Оборуона миниистирин кэргэнэ композитор Марк Жирков сиэнэ дуо?

Share

«Сергей Шойгу оннугар Оборуона миниистиринэн анаммыт Андрей Белоусовы сахалар күтүөппүт, кэргэнэ Лариса — композитор Марк Жирков сиэнэ» диэн иһитиннэрии социальнай ситимнэргэ тарҕанна. Белоусов кэргэнэ, дьэ, кимий?

Хаартыска: Д.Рылов.

Андрей Рэмович иккис кэргэнэ Лариса Владимировна Белоусова (Авдеева) 1961 сыллаахха төрөөбүтэ, экэнэмиис үөрэхтээх, суруналыыстыканан дьарыктанар. ТАСС кэмпириэнсийэлэрин тэрийэр уонна «Ведомости» хаһыат бырайыактарын салайар.

Лариса Владимировна Марк Жирков сиэнэ буолуон сөп дуо? Улуу композитор сиэн балта Татьяна Руфова ахтарынан, Марк Жирков төрөппүт оҕото суох этэ. Кини Бүлүү аҕабытын кыыһын Поликсиния Алексеевнаны кэргэн ылбыта. Оҕолоро суох буолан, сиэн быраатын — 9 саастаах Егор Руфову-Төбөтү иитэ ыла сылдьыбыттар, муусукаҕа үөрэттэрбиттэр. Ол эрээри, Төбөт дьонун, дойдутун ахтан, күрээн хаалбыт.

Оттон Марк Жирков түөрт бииргэ төрөөбүттээх этэ. Билэр дьон: «Лариса Владимировна — кини бииргэ төрөөбүтүн сиэнэ» дииллэрэ оруннаах курдук. Оннук буоллаҕына, Оборуона миниистирин кэргэнэ Саха сириттэн төрүттээх, саха хааннаах эбит.

Марк Николаевич эбэтэ саха этэ, Бүлүү хаһааҕа Семен Жирковка кэргэн тахсыбыта. Кинилэр уоллара Николай Семенович — Марк Жирков аҕата, олус үчүгэй куоластаах ырыаһыт бэрдэ этэ. Ийэтэ Прасковья Михайловна нуучча кыыһа, икки тылынан холкутук кэпсэтэрэ, ыллыыра. Жирковтарга олоҥхоһуттар кэлэн олоҥхолууллара, ол ону барытын кыракый Марк иҥэринэн улааппыт. Жирковтар биэс оҕону төрөтөн, улаатыннарбыттара диэн Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар суруллар.

Хаартыска: Д.Рылов.

2018 сыллаахха Москватааҕы консерваторияҕа Марк Жирков аатынан куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалааһыҥҥа композитор дьиэ кэргэнин аатыттан «Доверие молодым» анал бирииһи Галина Ивановна Авдеева уонна Лариса Владимировна Белоусова туттарбыттар. Бу бирииһи Дьокуускайдааҕы Муусука үрдүкү оскуолатын бүтэрбит Александр Степанов туппут диэн Москватааҕы консерватория саайта суруйар.

Онон Лариса Белоусова Марк Жирков чугас аймаҕа буолара, Саха сириттэн төрүттээҕэ чуолкай эбит. Саха хааннааҕа дьүһүнүгэр да көстөр курдук.

What’s your Reaction?
+1
119
+1
7
+1
4
+1
4
+1
11
+1
10
+1
13

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago