Обургу оҕолор байыаннай-спортивнай лааҕырга түмүстүлэр
Бүгүн, атырдьах ыйын 1 күнүгэр, обургу оҕолору түмэр, үөрэтэр, дьарыктыыр сыаллаах «Путь Росомахи» диэн байыаннай-туристическай лааҕыр үлэтин саҕалаата.
Бу туһунан Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэттэрин эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайааччытын солбуйааччы Лена Иванова иһитиннэрэр.
— Лааҕырга 12 — 17 саастаах оҕолор сылдьаллар. Нэдиэлэ устатыгар 140 оҕо байыаннай-спортивнай бэлэмнэниини барыахтара, мэдиссиинэ көмөтүн оҥоро үөрэниэхтэрэ, турист үөрүйэхтэригэр уһуйуллуохтара. Өссө манна араас оонньуулар ыытыллаллар. Ол курдук, мэһэйдэрдээх сирдэринэн сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулар, төрөөбүт дойдуну таптыырга үөрэтэр, билиини-көрүүнү хаҥатар тэрээһиннэр, — диир кини.
Манна уопуттаах педагогтар, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ оҕолору дьарыктыахтара, үөрэтиэхтэрэ-такайыахтара.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3409891 манна киирэн көрүөххэ сөп.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: