Салгыы
Оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр киин үлэһиттэрэ Орто Халымаҕа үлэлээтилэр

Оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр киин үлэһиттэрэ Орто Халымаҕа үлэлээтилэр

Ааптар:
28.12.2022, 18:30
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 20-22 күннэригэр Оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин үлэһиттэрэ хамаанда тэринэн Орто Халыма куоратыгар тиийэн үлэлээтилэр. Түөрт киһилээх хамаанданы Киин дириэктэрэ Зинаида Максимова салайан илдьэ сырытта.

Манна социальнай-психологическай-педагогический салаа сэбиэдиссэйэ Акулина Лаврентьева, Эрдэлээн көмө салаатын сэбиэдиссэйэ Елизавета Семенова, ЛФК бырааһа Петр Попов үлэлээтилэр. Бу айаны СӨ «Кэлэр күлүөнэ» тус сыаллаах пуонда оҕону сайыннарар «Оҕо саас лабораторията» (АНО Гармоничного развития детей «Лаборатория детства» НО «Целевой фонд будущих поколений РС (Я)») үбүлээн ыытта.

Киин исписэлиистэрэ үс күн тигинэччи үлэлээтилэр. Кинилэр улуус балыыһатыгар, орто оскуолаҕа, «Саһарҕа» оҕо уһуйааныгар сылдьан, төрүөхтэриттэн 18 саастарыгар диэри 70 оҕону көрдүлэр-иһиттилэр. Бу оҕолор төрөппүттэригэр сүбэ-ама биэрэн, бары ыйытыыларыгар хоруйдаан, дьон биһирэбилин ыллылар. Ону таһынан улуус социальнай үлэһиттэригэр, реабилитологтарыгар, быраастарыгар, психологтарыгар, логопедтарыгар, дефектологтарыгар методическай көмөнү оҥордулар.

Сырыы түмүгүнэн улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Александра Явловскаяны кытта улуус социальнай харалтаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ управлениеларын үлэһиттэрэ, улуус кылаабынай бырааһа, оҕо бырааһа кыттыылаах холбоһуктаах мунньах буолла. Манна бары бииргэ түмсэн оҕо доруобуйатын уонна этэҥҥэ сайдыытын боппуруостарын сомоҕолуур (координационнай) сүбэни тэрийэргэ уолдьаспытын кэпсэттилэр, инбэлиит, сайдыылара мөлтөхтүк баран иһэр оҕолору реабилитациялааһын, абилитациялааһын боппуруостарын дьүүллэстилэр.

Киин социальнай-психологическай-педагогический салаа сэбиэдиссэй Акулина Лаврентьева: “Бастакы күн «Саһарҕа» уһуйааҥҥа үлэлээбиппит. Манна 2-5 саастаах, ону кытта икки инбэлиит оҕолору көрбүппүт, консультация, рекомендация биэрбиппит. Оҕолор үксүлэрэ саҥалара ситэ сайдыбатах. Ол кэннэ оскуолаҕа тиийбиппит. Биһиги кэлиэхпит иннинэ манна ПМПК хамыыһыйата сылдьыбыт этэ. Кинилэр биһиги Кииммитигэр реабилитацияны ааспыт икки оҕону инбэлииттэн таһаарбыттар. Кинилэр уопсай оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаллар, ол аата биһиги үлэбит түмүгэ таҕыстаҕа диэн үөрэбит.

Мин Халымаҕа бу бастакы сырыым. Биһигини ып-сылаас халлаан көрсүбүтэ. Дьон-сэргэ олус кэпсэтинньэҥэ, үөрүнньэҥэ, эйэҕэһэ харахха быраҕыллар. Оскуола иннигэр остуоруйа дьоруойдарын хоһуйан наһаа элбэх хаар оҥоһук туруорбуттарын сэргии көрдүбүт. Биһиги кэлиэхпититтэн барыахпытыгар диэри сирдээн илдэ сылдьыбыт үөрэх управлениетын үлэһитэ Любовь Алексеевна Оконешниковаҕа улахан махталбытын тиэрдэбит», — диэн санаатын эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: