«Нюрнберг» диэн ааттаах уус-уран киинэ быракаакка таҕыста
Бу күннэргэ дойду киинэ тыйаатырдарыгар «Нюрнберг» диэн ааттаах Улуу сэрии кэнниттэн буолбут нацистары дьүүллүүр суут туһунан сэһэргиир уус-уран киинэ таҕыста.
Киинэҕэ ааттаах-суоллаах улахан артыыстар, киинэ сулустара Евгений Миронов уонна Сергей Безруков аан бастаан бииргэ оонньуулар. Киинэ режиссера Николай Лебедев бу үлэтин Александр Звягинцев «Үйэлэр тухары» арамааныгар олоҕурбут сценарийынан туруорбут.
Нюрнберг процеһыгар анаммыт документальнай киинэлэр балай да элбэхтэ туруоруллубуттара эрээри, уус-уран киинэ бастакытын уһулунна. Байыаннай буруйу оҥорооччулары дьүүллүүр хас да ый буолбут процесс аан дойду сэрии кэннинээҕи сайдыытын хайысхатын сүрүннээбитэ. Бу суукка Сэбиэскэй Сойуус биир сүрүн кыттааччынан буолан, фашизм эргиллибэтин туһугар улахан кылаатын киллэрбитэ.
Киинэни Чехия киин куоратыгар Прагаҕа уонна Калининград, Москва, Калуга куораттарга устубуттар. Этиллибитин курдук сүрүн оруоллары Миронов уонна Безруков оонньууллар, ону таһынан Любовь Аксёнова, Сергей Кемпо, Вольфганг Черни, Алексей Бардуков, Игорь Петренко кыттыыны ылбыттар. Хартыынаҕа АХШ, Великобритания, Германия уонна да атын дойдулар артыыстара кыттыбыттар.
«Нюрнберг» мелодрама, политическай триллер, мүччүргэннээх сырыы жанрдарынан уһуллубут уустук киинэ. Көрөөччү киэҥ интэриэһин тардар, элбэҕи үөрэтэр киинэ буолуо диэн айымньы ааптардара эрэннэрэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: