“Оҕо доруобуйатын тупсарар аллеяны” оҥоруохпут
Дьокуускай куоракка 1976 сыллаахха 12 №-дээх “Улыбка” оҕо уһуйаана “Строительнай” уокурук кырачаан иитиллээччилэригэр аанын тэлэччи аспыта. Ол кэмтэн ыла номнуо 49 сыл элэҥнээн ааста. 2026 с. тапталлаах уһуйааммыт тэриллибитэ 50 сыла буолар.
Бу сыллар усталаах-туораларыгар биһиги үлэбитигэр-хамнаспытыгар сүҥкэн уларыйыылар киирэннэр, үөрэхтээһин эйгэтигэр үгүс сайдыы барда диэтэхпитинэ, сыыспаппыт.
Биһиги уһуйааммыт бастаан саҥаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах бөлөхтөрдөөх, онтон эбии алын сүһүөх оскуолалаах үлэлээн-хамсаан олорбута. Күн бүгүн сайдыы суолугар үктэнэммит, “Оҕо сайдар киинэ” диэн хайысханан хас биирдии иитиллээччигэ болҕомто ууран, усулуобуйа тэрийэн үлэлии олоробут.
Бу сыллар тухары “Улыбка” уһуйааҥҥа араас көлүөнэ иитээччилэр үлэлээн-хамсаан аастылар. Билигин биһиги 71 буолан күннэтэ оҕо туһугар диэн санаанан салайтаран, уопсайа, 310 оҕону үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйа сылдьабыт. Бары биир киһи курдук үлэлиир тэрилтэбит тупсарын, оҕолорбут сайдалларын туһугар хас биирдии төрөппүт үтүө санаатынан кынаттанан күннэтэ түбүгүрэбит.
Үөрэхтээһин эйгэтэ биир сиргэ туруо суохтааҕын өйдүүр уонна билэр буоламмыт, оҕону кыра сааһыттан өй-санаа, билии-көрүү, эт-хаан өттүнэн эргиччи сайдыылаах буоларга иитэбит. Ону таһынан, муусука, живопись, успуорт, инженерия, саха тыла, төрүт фольклор уонна да атын хайысхалары сайыннараммыт таһаарыылаахтык үлэлээн, үтүө түмүктэрдээхпит. Ол курдук, уокурук, куорат, өрөспүүбүлүкэ уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы тэрээһиннэргэ, куонкурустарга кыттан, инники күөҥҥэ сылдьабыт.
Күн бүгүн биһиги уһуйааммытыгар “Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа” кыттан, “Оҕо доруобуйатын тупсарар аллея” оҥорор баҕалаахпыт.
Манна биһиги иитиллээччилэрбит бука бары, ону тэҥэ доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор сылаас кэмҥэ сибиэһэй салгыҥҥа дьарыктанан, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, эт-хаан өттүнэн сайдан доруобуйаларын тупсарыахтара, сайдыахтара.
Ыра санаа оҥостубут бырайыакпыт олоххо киирэрин кэлэктиип, төрөппүттэр уонна иитиллээччилэр олус кэтэһэбит.
Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама өссө да уһун сылларга үбүлэнэн, олохпут таһыма үрдүүрүн туһугар үлэлии турдун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Марита Колодезникова, Дьокуускай к. “12 N-дээх оҕо сайдар киинэ-уһуйаан” сэбиэдиссэйэ, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: