Салгыы
Оҕо доруобуйата ийэтин үүтүттэн олус тутулуктаах

Оҕо доруобуйата ийэтин үүтүттэн олус тутулуктаах

29.07.2024, 15:19
Хаартыска: Уопсастыба доруобуйатын киинэ
Бөлөххө киир:

Оҕо инники удьуорун эрчимэ (наследственная энергия) оҕо өссө төрүөн  иннинэ төрөппүттэриттэн бэриллэр. Ол эбэтэр төрөппүттэрэ оҕолоругар төһө саппаастаах эрчими иҥэрбиттэриттэн оҕо дьылҕата түстэнэр.

Ол курдук, оҕо төрөөбүтүн  кэнниттэн ийэ үүтэ оҕоҕо «удьуор сүүрээнин» күүһүрдэр. Ийэ үүтэ оҕоҕо тугунан да солбуллубат, бары өттүнэн туһалаах. Ийэ үүтүн  испит оҕолор, бу өйдөөн көрдөххө,  бороһуок үүтү  испит оҕолордооҕор кыра эрдэхтэриттэн бэрээдэктэрэ, толоругастара, үөрэнэр-үлэлиир кыахтара, эттэрэ-сииннэрэ чэгиэн, ыарыыны утары охсуһар күүстээх, мэйиилэрин сайдыылара  баай буолар. Оҕо күүтэр ийэ күннээҕи аһылыга, эрэсиимэ —  барыта оҕотугар биллэр, сайдарыгар сабыдыаллыыр.

“Оҕо төрөтөргө  былаанныыр эдэр ыал кырата 3 ый инниттэн тугу аһыырын көрүнүөн наада”, —  диэн доцент, биологическай наука хандьытаата Любовь Павловна Ильина   этэр.

Аны туран аһы туһалаах уонна буортулаах диэҥҥэ араарыахха сөп. Туһалаах ас —  туох да атын эбиилигэ, кырааската, химията суох, киһи этигэр-сиинигэр наадалаах, туһалаах, ол эбэтэр битэмииннээх, минераллаах ас. Маннык ас  аҕыйах күнүнэн түргэнник буортуйар. Онтон маҕаһыын долбууругар ыйы-ыйынан, сылы- сылынан турар аска буортуйбатын туһугар  хайаан да эбилик (пищевые добавки) куталлар. Ол курдук, ароматизатор  сыты- сымары биэрэр, кырааскалааччы —  өҥү-дьүһүнү эбэр, консервант —  ас өр кэмҥэ буортуйбатын хааччыйар, хойуннарааччы — маассаны хойуннарар, антиокислитель – өр харайыллар убаҕаһы аһыппат, эмульгатор — убаҕастары холбуур, биир кэлимсэ оҥорор. Хомойуох иһин, маннык эбииликтэр киһи доруобуйатыгар олус буортулаахтар. Киһи куртаҕын, оһоҕоһун салахайдарын суох онороллор, онон бу уорганнар ас буһарар кыахтара мөлтүүр. Өссө ньиэрбэҕэ дьайан, депрессияҕа тириэрдиэхтэрин сөп. Ол курдук, оҕо доруобуйатын олус кэбирэтэр астар элбэхтэр.

Онон саамай үчүгэй аһылыгынан ааҕыллаллар:  үүт, эт, сир аһа, оҕуруот аһа, фрукта. Бу астар өр кэмҥэ битэмиининэн, эниэргийэнэн хааччыйаллар.

Оҕо күүтэр уонна  кырачааны  эмиийдиир дьахталларга аспартаамнаах (саахар оннугар туттуллар бороһуок) ас көҥүллэммэт. Ол метанол диэн дьааттаах испиири үөскэтэн, оҕо сайдарыгар мэһэйдиэн сөп.

Оҕону төрүөҕүттэн туһалаах аска үөрэтиҥ, оччоҕо буортулаах астан тэйиэ, чэгиэн буолуо. Оҕону 5 сааһыгар диэри тугунан аһаппыккытын  олоҕун тухары тутуһуо. Онон ыарырҕаппакка, хас биирдии ыал бэйэтэ оҕуруот тэринэн, бэйэ сүөһүтүн  ииттэн олордоҕуна, доруобай, чэгиэн буолар кыахтаахпыт диэхпин баҕарбытым эрээри,  ону бары кыайан тутуспаппыт буоллаҕа. Иҥэмтиэлээх аһы аһааҥҥыт, эккэ-хааҥҥа  туһалаах эттиктэр куруук баар буолалларын хааччыйыахха сөп. Оччоҕо киһи чэбдик, доруобай сылдьар, эниэргийэтэ элбэх буолар.

Эмилия Анатольевна ТОКОЕМОВА, педиатр-быраас

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: