Оборуона министиэристибэтин быстах хомуур туһунан быһаарыыта
23.09.2022, 10:26
Бөлөххө киир:
Оборуона министиэристибэтэ быстах хомуурга (мобилизация) сыһыаннаан тугу быһаарар эбитий?
- Туруоруллубут соруктары толорууга наадалаахтар ыҥырыллыахтара — бу бэргэн ытааччылар, танкистар, артиллеристар, суоппардар, мэхээнньик-суоппардар;
- саппааска сылдьааччыларга хомуурга ыҥырыыга уочарат диэн суох, ол эрээри сөптөөх байыаннай-учуоттанар идэҕэ сөп түбэһээччилэргэ ордук болҕомто ууруллар;
- ыҥырыллааччылар ахсааннара байыаннай чаастар штаттарын толорууга наадыйыынан быһылынна;
- сүрүн ирдэбиллэртэн биирдэстэрэ – бойобуой уопуттара;
- офицердары сэргэ рядовойдар уонна сержаннар ыҥырыллыахтара;
- сокуон быһыытынан хомуурга 35 саастарыгар диэри саастаах рядовойдар уонна сержаннар, 50 диэри саастаах младшай офицердар, 55 диэри ыстаарсайдар ыҥырыллыахтаахтар;
- сөптөөх байыаннай-учуоттанар идэлээх дьахталлар солбуйуохтарын сөптөөх дуоһунастар бааллар, холобура, медүлэһиттэр – ол эрээри бу исписэлиистэргэ соччо наадыйбаттар;
- сокуоҥҥа олоҕуран ыҥырыллыбаттар: бронньаах гражданнар, кинилэргэ оборуона бырамыысыланнаһын үлэһиттэрэ киирэллэр, доруобуйаларын туругунан быстах кэмҥэ сөбө суохтарынан билиниллибиттэр, дьиэ кэргэннэрин чилиэнин биитэр бастакы группалаах инбэлииттэри бастайааннай көрөөччүлэр-ыарыылааччылар 16 диэри саастаах 4-тэн уонна онтон ордук элбэх оҕолоохтор кинилэри сэргэ ийэлэрэ 4 уонна онтон элбэх 8 саастарыгар диэри саастаах оҕолордоох уонна кинилэри кэргэнэ суох иитэр буоллахтарына;
- олохтоммут бэрээдэгинэн тэрилтэҕэ броньнаах гражданнар ыҥырыы болдьоҕун уһаттарар бырааптаахтар, “Мобилизацияҕа бэлэмнээһин туһунан” сокуон 18 ыстатыйатын 1 пуунугар олоҕуран;
- байыаннай биэнсийэлээх сэбилэниилээх күүстэр биэдэмэстибэлэригэр сыһыаннааҕыттан тутулуга суох, астаапкаҕа олорор буоллаҕына (65 сааһын ааспыт эбэтэр доруобуйатын туругунан) уонна байыаннай учуоттан уһуллубут буоллаҕына, кини хомуурга ыҥырыллыбат саппааска олорооччулартан ыҥырыллааччылар ахсааннарыгар кубуота олохтоммот, ыҥырыллар саппаас кээмэйиттэн таһааран хас биирдии эрэгийиэҥҥэ хомуурга туспа сорудах чопчуланна, ити эрэгийиэҥҥэ байыаннай учуокка турар дьон ахсааныттан тутулуктаах;
- Арассыыйа тас өттүгэр олохсуйбут уонна байыаннай учуокка турбат буоллахтарына, оттон кылгас кэмҥэ дойдуларыттан барбыттар уонна Арассыыйаҕа олорор сиринэн байыаннай учуокка турааччылар ыҥырыллыахтарын сөп.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: