Саха сирин общиналарын бэрэстэбиитэллэрэ сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Кулун тутар 24 күнүгэр сарсыардаттан Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар дьоннор сибэкки, оонньуур аҕалан уураллар, чүмэчи уматаллар. Кинилэр Красногорскайга «Крокус Сити Холл» комплекска теракт буолбутуттан улаханнык курутуйалларын биллэрэллэр. Өрөспүүбүлүкэ национальнай общиналарын бэрэстэбиитэллэрэ сибэкки дьөрбөтүн аҕалан уураллар.
«Бу иэдээни оҥорбут сидьиҥ санаалаахтары уонна ону тэрийээччилэри ханна да бырастыы гымматтар. Терроризм, экстремизм, фашизм суох буолуохтаахтар. Норуоттар доҕордоһуулара суох эрэгийиэн да, дойду да сайдыбат», — диэн СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистир Гаврил Кириллин этэр.
Кэнники дааннайынан, теракт түмүгэр 133 киһи өлбүт, кимнээҕин быһаараллар. Умайбыт саалаҕа үлэлиир анал тиэхиньикэ аҕалыллыбыт, үлэ ыытыллар.
«Москва таһыгар буолбут алдьархай — бүтүн киһи-аймахха улахан трагедия.Бу иэдээн киһилии толкуйа суох, сиэрдэрин сүтэрбит сидьиҥ санаалаахтар дьыалалара. Өлбүттээхтэргэ дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин уонна бары түмсүүлээх буолуоҕуҥ», — диэн этэр Саха сиригэр ыччат Ассамблеятын бэрэссэдээтэлэ Нуруддин Нуруддинов.
«Бу барыбыт сүтүкпүт. Алдьархайы устубут видеоларын көрөн киһи ытыыр», — диэн этэр Дьокуускай олохтооҕо Гликерия Филимонова уонна бары биир санаалаах буоларбытыгар этэр.
«Бу буолбут иэдээнтэн киһи хайдах да айманар, хараастар. Биһиги соторутааҕыта кыыспытын сүтэрбиппит. Онон бу иэдээҥҥэ оҕолорун сүтэрбит төрөппүттэр сүрэхтэрэ, дууһалара хайдахтаах ыалдьарын мин өйдүүбүн. Барыларыгар тулууру баҕарабын», — диир болуоссакка сибэкки дьөрбөтүн уураары кэлбит Александра Мазек.
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кулун тутар 24 күнүн Кутурҕан күнүнэн биллэрбитэ. Бу күн дойду үрдүнэн араас аралдьытар тэрээһиннэр ыытыллыбаттар.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…