Оҕо доруобуйата – төрөппүт сүрүн кыһамньыта
Төрөппүт оҕотун доруобуйатын тиһигин быспакка кэтээн көрүөхтээх. Ол эбэтэр ханнык да кутталлаах ыарыыга ылларбатын туһугар сөп буола-буола мэдиссиинискэй чинчийии ыыттарыахтаах.
Төрөппүт оҕотун Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын туһанан, исписэлиистэргэ босхо көрдөрүөхтээх, ону сэргэ диспансеризация өҥөтүнэн туһаныахтаах.
Оҕолор эмчиттэргэ төһө элбэхтик көрдөрүөхтээхтэрий?
-Бииригэр диэри саастаах оҕо – ый аайы. Кырачааннар доруобуйаларын педиатр, невролог, оҕо хирура уонна офтальмолог быраастар көрөллөр. Кинилэр ис көҥдөйүн уорганнарыгар, сүрэххэ уонна иэччэх сүһүөҕэр УЗИ оҥороллор.
-1-2 саастаахтар – үс ыйга биирдэ. Кинилэргэ оҕо психиатрыгар сылдьыы эбиллэн биэрэр.
-2-3 саастаахтар – сыл аҥаарыгар биирдэ.
-3-тэн үөһээ саастаахтар – сылга биирдэ.
-14 саастарыттан – стоматологтан уонна неврологтан сүбэ-ама ылыахтаахтар.
Оҕоҕут доруобуйата – төрөппүт илиитигэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: