Офтальмологическай балыыһаҕа Нам олохтоохторун бөлөҕүн эпэрээссийэлээтилэр

Дьокуускайдааҕы офтальмологическай балыыһаҕа Нам оройуонуттан ыарыһахтар бөлөҕө киирбит. Быраастар катаракталаах 21 ыарыһахтарга суһал көмөнү оҥордулар. Кинилэргэ анаан улуус дьаһалтата тырааныспар анаата.
«Офтальмологическай балыыһаны кытта хас да сыл устата бииргэ үлэлиибит. Сыл аайы Дьокуускайга суһаллык эмтэниигэ араас ыараһахтары ыытабыт. Улуус дьаһалтатын күүһүнэн ыарыһахтары киин куоракка таһабыт. Бу кэмҥэ сорохтор тэҥник икки харахтарыгар эпэрээссийэлэри оҥоттордулар. Сотору кэминэн Нам оройуонугар офтальмологическай балыыһа быраастара кэлэрэ былааннанар», — диэн Нам улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев иһитиннэрдэ.
Саха сирин оройуоннарыттан суһаллык эмтээһиннэр икки сыл устата ыытыллаллар. Киин оройуоннааҕы балыыһалар эпэрээссийэҕэ сөптөөх ыараһахтары сүүмэрдииллэр, анаалыстарын бэлэмнииллэр уонна киин куоракка ыыталлар. Бу иннинэ харах балыыһатыгар Амма уонна Чурапчы оройуоннарын олохтоохторо ситиһиилээхтик эмтэммиттэрэ.
Мобильнай офтальмологтар Саха сирин ыраах оройуоннарыгар эпэрээссийэлэри оҥорууга эмиэ тахсаллар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Луцкан бэлиэтииринэн, уочарат бигэ туруктаах буолан ыарыһахтар мэдииссинэ көмөтүнэн кэмигэр туһаналлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: