Одьулуун Хотун туһунан кинигэ таҕыста

Share

Бэҕэһээ, алтынньы 13 күнүгэр, Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар бэлиэ түгэн тосхойдо. Манна  Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун хос бэрэссэдээтэлэ, Духуобунас академиятын вице-бэрэсидьиэнэ, саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов “Мать Чингисхана” диэн саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ.

Бу кинигэ быйыл Саха сиригэр биллэриллибит Ийэ сылыгар уонна алтынньыга буолар Ийэ күнүн көрсө тахсан, үгүс ааҕааччыларга дьоһун бэлэх буолла. Саҥа тахсыбыт, нууччалыы тыллаах кинигэ Арассыыйаҕа уонна омук дойдуларыгар тарҕанан, атыыга баран эрэр. Онон атын омук ааҕааччылара саха литературатын туһунан өйдөбүлү сомсор кинигэлэриттэн биирдэстэрэ буолла.

“Мать Чингисхана” кинигэни Арассыыйатааҕы Суруйааччылар уонна бэчээттээн таһаарааччылар ассоциациялара (АСПИ) Николай Лугинов Чыҥыс Хаан туһунан арамааннарыттан ийэтэ Одьулуун Хотун туһунан кэрчиктэри талан, таҥан оҥорбут. Быйыл төрөөбүт тылларынан суруйар-айар 4 суруйааччы айымньыларынан 4 кинигэни таһаарбыттар. Бу чулуу айымньыларга саха суруйааччытын кинигэтэ киирбитэ кэрэхсэбиллээх.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Ил Түмэн оҕо саас уонна дьиэ кэргэн дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата Алена Атласова кэлэн, эҕэрдэ тылын анаата.

Кинигэни сүрэхтээһиҥҥэ Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, М. Горькай аатынан РСФСР Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, нуучча чулуу прозаига, бу кинигэ тылбаасчыта Владимир Карпов кэлэн кытынна. Кини Николай Алексеевичтыын бииргэ М. Горькай аатынан Литература институтун үрдүкү литература куурустарыгар үөрэммиттэрин, доҕордоспуттара 40-тэн тахса сыл буолбутун туһунан кэпсээтэ. Бу доҕордоһуулара, истиҥник санаһыылара, бэйэ-бэйэлэрин чугастык билсиилэрэ кыттыгас айар үлэлэригэр көмөлөһөр, биир тылтан өйдөһөллөр эбит.

Мин бэйэм Алтаайга төрөөбүтүм, улааппытым. Ол эмиэ ураты сир. Ол эрээри бу хоту сир ураты тыынын, тыйыс дойдуну иччилиир хоһуун дьонун туһунан Николай Алексеевичтан билбитим. Бу хотугу кыраайы таптаабытым. Аан бастаан “Кустук” кэпсээнин тылбаастаан баран, олус сөхпүтүм. Көҥүлгэ тардыһыы, олоххо таптал көстүүтэ, хотугу дьон тыйыс майгылара, сыаннастара – барыта ураты, умсугутуулаах этэ.

Николай Лугинов математик идэлээх буоларынан, арамааннара бары кытаанах кэнсиэпсийэлээхтэр, идиэйэлээхтэр. Кини аан бастаан, суруйа да илигинэ, арамаан кэнсиэпсийэтин оҥорор. Ону тылбаасчыт ордук чугастык билэр. Бу кинигэҕэ Чыҥыс Хаан ийэтин туһунан саамай чаҕылхай, дириҥ ис хоһоонноох кэрчиктэр, түҥ былыргы номохтор хомуллан, биир сэһэн курдук таҥыллан киирдилэр. Дьиктитэ диэн, барыта харчы сыһыаныгар эриллибит аныгы үйэҕэ, ким да кимиэхэ да босхо тугу да оҥорбот кэмигэр ассоциация бэйэтэ иилээн-саҕалаан таһаарбыта кэрэхсэтэр.

Бу айымньыга таптал күүһэ көстөр. Ол курдук, төрөппүттэрин тапталыттан аан дойду баһылыга төрөөбүтүн, ийэ оҕотугар таптала Чыҥыс Хааны иитэн таһаарбытын, оттон эр киһи дьахтарга таптала быстан эрэр биистэн төрүттээх эдэр киһи сэриигэ аан бастаан туруммутун, кыайбытын-хоппутун туһунан олус дириҥник уонна чаҕылхайдык ойууланар. Бу барыта билиҥҥи кэмҥэ баар, киһи ис дьиҥэ уонна үйэлээх сыаннастар уларыйбаттар, — диэн Владимир Карпов кэпсээтэ.

Бу кинигэ тахсыытыгар мин сыһыаным да суох курдук, хаһан эрэ суруйбутум эрэ диэхпин сөп. Тахсарын туһунан истибэккэ да сылдьыбытым. Соторутааҕыта Москваҕа Норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа ыҥыран, сүрэхтээтилэр. Ийэ туһунан түмүллэн киирбитэ ааҕааччыны тардар, кэрэхсэбиллээх буолбут дии санаатым. Арамааҥҥа киирбит үһүйээннэри хомуйан, икки улахан сэһэн оҥорон тылбаастаатылар. Бастатан туран, Одьулуун Хотун туһунан, иккиһинэн, Чыҥыс Хаан уонна Дьамыыха доҕордоһууларын, трагедиялаах олохторун туһунан сэһэннэр кинигэҕэ киирдилэр, — диэн Николай Лугинов бэлиэтээтэ.

Ирэ-хоро кэпсэтии

Кэпсэтиигэ ааҕааччылар эмиэ кыттыстылар. Бэлиэтээн эттэххэ, саалаҕа толору киһи мустубут, олоппос тиийбэккэ, эбии киллэрдилэр. Бу суруйааччы айар үлэтин сүгүрүйээччилэрэ элбэхтэрин көрдөрөр.

“Сэбиэскэй уонна аныгы кэмҥэ суруйааччы үлэтэ туох уратылааҕый?” диэн ыйытыыга икки улахан суруйааччы толору хоруйу биэрдилэр. Ол курдук, Владимир Карпов эдэр сылдьан бастакы кинигэтин гонорарын сууматыгар 2 хостоох кыбартыыраны, эбэтэр, талбыт массыынатын ылар кыахтааҕын кэпсээтэ. Тылбаасчыкка гонорар 40%-нын биэрэллэрэ.

Оттон билигин суруйааччыга, кини айар үлэтигэр сыһыан уларыйан турар. Николай Алексеевич этэринэн, Сэбиэскэй Сойууһу ыһан баран, “арҕааҥҥы адьырҕалар” аан бастакынан Суруйааччы сойууһун үбүлээһинин тохтотторбуттар. Ити норуот духуобунаһын быһыы, куорҕаллааһын, эрдэттэн оҥоһуллубут былаан этэ. Онон 30 сылы быһа туох да көмөтө суох, суруйааччы бэйэтэ төлөөн кинигэтин таһаарар буолбута.

Билигин АСПИ ассоциациятан национальнай суруйааччылар диэки хайыспыта, кинигэлэрин үбүлээн таһаарар буолбута, хамсааһын тахсан эрэрин туоһулуур. Мустубут дьон мантан да атын тиэмэлэргэ ирэ-хоро кэпсэтэн тарҕастылар.

Дьон санаата

“Бүтүн омугу өрө көтөҕөр айымньы”

Сэмэн Тумат, саха норуодунай суруйааччыта:

— Нууччаларга Владимир диэн кэскиллээх аат баар. Саха литературатыгар Владимир диэн ааттаах нуучча дьоно чулуу суруйааччыларбыт айымньыларын тылбаастаан, бүтүн омук аптарытыатын өрө көтөҕөр тылбаастары оҥордулар. Ол курдук, Владимир Державин Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун, Владимир Солоухин Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларын, оттон 21-с үйэҕэ биһиги кэммит чулуу айымньытын — Николай Лугинов “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” арамаанын Владимир Карпов тылбаастаата. Онон бу үс Владимир саха литературатыгар суолталаах дьон буолалларынан, кинилэргэ махталбыт улахан.

Уус-уран тылбаас баар буолан, литература сайдар, норуот өрө көтөҕүллэр. Чыҥыс Хаан ийэтэ көннөрү дьахтар буолбатах. Норуоттары сомоҕолуур уолу иитэн таһаарбыт Ийэ императрица да буолар кыахтаах. Одьулуун Хотун туһунан кинигэ Ийэ судаарыстыбаннай оруолун, дьиэ кэргэн иһигэр иитэн империялыы санааны иҥэрии туһунан ойуулуур. Уол оҕо ийэтин удьуор хаанын батар, ол курдук Чыҥыс Хаан курдук улуу салайааччы ийэтиттэн ылбыт дьоҕурунан, толкуйунан аан дойдуну баһылаатаҕа. Омос көрдөххө, Саха сиригэр сыһыана суох курдук, ис дьиҥин ыллахха, сыһыаннаах буоллаҕа дии.

Елена Слепцова-Куорсуннаах, саха норуодунай суруйааччыта:

— Сүрдээх улахан суолталаах айымньы күн сирин көрдө. Биһигини сэбиэскэй кэмҥэ Чыҥыс Хаан баттаан-үктээн олорбута диэн үөрэтэллэрэ. Уларыта тутуу кэмигэр норуот бэйэтин тэринэн-көрүнэн, олохпутугар судаарыстыбаннас тыына киирэн барбытыгар “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” арамаан тахсан, саха дьоно кынаттаммыт, күүһүрбүт курдук буолбуппут. Ол саҕана сүтэ сыспыт итэҕэлбит, фольклорбут бу айымньыны кытары уһуктан кэлбиттэрэ. Бу айымньыга ийэ уобараһа, мин көрүүбүнэн, сүрдээх дириҥ силистээх-мутуктаах. Оччотооҕу сиэр-туом да көстөр. Ол курдук, кэмин иннинэ Одьулуун Хотун уолугар итэҕэли иҥэрбитэ кини бүтүн империя баһылыга буоларыгар төһүү буолбута саарбаҕа суох.

Түүрдэргэ Ытык Халлаан итэҕэлэ баара. Чыҥыс Хаан итэҕэлин быһыытынан, Ытык Халлаан ыйааҕынан, Улуу Моҕоллор үйэлэрэ кэллэ диэн, онно бас бэринэн, аан дойдуну сэриилии барар. Киниэхэ баай-дуол наадата суоҕа, улуу идиэйэ, итэҕэл сирдьит буолбута. Бу саҥа кинигэҕэ атыннык көстүбүт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

29 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

32 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago