Оҕо дьиэтигэр иитиллэр тулаайах оҕо ахсаана 3 төгүл аҕыйыахтаах

Share

Саха сиригэр 656 тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕо 235 ыалга иитиллэр. Бу туһунан үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова кэпсээтэ.

2023 сыл түмүгүнэн, 142 оҕону иитэр ыалларга биэрбиттэрэ. 2022 сыллаахха — 127 оҕону.

Онтон билигин 415 тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕо баар. Өссө 137 дьиэ кэргэн (92 кэргэннии пааралар, 45 соҕотох дьон) оҕону иитэ ылыахтарын баҕараллар.

Оҕону иитэ ылыан баҕалаахтар олорор сирдэринэн эппиэкэ уорганнарыгар баран билсиэхтээхтэр, докумуоннары хомуйан бэлэмниэхтээхтэр уонна «Төрөппүт оскуолатыгар» үөрэниэхтээхтэр.

Тулаайах оҕолор тустарынан информацияны эппиэкэ уорганнарыгар уонна https://www.usynovite.ru саайтка көрүөххэ сөп.

Ил Дархан Айсен Николаев чугастааҕы биэс сылга судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ иитиллэр тулаайах оҕолор ахсааннарын 3 төгүл кыччатарга сорук туруорбута.

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago