Бу кыптыыйы оҥорууга эскиһинэн XII үйэтээҕи археологтар булбут былыргы кыптыый буолла. Бу маны археологтар Амма улууһун Болугуругар Сырдык Сулус диэн сиргэ булбуттара.
Төрүт уус Александр Терентьев – Айгын Уус кэпсииринэн, былыргы кыптыыйдар 1112-1118 сыллардааҕылар, былыр учуонайдар бу кыптыыйы 1970-с сылларга булбуттара.
Амма улууһун тимир ууһа Александр Карамзин дьиҥнээх кыптыыйы үтүктэн тимиртэн кыптыый аҥаарын оҥорбут. Оттон аҥаарын Үөһээ Бүлүү улууһун уустара тимиртэн уһаарбыттара. Бу кыптыыйдары ситимниир чиэһи өрөспүүбүлүкэбит Аҕа баһылыгар Айсен Николаевка биэрбиттэрэ.
Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн, аан бастакытын өрөспүүбүлүкэтээҕи саха кыптыыйдарын «Бастыҥ болгуо – кыптыый» куонкурустара ыытыллар. Бу куонкуруска Амма улууһугар уопсайа уон алта уус күөн көрсө сылдьар. Кинилэр Бүлүүттэн, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Ньурбаттан, Сунтаартан, уус Алдантан, Чурапчыттан, Амматтан кэлэн кытта сылдьаллар.
Уустар истэригэр саха быһаҕын, хомус, ат иҥэһэтин, ат боккуобун оҥоруохтара. Манна уопсайа 136 уус кыттыыны ылыаҕа.
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…
Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…
Элэктэриичэстибэ уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулуктаах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …
Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…
Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…