«Облачная поликлиника» өҥөтүнэн 350 тыһыынча киһи туһаммыт
“Облачная поликлиника” диэн сервис 49 мэдиссиинэ тэрилтэтин түмтэ. 2022 сыл саҕаланыаҕыттан быраастар 5 тыһыынчаттан тахса консультацияны ыыппыттар. Бу сервис үлэлиэҕиттэн, барыта 350 тыһыынча киһи туһаммыт.
Бу сервис быраастар үлэлэрин чэпчэтэр, дааннайдары систиэмэҕэ киллэрэр бириэмэни аҕыйатар уонна пациент туругун ыраахтан да олорон кэтээн көрөр кыах биэрэр.
— Сервис коронавирус пандемиятын үгэнин саҕана, 2020 сыл муус устар ыйыгар үлэҕэ киирбитэ. Онон тэйиччиттэн олорон үлэлииргэ олус табыгастаах этэ. Теле-мэдиссиинэ көмөтүнэн консультация син биир бырааска көрдөрүнэр курдук. Быраас экран нөҥүө олорон ыйытыылары биэрэр, ыарыһах туругун сыаналыыр, эмтэнэргэ сүбэлиир. Өрөспүүбүлүкэҕэ теле-мэдиссиинэ көдьүүстээҕин көрдөрдө – 350 тыһыынчаттан тахса киһи көрдөрүннэ. Инникитин өссө сайыннаран, кэҥэтэн иһиэхпит, — диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи информационнай-ырытар мэдиссиинэ киинин информационнай технологияларга дириэктэрэ Гаврил Васильев эттэ.
Соторутааҕыта сыстыганнаах (инфекционнай) ыарыыны кытары хантаак суох диэн туоһулуур ыспыраапканы биэрэр онлайн-өҥө баар буолла. Онон пациент маннык ыспыраапканы ылаары балыыһаҕа баран, бырааска уочараттыыра наадата суох буолла. Билиҥҥитэ 765 киһи маннык өҥөнөн туһаммыт.
— Биһиги мунаарар боппуруостарбытыгар быраастартан эмиэ консультация ылабыт. Олус түргэн уонна табыгастаах. Ону тэҥэ, пациены талбыт бырааска суруйтарыахха сөп. Усуйаанатааҕы киин балыыһаҕа быйыл алтынньыга холбоммуппут. Ыраах сытар улуустарга теле-мэдиссиинэ өҥөтө улахан, — диэн Усуйаанатааҕы киин балыыһа үлэһитэ Максим Полетучий кэпсиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: