ОДьКХ-ны онлайн төлүүр табыгастаах
Күннэтэ олохпут цифровой буолан иһэр. Биһиги атыыласпыппытын төлүүр, таксыы сакаастыыр, доҕотторбутун кытта тэйиччи олорон кэпсэтэр кыахтанныбыт.
Билигин дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүн иэһин төлөөһүн судаарыстыбаннай өҥө эрэгийиэннээҕи порталыгар https://e-yakutia.ru/#/ultrapayment сыылканан “Түмүллүбүт төлүүр докумуон” (“Объединенный платежный документ”) саҥа сервис көмөтүнэн олус судургу уонна киһи барыта туһанар кыахтанна.
“Түмүллүбүт төлүүр докумуон” диэн тугуй?
“Түмүллүбүт төлүүр докумуон” (ОПД) – бу табыгастаах тэйиччиттэн төлүүр сервис, аҕыйахта баттаан ОДьКХ иэһин төлүүргэ көмөлөһөр. Сервис суукканы эргиччи, өрөбүлэ уонна бырааһынньыкка өрөбүлэ суох үлэлиир, салайар хампаанньа эбэтэр баан офистарыгар сылдьыыны эрэйбэт.
Сервис туох ордуктааҕый:
•биирдэ баттаан ОДьКХ төлөбүрүн барытын төлөөһүн;
•учуоттуур прибордар көрдөрүүлэрин биэрии;
•төлөбүр ааҕыллыытын сиһилии суруллубут квитанцията;
•учуоттуур прибордар көрдөрүүлэрин архыыба;
•төлөбүр устуоруйата;
•хас даҕаны аадырыһынан квартираны төлөөһүн;
•каассаҕа сылдьар эбэтэр ОДьКХ хааччыйааччылар (поставщиктар) араас кэбиниэттэригэр үгүс ахсааннаах тус кэбиниэти арыйар наадата суох;
•ОДьКХ толорооччуга быһа сибээскэ тахсыы;
•ОДьКХ төлөбүрүгэр субсидия ылааччыларга ОДЬК төлөбүрүгэр чахчылар ОПД сервиһиттэн киирэллэр.
Сервиһинэн хайдах туһаныахха?
1.e-yakutia.ru саайтка киириҥ, судаарыстыбаннай өҥөнөн логин уонна пароль көмөтүнэн бэлиэтэниҥ, портал сүрүн сирэйигэр “Төлөбүр” разделы талыҥ.
2.“Оплатить все услуги в один клик” диэни баттааҥ.
3.Олорор дьиэҕитин “Добавить” кунуопканы баттаан эбиҥ. Салгыы аадарыскытын суруйуҥ уона “Продолжить” диэни баттааҥ. Эһиги дьиэҕит туһунан чахчылар киириэхтэрэ уонна кэлин хаттаан киллэрэр ирдэммэт.
4.Аһыллыбыт түннүккэ аадырыскытын баттаан төһө ааҕыллыбытын бэрэбиэркэлиэххитин уонна төлүөххүтүн, ону тэҥэ учуоттуур прибордар көрдөрүүлэрин биэриэххитин, урут төлөөбүккүт туһунан көрүөххүтүн сөп.
*түмүллүбүт төлүүр докумуон тус счеттарга уонна ОДьКХ өҥөлөрүнэн хааччыйааччылар киллэрбит ааҕыыларыгар олоҕурар.
“Сарсын да төлүөхпүт” диэн уһатымаҥ!
“Түмүллүбүт төлүүр докумуон” табыгастаах сөрвиһинэн туһаныҥ уонна ОДьКХ иэскитин бүгүн төлөөҥ!
“Түмүллүбүт төлүүр докумуон” (ОПД) – дьиэ-уот хомунаалынай өҥөлөрүн төлүүргэ эрэллээх көмөлөһөөччүгүт!
Реклама. ГАУ РС(Я) «Центр ЖКХ и энергоэффективности«. ИНН 1435232626
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: