Салгыы
Оборуона министиэристибэтэ быстах хомуурга сыһыаннаан тугу быһаарар эбитий?

Оборуона министиэристибэтэ быстах хомуурга сыһыаннаан тугу быһаарар эбитий?

23.09.2022, 17:22
Бөлөххө киир:

Оборуона министиэристибэтэ быстах кэмнээх хомуурга (мобилизация)  сыһыаннаан тугу быһаарарын манна ааҕыҥ:

— туруоруллубут соруктары толорууга наадалаахтар ыҥырыллыахтара — бу, биллэн турар, бэргэн ытааччылар, танкистар, артиллеристар, суоппардар, мэхээнньик-суоппардар;

— саппааска сылдьааччыларга хомуурга ыҥырыыга уочарат диэн суох, ол эрээри сөптөөх байыаннай-учуоттанар идэҕэ сөп түбэһээччилэргэ ордук болҕомто ууруллар;

— ыҥырыллааччылар ахсааннара байыаннай чаастар штаттарын толорууга наадыйыынан быһылынна;

— сүрүн ирдэбиллэртэн биирдэстэрэ – бойобуой уопуттара;

— офицердары сэргэ рядовойдар уонна сержаннар ыҥырыллыахтара;

— сокуон быһыытынан хомуурга 35 саастарыгар диэри саастаах рядовойдар уонна сержаннар, 50 диэри саастаах младшай офицердар, 55 диэри ыстаарсайдар ыҥырыллыахтаахтар;

— сөптөөх байыаннай-учуоттанар идэлээх дьахталлар солбуйуохтарын сөптөөх дуоһунастар бааллар, холобура, медүлэһиттэр – ол эрээри бу исписэлиистэргэ соччо наадыйбаттар.

Сокуоҥҥа олоҕуран ыҥырыллыбаттар:

— броньнаах гражданнар, кинилэргэ оборона бырамыысыланнаһын үлэһиттэрэ киирэллэр;

— доруобуйаларын туругунан быстах кэмҥэ сөбө суохтарынан билиниллибиттэр;

— дьиэ кэргэннэрин чилиэнин биитэр бастакы группалаах инбэлииттэри бастайааннай көрөөччүлэр-ыарыылааччылар;

— 16 диэри саастаах 4-тэн уонна онтон ордук элбэх оҕолоохтор.

Кинилэри сэргэ ийэлэрэ 4 уонна онтон элбэх 8 саастарыгар диэри саастаах оҕолордоох уонна кинилэри кэргэнэ суох иитэр буоллахтарына:

— олохтоммут бэрээдэгинэн тэрилтэҕэ броньнаах гражданнар ыҥырыы болдьоҕун уһаттарар бырааптаахтар, “Мобилизацияҕа бэлэмнээһин туһунан” сокуон 18 ыстатыйатын  1 пуунугар олоҕуран;

— байыаннай биэнсийэлээх сэбилэниилээх күүстэр биэдэмэстибэлэригэр сыһыаннааҕыттан тутулуга суох,  астаапкаҕа олорор буоллаҕына (65 сааһын ааспыт эбэтэр доруобуйатын туругунан) уонна байыаннай учуоттан уһуллубут буоллаҕына, кини хомуурга ыҥырыллыбат;

— саппааска олорооччулартан ыҥырыллааччылар ахсааннарыгар кубуота олохтоммот, ыҥырыллар саппаас кээмэйиттэн таһааран хас биирдии эрэгийиэҥҥэ хомуурга туспа сорудах чопчуланна, ити эрэгийиэҥҥэ байыаннай учуокка турар дьон ахсааныттан тутулуктаах;

— Арассыыйа тас өттүгэр олохсуйбут уонна байыаннай учуокка турбат буоллахтарына, оттон кылгас кэмҥэ дойдуларыттан барбыттар уонна Арассыыйаҕа олорор сиринэн байыаннай учуокка турааччылар ыҥырыллыахтарын сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: