Бу Горнай улууһугар Одунуга “Уһук Илин 1000 тиэргэн” федеральнай бырагыраама иитинэн оҥоһулунна. Нэһилиэккэ бу иккис уопсастыбаннай эйгэ тэриллиитэ.
«Тиэргэни уонна уопсастыбаннай эйгэни ситэрэн, тупсаран оҥоруу олох хаачыстыбатыгар дьайар. Маныаха бырайыакка улахан куораттар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннара эмиэ кытталлар«, — диэн бэлиэтээн турар Ил Дархан Айсен Николаев.
Былырыын «Эйгэ» архитектурнай бириэмийэҕэ бастыҥ тиэргэҥҥэ кыайыылааҕынан сэлиэнньэҕэ тутуллубут «Аартык» мини-паарка буолбута. Билиҥҥи мини-паарка бырайыагын, былырыыҥҥы курдук, АБ Nomado хамаанда оҥорбут, бэдэрээччит — «Техстандарт» ХЭУо.
Саҥа дьоҕус паарка Дьулуур түөлбэҕэ, Орто Күөл кытылыгар турар. Манна сибиэһэй салгыҥҥа күүлэйдиир, сынньанар, оҕолор оонньуур сирдэрэ, ыскамыайкалар бааллар. Уоттаах-күөстээх, массыына туруорарга анал сир эмиэ баар.
«Олохтоохтору кытары кэпсэтэн, биһиги манна кыһын нэһилиэк тэрээһиннэрэ, күрэхтэһиилэр ыытыллалларын, кыһыны атааралларын, муҥхалыылларын билбиппит. Онон дьыл бары кэмигэр туһалаах буоларын курдук толкуйдаабыппыт«, — диэн архитектордар, АБ Nomado салайааччылара Анку Гасич, Айталина Брызгалова бэлиэтииллэр.
«Манна сирэ-уота олус кырасыабай буолан, сүбэлэһэн баран, тупсарыахха диэн толкуйга кэлбиппит. Олохтоохтор бу саҥа пааркаларын көрө-истэ сылдьыахтара диэн эрэнэбит. Бырайыак оҥоһулларыгар кыттыбыттарга барыларыгар махтанабыт«, — диэн этэр нэһилиэк баһылыга Владимир Текеянов. Кини салгыы киин уулусса тупсарыллыахтааҕын, саҥа дьоҕус пааркаларынан 2024 сылга «Эйгэ» архитектурнай бириэмийэҕэ кыттар былаан баарын иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, Уһук Илиҥҥэ нэһилиэнньэлээх пууннары саҥардан, тупсаран оҥорууну РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илин Федеральнай уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлээбитэ.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3373290 манна ааҕыҥ.
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…
Балбахов Виссарион Дмитриевич, үйэ чиэппэрэ кэм устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…
Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…