Горнай улууһугар айрширскай боруода сүөһүлэри аҕаллылар

Share

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр Маҕарас агрооскуола кэпэрэтиибигэр Томскай уобаластан, СПК «Белосток» диэн тэрилтэттэн, биэс күн айаннаан айрширскай боруода 13 бургунаһа кэллэ, диэн «Үлэ күүһэ» хаһыат суруйар.

Кинилэр этэҥҥэ айаннаан кэлэн, бэрт холкутук «КАМАЗ» массыынаттан түстүлэр. Онтон саҥа, киэҥ-куоҥ хотонноругар киирэн, бэрт көхтөөхтүк уонна сэниэлээхтик дойдубут отун сиэн бардылар. Онон айрширскай боруода сүөһүлэрэ саҥа сиргэ олохсуйан, биһиги тыйыс айылҕабытыгар үөрэнэн, төрөөн-ууһаан, өлгөм үүтү биэриэхтэрэ диэн эрэнэбит. Билигин сүөһүлэр ирдэбил быһыытынан 30 күн харантыыҥҥа тураллар.

Алена Васильева

What’s your Reaction?
+1
10
+1
5
+1
0
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

9 часов ago