Оҕо күн сирин көрдө даҕаны, “Госуслуги” портал нөҥүө сайаапканы толорон, төрөөбүтүн туһунан туоһу суругу ылаҕын. Бу – оҕо бастакы докумуона. Маны электроннай көрүҥүнэн эмиэ оҥорторуохха сөп. Онто суох оҕо төрөөбүтүн регистрациялыыр табыллыбат.
Төрүүр дьиэҕэ саҥа киһи кэллэҕинэ, ийэтин сөбүлэҥинэн электроннай мэдиссиинискэй докумуону оҥороллор, ону ийэ “Госуслуги” порталга тус кэбиниэтигэр тутар. Манна мэдиссиинэ үлэһиттэрэ оҕо төрөөбүт күнүн-дьылын, бириэмэтин, ыйааһынын, уһунун бэлиэтээн суруйаллар.
Ийэ ити кэнниттэн оҕотун төрөөбүтүн туһунан сайаапканы толорор, саҥа киһини ааттаан докумуоҥҥа киллэрэр. Өскөтүн оҕо толору дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт буоллаҕына, аҕа эмиэ кыттыыны ылар, “Госуслуги” нөҥүө оҕо аатын кытта сөпсөһөрүн бэлиэтиир.
ЗАГС уоргана эбэтэр Элбэх өҥөнү оҥорор киин оҕо төрөөбүтүн туһунан сайаапкаҕа уонна электроннай мэдиссиинискэй докумуоҥҥа олоҕуран, ЗАГС биир кэлим судаарыстыбаннай реестригэр гражданскай турук аактатыгар цифровой бэлиэни суруйан киллэрэр. Онтон “Госуслуги” порталга ийэ тус кэбиниэтигэр оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһу сурук уонна аакта суруллубутун туһунан сибидиэнньэ бэлэм буолбутун иһитиннэриитэ кэлэр.
Электроннай мэдиссиинскэй сибидиэтэлистибэ – оҕо төрөөбүтүн бигэргэтэр, ону тэҥэ оҕо бэйэтин уонна төрөппүттэрин туһунан информацияны илдьэ сылдьар официальнай докумуон. Бу докумуону “Госуслуги” порталга тус кэбиниэт нөҥүө ылыахха сөп.
Ханнык докумуоннар ирдэниллэллэрий?
Оҕо төрөөбүтүн туһунан электроннай мэдиссиинискэй сибидиэтэлистибэни оҥорторорго ийэ пааспара, СНИЛС уонна Булгуччулаах мэдиссиинискэй страховкалааһын докумуоннара наадалар. Бу докумуоҥҥа мэдиссиинискэй тэрилтэ эрэгийиэнин бэлиэтэ, шифринэн суруллубут куодтаах диэҥҥэ көстөр цифровой нүөмэр иҥэриллэр уонна электроннай мэдиссиинискэй докумуоннар реестрдэригэр регистрацияламмыт күнүгэр бэриллэр. Онтон оҕо төрөөбүтүн регистрациялаан, сибидиэтэлистибэни ылбытын кэннэ оҕо карточката тус кэбиниэккэ 5 үлэ күнүн устатыгар оҥоһуллар.
Электроннай мэдиссиинискэй сибидиэтэлистибэни “Госуслуги” портал тус кэбиниэтигэр оҥорторуу эбии өҥө быһыытынан буолар, ЗАГС уорганыгар оҥоһуллар кумааҕы сибидиэтэлистибэни солбуйбат.
Докумуон кэлбэтэҕинэ…
Өскөтүн электроннай мэдиссиинискэй сибидиэтэлистибэни тутуу туһунан иһитиннэрии суох буоллаҕына, “Госуслуги” порталга «Дьиэ кэргэн (семья)» диэн салааҕа киирэн «Оҕо төрөөбүтүн регистрациялааһын (регистрация рождения)» өҥөтүн баттыыгын. Салгыы төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэни тус кэбиниэккэ ыыттарарга сайаапканы толороҕун.
Сайаапканы түһэрэргэ РФ гражданинын пааспара, кэргэннии буолууну туоһулуур сибидиэтэлистибэ, оҕо аҕатын дааннайдара (СНИЛС, электроннай почтата), ону тэҥэ оҕоҕо ааты талыы наада буолар. Аҕа сөбүлэҥин биэрдэ да сайаапка ЗАГС-ка ыытыллар.
Докумуон кумааҕынан көрүҥэ
Ийэ оҕотун төрөөбүтүн туһунан электроннай мэдиссиинискэй докумуону кумааҕынан эмиэ оҥорторон ылар кыахтаах. Ол курдук “Госуслуги” порталга, ЗАГС уорганыгар, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ сайаапканы толорон ыытыан сөп. Бастакы кэмҥэ электроннайы оҥорторбут эбит да буоллаҕына, кэлин кумааҕынан хос оҥорторуон сөп.
Төрөппүккэ “Госуслуги” тус кэбиниэтэ туохха туһалыырый?
Билигин бу саамай табыгастаах көрүҥ. Ол курдук:
– Оҕону олорор сиригэр регистрациялыырга;
– ОМС полиһын оҥорторорго;
– Араас босуобуйалары, төлөбүрдэри уонна ийэ хапытаалларын ыларга;
– Оҕону уһуйааҥҥа суруйтарарга;
– Оҕону бырааска суруйтаран көрдөрөргө.
Оттон оскуола үөрэнээччилэригэр уонна кинилэр төрөппүттэригэр биир уопсай платформа нөҥүө араас наадалаах докумуоннары, иһитиннэриилэри ыларга эмиэ олус табыгастаах. Ол курдук төрөппүт:
– Оҕотун үөрэҕэр наадалаах сэртипикээттэри, хадаатайыстыбалары, ыспыраапкалары уонна да атын докумуоннары дьиэҕэ олорон эрэ тутар кыахтанар.
– Оҕо уруокка ылбыт сыаналарын, дьиэҕэ үлэлэри, көтүтүүлэри, чиэппэр түмүгэр хайдах баран иһэрин кэтээн көрөр.
– Үөрэх тэрилтэлэрин кытта электроннай сибээһи тутар. Төрөппүт уонна үөрэнээччи портал нөҥүө ыйытыктары биэриэн, көмө көрдүөн уонна сүрүн биллэриилэри тутар.
– Оскуола уонна үөрэх бырагыраамаларын туһунан иһитиннэриилэр үөрэх тэрилтэтин таларга суолу ыйаллар.
– Үөрэх ресурсалара, электроннай учебниктар, онлайн-куурустар, төрөппүккэ аналлаах сүбэлэр, үөрэнээччигэ көмө буолар, билии эбэр матырыйааллар бааллар.
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…