Оҕо атаҕастабылын эрдэттэн бохсуохха!
Бу күннэргэ Дьокуускайга уйулҕа үлэһиттэрин V пуорумнара буола турар. Үс сиэксийэнэн арахсан, өрөспүүбүлүкэ тутаах тэрилтэлэрин психологтара уонна улуустартан бу эйгэ үлэһиттэрэ кыттыылаах улахан тэрээһин буолла.
Мин бүгүн ыччат уонна эрдэҕэс саастаах оҕолорго сыһыаннаах, кинилэр эйгэлэригэр туһааннаах хайысхаҕа сыһыаннаах сиэксийэҕэ сырыттым. Тэрээһиҥҥэ спикердэринэн психологтар кытыннылар. Ол курдук «психолого-медико-социальнай арыаллааһын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин» методическай үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы Татьяна Алешина оскуолаҕа ыытыллар оҕолорго аналлаах тургутуу нөҥүө оҕо дууһатыгар буола турар быһыыга-майгыга дьайыахха сөбүн туһунан бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ. Ол курдук, эрдэҕэс саастаах оҕо дьонун кытта аһаҕас сыһыана суох буоллаҕына, бэйэтигэр бүгэн хаалыан сөбүн, бэйэҕэ тиийинии курдук уустук балаһыанньаны быыһанар суол курдук көрүөн сөбүн туһунан сыыппаралары холобур аҕалан иһитиннэрдэ. Алешина этиитигэр үгүс ыйытыы киирдэ. Маннык балаһыанньаҕа кимнээх үлэлэһиэхтэрин сөбүн, кылаас салайааччыта, төрөппүт көмөлөрүн туһунан бэрт сиһилии кэпсээтэ.
Пуорум өрөспүүбүлүкэ психологтарын түмэн, кинилэр санааларын истэн, санаа атастаһан бэрт туһалаах тэрээһин диэн көрдүм. Оҕо көмүскэллээх буолуутугар, кинини уустук балаһыанньаттан өрүһүйүүгэ психолог оруола улахан. Хас биирдии тэрилтэҕэ, оскуолаларга бу уустук идэлээх үлэһиттэр үлэлэрин түмүгэ — оҕо өлүүлээх иэдээннэр аччааһыннара уонна оҕо атаҕастабылын кэмигэр таба көрөн сэрэтэр үлэлэри оҥоруу буолар. Эрдэҕэс саастаах оҕолор кыһалҕаларын хайысхатыгар уопсайа сэттэ спикер кыттыыны ылла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: