Салгыы
Офтальмология биригээдэтэ ханнык улуустарга тиийэргэ бэлэмнэнэрий?

Офтальмология биригээдэтэ ханнык улуустарга тиийэргэ бэлэмнэнэрий?

26.01.2024, 15:15
хаартыска: Офтальмология балыыһатын архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килииничэскэй балыыһатын мобильнай биригээдэлэрэ Саха сирин улуустарыгар тиийэн үлэлииллэрэ  үтүө үгэскэ кубулуйда. 

Балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Луцкан иһитиннэрбитинэн, балыыһа мобильнай биригээдэ олунньуга  Анаабыр, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү улуустарыгар үлэлиэҕэ.

Барыллаан графикка өссө Уус Алдан, Нам уонна Уус Маайа улуустара киллэрилиннилэр. Кулун тутарга офтальмологтар Абый, Орто Халыма, Аллараа Халыма, Чурапчы уонна Амма улуустарын олохтоохторун харахтарын туругун бэрэбиэркэлиэхтэрэ уонна эмтиэхтэрэ.

Манна сыһыаран биир үөрүүлээх сонунун үллэһиннэххэ, Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһата өрөспүүбүлүкэҕэ  Үлэ сылын тэрээһиннэрин бастыҥ ыытааччылар куонкурустарыгар бас билии бары көрүҥнээх тэрилтэлэрин ортолоругар кыайыылаах таҕыста. Кэлэктиипкэ 300 тыһыынча суумалаах сэртипикээт туттарылынна.

“Бу биһиэхэ олус соһуччу буолла. Кыайыылаахтар ааттара бүтэһиккэ диэри кистэлэҥҥэ тутуллубута. Биһиги балыыһабыт түмсүүлээх кэлэктиибэ саҥаттан саҥа ситиһиилэнэргэ уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун доруобуйаларын туһугар үлэлииргэ бэлэм. Бу – биһиги хамаандабыт: быраастар, мэдиссиинэ сиэстэрэлэрин, санитардар, тэрилтэ дьаһалтатын кыайыыта. Дьоҕус эрээри, үлэһит кэлэктииппит  түмүктэринэн өрөспүүбүлүкэ киэн туттар”, — диэн Иван Луцкан  кэлэктиибин дьонугар махтанна.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: