«Облачнай поликлиника» технология көдьүүстээх хардарыта сибээһи олохтуур

Share

Мэдиссиинэҕэ информационнай технологиялар үрдүк таһымҥа тахсаллар. Ол да иһин, ханнык баҕарар тэрилтэ докумуоннары, эмтэнээччилэри кытары үлэлэһэргэ табыгастаах буоллун диэн сыыппаралаах тиэхиньикэни киллэрэргэ дьулуһар.

Холобурдаан эттэххэ, “Фтизиатрия” научнай-бырактыычаскай киин 2020 сылтан  “облачнай поликлиника” сиэрбиһинэн үлэлиэҕиттэн өрөспүүбүлүкэ бары кэриэтэ улуустарыгар, ол иһигэр, Арктика улуустарыгар тэлэмэдиссиинэ көмөтүн оҥордо.

“Фтизиатрия” быраастара этэллэринэн, Киин амбулатория-поликлиника подразделениеларыгар “Облачнай поликлиника” технология киллэриллэн, быраас анаммыт кэмҥэ онлайн-эрэһииминэн көрөр. Ол эбэтэр, ййн сүбэ-ама ылыан баҕалаах киһи чахчылара регистратураҕа киллэриллэллэр, регистратура сайаапкалары быраастарга ыытар, быраастар бириэмэ анаан, онлайн сибээһинэн сүбэ-ама биэрэллэр, ол түмүгүнэн тустаах эмтэнии ананар.

Чуолаан, ковид ыарыыта турар кэмигэр маннык өҥө олус табыгастааҕа бэлиэтэнэр.

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин чахчытынан, 2021 сыл түмүгүнэн,  Саха сиригэр “Облачнай поликлиника” эрэгийиэннээҕи сиэрбиһинэн 98 тыһыынча кэриҥэ киһи туһанна, 647 кэриҥэ быраас 30 тыһыынча киһиэхэ ыраахтан сүбэни-аманы биэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

12 часов ago