Табаҕы, вейпы уонна атын никотиннаах бородууксуйаны иккис төгүлүн оҕолорго атыылааһын иһин холуобунай эппиэтинэс олохтонно. Туһааннаах уларытыылары иккис уонна үһүс ааҕыыга Судаарыстыбаннай Дуума ылынна.
«Сокуон барылынан киирбит көннөрүүлэринэн сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго табах уонна никотиннаах бородууксуйаны хас да төгүл атыылааһын иһин холуобунай эппиэтинэс олохтонор», — диэтэ Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин. Бу туһунан иһитиннэрии Судаарыстыбаннай Дуума саайтыгар таҕыста.
Кини этэринэн оҕолор ортолоругар табаҕы тардыы көрдөрүүтэ улаатан иһэр, оттон кинилэр көмүскэллэрэ Судаарыстыбаннай Дуума сүрүн соруга буолара бэлиэтэнэр.
Маннык бородууксуйаны хас да төгүл атыылааһыҥҥа 50- тан 80 тыһыынча солкуобайга диэри эбэтэр үс ыйтан алта ыйга диэри кээмэйдээх хамнастан ыстараап төлөнөр. Ону таһынан буруйдаах биир сылга диэри эбэһээтилинэй үлэнэн эбэтэр үс сылга диэри болдьоххо тустаах дуоһунастарга үлэлиирэ тохтотуллуон сөп.
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…
Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…
Саха сирэ "Патриотическай" ТОР федеральнай бырагыраама иитинэн 2024 сылга тиэхиньикэни тиэрдии былаанын толордо. Ол курдук,…
Нидерландыга 12 киһи улахан супермаркеттан тоҥ сугуну атыылаһан сиэн баран А гепатитынан ыалдьыбыт. Дойду уопсастыбаннай…
"Пушкин каартатын" көмөтүнэн, тыһыынчанан оҕо култуура тэрилтэлэригэр сылдьар, кэрэҕэ кыттыһар кыахтаннылар. "Пушкин каартата" култуура, дьиэ…
2025 сылга уоппускаҕа барарга саамай табыгастаах ыйдарынан от ыйа уонна алтынньы буолаллар. Бу туһунан РИА-Сонуннарга…