрөөбүт дойдуга куттал суох буолуута уонна харыстааһын” (ОБЗР) биридимиэккэ урукку ОБЖ уруок кэҥээн, алын байыаннай бэлэмнэнии, патриотическай иитии киирэн биэрэр. Бу уруок иитинэн 8-с кылаас кэнниттэн үс күннээх, 10-с кылаас кэнниттэн биэс күннээх хонууга үөрэтэр-эрчийэр түмсүүлэр ыытыллыахтара. Балаҕан ыйыттан бу икки биридимиэккэ – “Үлэ уруога” уонна “Төрөөбүт дойдуга куттал суох буолуута уонна харыстааһын” уруоктарыгар үөрэх саҥа кинигэлэрэ тахсыахтаахтар.

Каадыр боппуруоһа

– Каадыр боппуруоһа билигин ханна баҕарар сытыытык турар. Уопсайынан, туох үлэни ыыттахха, учуутал, иитээччи ахсаана тиийиэн сөбүй? Итини быһаарарга туох ирдэнэр?

– Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана былырыын мөлүйүөҥҥэ тиийдэ. Ол гынан баран, демография, миграция хамсыы тураллар. Үөрэх эйгэтигэр эрэ буолбакка, ханнык баҕарар салааҕа каадыр тиийбэтэ бэлиэтэнэр. Ити киһи ахсаана тиийбэтиттэн уонна сайдыы, хамсааһын барыытын, дьон үрдүк хамнастаах салааҕа талаһыытын да кытта сибээстээх буолуон сөп. Вакансия бэйэтэ даҕаны халбаҥныыр. Холобур, үөрэх дьылын саҥатыгар 350-ча педагог тиийбэт буолар. Үлэ ыытыллан, солбуйсан ирдэбил син сабыллар. Сыл саҥатыгар номнуо кэлэр үөрэх дьылыгар бэлэмнэнэн, аны күһүн төһө вакансия тахсыан сөбүн ааҕан-суоттаан, ырытан көрдөхпүтүнэ, тыһыынча курдук үлэһит тиийбэт буолар. Үлэ салгыы барар, үөрэх дьылын саҥатыгар сыыппара эмиэ уларыйар.

Быйыл педагогическай дьаарбаҥканы ыытан турабыт. Ыччат кэлэн көрөн, билсэн, бэйэлэрин быһаарыныыларын ылыналларыгар дьаарбаҥка эмиэ оруоллаах буолуон сөп.

Уопсайынан, каадыры бэлэмнээһини систиэмэлээхтик көрөр сөптөөх. Аҕыйах хонуктааҕыта Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт тэрийиитинэн стратегическай сиэссийэ ыытылынна. Манна улуустааҕы үөрэх управлениеларын начаалынньыктара, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеттан, педагогическай институттан, кэллиэстэн исписэлиистэр кэлэн бэйэлэрин санааларын эттилэр.

Бастатан туран, биһиги педагогтары хас да сыл инниттэн, эрдэ бэлэмниэхтээхпит. Инньэ гынан, билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 72 психолого-педагогическай кылааһы арыйдыбыт, онно 900 оҕо үөрэнэр. Бу инникитин педагогическай институттарга үөрэнэ киирэн, оскуолаларга үлэлии барыахпыт этэ диэн быһаарыммыт оҕолор. Кинилэри учуутал идэтигэр эрдэттэн бэлэмниибит: араас кэмпириэнсийэлэргэ кытыннарабыт, лааҕырдарга дуу, кыра саастаах оҕолору дуу кытта алтыһан бэйэлэрэ быһаарыы ылыналларыгар уонна баҕарар хайысхаларыгар туттарсалларыгар биридимиэттэринэн дьарыктааһын. Бу аата биһиги кэскиллээх, уонча сыл эрдэттэн толкуйдуур хайысхабыт буолар.

Оттон орто болдьохтоох былааҥҥа университеттар, кэллиэстэр устудьуоннарын кытта үлэлэһэбит. Холобур, тус сыаллаах бэлэмнээһиҥҥэ былырыыҥҥыттан каадыр бырайыага баар. Атын эрэгийиэннэргэ дуу, олохтоох университекка дуу үөрэнэр устудьуоннар инникитин чопчу учуутал буолабыт уонна бу оскуолаларга үлэлии барыахпыт диэн эрдэттэн сөбүлэҥ түһэрсэллэр. Ону таһынан, “Үөрэх туһунан” сокуоҥҥа уларыйыы киирэн, үрдүк үөрэх кыһаларыгар төрдүс-бэһис кууруска үөрэнэр устудьуоннар номнуо педагогунан үлэлиэхтэрин сөп. Ахсааннаах да буоллар, бу хайысханан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеттан устудьуоннар кэлэн үлэлии сылдьаллар, салгыы кэҥэтэр былааннаахпыт. Тус сыаллаах сөбүлэҥи үөрэххэ туттарсан киирэргэ эрэ буолбакка, хаһыс баҕарар куурус устудьуона түһэрсэр кыахтаах.

Кыра үөрэх тэрилтэлэрэ аҕыйах чаастаахтар, аҕыйах үөрэнээччилээхтэр, учууталы үлэҕэ ылаллара уустуктардаах, ыстаапката кыра буоларын быһыытынан, хамнастара да намыһах буолуон сөп. Ол иһин “Система распределенного обучения” диэн саҥа ньыманы киллэрэ сылдьабыт. Биир учуутал хас даҕаны оскуоланан сылдьан эбэтэр дистанционнай үөрэтии технологиятын туһанан үлэлиэн сөп.

Билигин көрдөхпүнэ, РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ, Үөрэҕирии академията тэрийиилэринэн учууталларга араас көмө баар. Учуутал урукку курдук уруогар түүннэри олорон бэлэмнэммэккэ, бэйэтин тиэхиньиичэскэй матырыйаалларын, көрдөрөр босуобуйаларын, былаанын, исхиэмэтин оҥорбокко, саайтан бэлэм инструмены ылан туһаныан сөп. Онно видеонан уруоктар, тестэр – саҥа ньымалар бары бааллар. Бэлэм матырыйаалтан уруогар табыгастааҕы талан ылан туһанар кыахтаах.

Учуутал ноҕуруускатын аччатыы киирбитэ, кини уруоктан ураты элбэх докумуону толоруо суохтаах. Электроннай сурунаалы толорор, бырагырааматын, иитэр үлэҕэ былаанын оҥостор. Инньэ гынан, учуутал бэйэтин түбүгэ балачча кыччаан турар, быһаччы оҕону кытта үлэлиэхтээх. Кини учууталлыыр эрэ түгэнигэр оскуола дьаһалтата эбии ноҕуруусканы биэриэ суохтаах.

Үөрэх управлениетын салайааччыларын кытта кэпсэтэн көрдөххө, аныгы учуутал биир эрэ биридимиэти тута сылдьыбакка, атын биридимиэттэри эмиэ билэрэ, нууччалыы эттэххэ, “универсальнай”, хас даҕаны квалификациялаах, компетенциялаах буолара ордугун ыйаллар. Урукку курдук физиканы, математиканы эрэ буолбакка, үһүс дьиссиппилиинэ эмиэ ирдэнэр.

Оччотугар учууталларга, иитээччилэргэ саҥа сорук турар – идэлэрин таһымын үрдэтинии. Мин санаабар, Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институту, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты кытта анаалыстаан көрөн баран, үлэбитин кэҥэтиэхтээхпит. Урукку курдук квалификацияны бигэргэтии биэс сылга биирдэ буолбакка, сайдыы ситиминэн тиһигин быспакка, наада буоллаҕына сыл аайы да үрдэтэллэрэ ирдэнэр.

Үлэ ырыынага уонна орто анал үөрэх

– Үлэ ырыынагын аттаран көрдөххө, ордук ханнык идэлэр ирдэнэллэр? Орто анал үөрэхтэр маны төһө толорон олороллор? Төрөппүттэр бүддьүөт миэстэтэ тиийбэт эҥин дэһэллэр.

– Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин кытта тэҥнээн көрдөххө, Саха сирэ биир уратылаах – биһиги үөрэнээччилэрбит тохсус кылаас кэнниттэн үөрэххэ туттарса барбакка, улахан аҥаардара салгыы 10-с кылааска үөрэнэ хаалаллар. Ол эбэтэр атын эрэгийиэннэргэ улахан аҥаардара кэллиэскэ үөрэнэ тиийэр эбит буоллахтарына, биһиэхэ ити сыыппара 20-30 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. Кэлин бэлиэтии көрдөхпүнэ, орто үөрэҕи сэҥээрэр оҕо элбээбит курдук. Былырыын үөрэххэ ылыы хонтуруолланар сыыппарата (КЦП) 310 миэстэнэн эбилиннэ, быйылгы да сылга элбэтэн эрэбит, инньэ гынан кыралаан бүддьүөт миэстэтэ эбиллэн иһэр.

Хаачыстыбаны сэргэ, устудьуоннар үөрэнэр сөптөөх усулуобуйаларын тэрийиэхтээхпит, тиэхиньикумнарбыт, кэллиэстэрбит инфраструктуралара тупсалларыгар үлэлэһиэхтээхпит, саҥа үөрэнэр куорпустар, уопсайдар тутуллалларыгар эмиэ болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Иккис сылын үлэлиир орто анал үөрэх тэрилтэлэрин саҥардыыга Бырабыыталыстыба дьаһала баар. Былырыын биэс кэллиэс өрөмүөннэммитэ, быйыл эмиэ өрөмүөҥҥэ үбү тыыран олоробут. Дойду бэрэсидьиэнэ бу өттүгэр 2026 сылтан өрөмүөҥҥэ уонна тутууга эмиэ болҕомто ууруллуо диэтэ, онон орто үөрэхтэрбит кыһалара номнуо бэлэмнэнэн эрэллэр.

Нэһилиэнньэ миэстэтигэр үлэлии хааларын туһугар улуус­тарга орто үөрэх тэрилтэлэрэ баар буолуохтаахтар, саҥардыллыахтаахтар, биһиги ол өттүгэр бырайыактары бэлэмнии сылдьабыт.

Онтон экэниэмикэ ирдэбилинэн көрдөххө, бырамыысыланнас өттүгэр элбэх исписэлиистэри бэлэмниэхтээхпит. Былырыын Арассыыйатааҕы “Профессионалитет” куонкуруска кыайан, Соҕурууҥҥу Саха сирин технологическай кэллиэһэ 100 мөл. солк. суумалаах үбү ылан олорор. Бу үп өрөмүөҥҥэ уонна саҥа тэрилинэн хааччыллыыга барда. Устудьуонун ахсаанын 2,5 тыһ. диэри эбиэн сөп, онон быйыл уопсайдарын өрөмүөнүгэр харчы көрдүбүт.

Бэйэбитин хааччынарбытыгар тыа хаһаайыстыбата улахан оруоллаах. “Профессионалитет” хайысханан Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикума иллэрээ сыл эмиэ итиччэ үбү ылан дьиэтин-уотун саҥардыбыта, тэрилинэн хааччыллыбыта.

Хайысхаларынан ылан эттэххэ, сыыйа кластерынан сыһыаҥҥа көһөн эрэбит. Улахан кэллиэстэрбит “Профессионалитет” куонкуруһунан сайдыахтаахтар. Холобур, быйыл биллэриллибит куонкуруска АйТи хайысхатыгар хамсааһын таһаараары, Сибээс уонна информационнай технология кэллиэһин сайаапкалаатыбыт.

Нэһилиэнньэни туох сэҥээрдэрий? Бастатан туран, АйТи өттүн көрөр, программист буолуон баҕарар оҕо элбэх. Иккиһинэн, доруобуйа харыстабылыгар болҕомто ууруллар, биэлсэр-акушер пууннара аһыллаллар, улуус кииннэригэр саҥа балыыһалар үлэҕэ киирэллэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи сүрэхтымыр, быйыл искэн диспансера аһылынна. Онон мэдиссии­нэ каадыра ирдэнэр (быраас, биэлсэр, сиэстэрэ). Ол иһин бу сылларга ити хайысхаҕа исписэлиистэри бэлэмнээһин эбилиннэ. Холобур, кэлиҥҥи биэс сылга сиэстэрэ идэтигэр бүддьүөт миэстэтэ 315 миэстэнэн үрдээтэ. Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ урут 700 киһини бэлэмниир буоллаҕына, билигин 2,5 тыһ. устудьуон үөрэнэр.

Олохтоох аһылык

– Ил Дархан былырыын үөрэх тэрилтэлэригэр олохтоох аһы-үөлү киллэрии туһунан эппитэ. Ити олоххо киирэн эрэр дуо?

– Дойду бэрэсидьиэнэ алын кылаас үөрэнээччилэрин босхо итии аһылыгынан хааччыйыыга сорудаҕынан, үбүлээһин үчүгэйдик көрүллэр. Онтон хас биирдии оскуолаҕа биирдиилээн менюну ырытан көрдөххө, чахчы кыһалҕалар бааллар эбит, билигин онно үлэлэһэ сылдьабыт. Иэдьэгэй, эт, балык, оҕуруот аһылыга, сымыыт, о.д.а. аһылыгы сииллэрин-сиэбэттэрин көрөбүт. Оскуолалар бэйэлэрэ хааччыналларын быһыытынан, балаһыанньа араас. Ону кэтээн көрөн баран, Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕар учуонайдары, уопсастыбаннаһы кытыннаран, тустаах боппуруоһу ырытыһыыга таһаардыбыт. Инньэ гынан, билигин “типовой меню” баар буолла, ол түмүгэр оҕолор төһө калорийдаах аһылыгы сииллэрэ көһүннэ. Эрдэттэн уон күннээҕи менюну оҥорон отчуоттууллар. Ким, тугу аһатарын көрөн олоробут.

Иҥэмтиэлээх бэйэ аһылыгын аһатан оҕолорбут доруобуйаларын бөҕөргөтөр, олохтоох оҥорон таһаарыыны өйүүр инниттэн, бородууксуйабыт хас биирдии остуолга тиийэригэр сорук турар, төһө кыалларынан, атыылаһалларын, ону ирдииргэ сорунабыт. Инникитин, баҕар, уһун болдьохтоох сөбүлэҥнэри түһэрсиэхпит.

Манна даҕатан эттэххэ, билиҥҥитэ саамай үчүгэй ньыманы Дьокуускай куорат уонна Ленскэй куорат толкуйдаабыттар – оскуола аһылыгын кэмбинээтэ. Холобур, ленскэйдэр оскуола аһылыгын кэмбинээтин арыйбыттар. Хас даҕаны оскуола үбүнэн кыттыһан, олохтоох оҥорон таһаарааччылартан элбэх аһылыгы сакаастаан ылаллар эбит. Инньэ гынан, “Батамайское” кэпэрэтиип оҕолорго сөптөөх, кыра иһиттэрдээх бородууксуйаны оҥорон таһаарар. Бурдук аһылыгы бэйэлэрэ бэлэмнииллэр, эти, оҕуруот аһылыгын олохтоох оҥорон таһаарааччылартан кууһунан атыылаһаллар. Уонна бэлэм аһылыктары күннээҕинэн остолобуойдарга тарҕаталлар, асчыттар биир менюнан астыыллар. Ити уопуту Арассыыйа таһымыгар ааспыт мунньахтарга эмиэ билиһиннэрдибит.

Миниистир тус олоҕуттан

– Нюргуна Афанасьевна, миниистирдиэҥ иннинэ үөрэх эйгэтигэр төһө уһуннук үлэлээбиккиний? Уопсайынан, миниистир иллэҥ бириэмэтэ төһө элбэҕий?

– Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрэн баран, үлэбин Дьокуускайдааҕы тутуу хайысхатыгар тиэхиньиичэс­кэй кэллиэскэ ЭВМ операторыгар маастарынан (мастер производственного обучения) саҕалаабытым, салгыы старшай преподаватель буолбутум, уопсайа, 14 сыл педагогическай ыстаастаахпын. Салгыы Дьокуускайдааҕы инженернэй-тиэхиньиичэскэй институкка (ЯГИТИ) мэтэдиичэскэй салаа, хаачыстыбалаах үөрэх управлениетын начаалынньыгынан үлэлээбитим. Онтон Идэҕэ бэлэмниир үөрэх министиэристибэтигэр мэтэдиичэскэй салааҕа киирэн, орто анал үөрэхтэргэ үһүс көлүөнэ үөрэх федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаартара киирэллэригэр үлэлэспитим, судаарыстыбаннай сулууспаҕа ыстааһым 12 сыл. Аҕыс сыл устата ведущай исписэлиистэн миниистир солбуйааччытыгар диэри үүммүтүм. Миниистирдиэм иннинэ үс сыл СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин кытта үлэлээтим.

– Саҥа миниистир уһуйааҥҥа, оскуолаҕа үлэлээн көрбөтөх диэн этээччилэр эмиэ бааллар.

– Инньэ дииллэрин истэбин. Ол эрээри, орто үөрэхтэн толору институту тэрийэн таһаарбыппыт, мэтэдиичэскэй сулууспаҕа, хаачыстыба управлениетыгар үлэлээбитим, үөрэххэ тутар хамыыһыйаны түөрт сыл салайбытым. Үөрэх хабар хайысхата киэҥ, оскуола, уһуйаан эрэ буолбатах. Биллэн турар, миниистир эбээһинэһин толорооччунан ананан баран, бастакынан, уһуйааннар, оскуолалар боппуруостарын үөрэппитим. Биир идэлээхтэрим, институттар, кииннэр көмөлөрө улахан. Министиэристибэҕэ үлэлээбитим быһыытынан, систиэмэтин билэбин.

Улуустарынан бардахпына уһуйааннарга, оскуолаларга хайаан даҕаны киирэн тахсабын. Судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганын отчуотун кэмигэр коррекционнай оскуолалары кэрийтэрдим, сырыттым. Биирдэ даҕаны биһиэхэ отчуот кэмигэр миниистир, отчуоттуур бөлөх сылдьааччыта суох этэ диэн соһуйаллар.

– Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын? Баҕар, туох эрэ хоббилааҕыҥ буолуо.

– Миниистир иллэҥ бириэмэтэ суоҕун тэҥэ. Үлэм сарсыарда аҕыс чаастан киэһэ 10-11 чааска диэри. Атын исписэлиистэр сынньаныахтаахтар, онон өрөбүл күнү туһана сатыыбын. Дьиэтээҕи хаһаа­йыстыбабынан дьарыктанабын, дьиэ кэргэммэр болҕомто уурабын. Доруобуйабын көрүнэн, ковид кэмиттэн саҕалаан, хас өрөбүл ахсын сүүрэбин. Сылаас кэмҥэ – таһырдьа, кыһынын – саалаҕа.

– Аан дойдутааҕы дьахталлар бырааһынньыктара чугаһаата. Хайдах көрсөр былааннааххын уонна саамай сөбүлээн астыыр бүлүүдэҥ ырысыабын үллэстиэҥ буолаарай.

– Улахан асчыт буолбатахпын эрээри, оҕолорум кыраларыгар минньигэс аһынан күндүлүү сатааччыбын. Билигин өрөбүлбэр астыыбын, ол гынан баран, тус бэйэм фирменнэй бүлүүдэм диэн суох. Үксүн сөбүлээн өлүөхүмэлии эттээх, хортуоппуйдаах ыһаарыны буһарабын.

– Үөрэх миниистирэ бэйэтэ хас оҕолооҕуй?

–  Икки оҕолоохпут, улахаммыт үлэһит, кырабыт – устудьуон.

– Нюргуна Афанасьевна, бириэмэ аттаран сэһэргэспитиҥ иһин махтал. Ситиһиилэри.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: