Оҕо 1,5 сааһыгар диэри босуобуйа толору төлөнөр

Share

Үлэлиир төрөппүттэр оҕо 1,5 сааһын туолуор диэри оҕо көрөн олорорго бэриллэр босуобуйаны ылар кыахтаахтар. 

Төрөппүттэр оҕо 1,5 сааһын туола илигинэ дэкириэт уоппускатыттан тахсан үлэлиир да буоллахтарына, бу босуобуйаны ылаллар.

Оҕону көрөн олорорго бэриллэр босуобуйаны ийэ, аҕа, эбэ, эһэ да ылыахтарын сөп. Социальнай пуонда бу иннинээҕи икки сыллааҕы хамнас 40 %-нын төлүүр.

2025 сылга бу суума — 10 103 солкуобайтан 68 995 солкуобайга диэри халбаҥныыр. 

Толорута суох күҥҥэ үлэҕэ таҕыстахха, дьиэттэн олорон үлэлээтэххэ, оҕо 1,5 сааһын туолуон иннинэ үлэҕэ толору таҕыстахха да, бу босуобуйа төлөнөр.

Маны тэҥэ, үлэлиир төрөппүттэр биир кэлим босуобуйаны ыларга сайабылыанньа суруйуохтарын сөп.

Ол эбэтэр, оҕо көрөр киһи баар буоллаҕына, ийэ үлэтин хамнаһын, оҕо көрөн олорорго бэриллэр босуобуйаны уонна биир кэлим босуобуйаны (ирдэбилгэ эппиэттэһэр буоллаҕына) тэҥинэн ылыан сөп.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев уонна Ирина Гусева «Үлэ кыбартаалыгар» сырыттылар

Ил Дархан Айсен Николаев уонна ВАРМСУ (Олохтоох бэйэни салайыныы Бүтүн Арассыыйатаабы ассоциацията) хос бэрэссэдээтэлэ Ирина…

20 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Такси суоппара төлөпүөнү булан баран…

Дьокуускайга 3 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар 40 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уордарбытын туһунан олохтоох дьахтартан…

40 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

Ыччаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт

Ахсынньы 9 күнэ дойду үрдүнэн Дьоруойдар күннэринэн  биллэриллибитэ. [gallery ids="260717,260718,260719,260720,260722,260723"] Дьоруойдар күннэрин 1769 сыллаахха Екатерина…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Икки талаан көрсүһүүтэ

Саха сиригэр Мандар Уус 80 сааһын республика киэҥник бэлиэтээтэ. Мандар Ууһу илэ тутан олорон эҕэрдэлээри,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

I Өспөххө икки уопсай дьиэ үлэҕэ киирдэ

Уус Алдан улууһун I Өспөх нэһилиэгэр хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан икки уопсай дьиэ үлэҕэ киирдэ.…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Итирэн баран бииргэ олорор дьахтарын кырбаабыт

Арыгы иһэн баран бииргэ олорор дьахтарын кырбаабыт киһиэхэ холуобунай дьыала тэриллибит. 4 №-дээх полиция отделын…

2 часа ago