Оҕо ийэ-аҕа тапталын билэр бырааптаах
Оҕолор улааппыттарын кэннэ, оҕо дьиэтиттэн кырачааннары ылан иитэр ыаллар бааллар. Маннык гынан, тулаайах оҕолорго дьиэ кэргэн сылаас эйгэтэ, ийэ-аҕа таптала диэн тугун биллэрэллэрэ, улахан олоххо бэлэмнээх гына иитэллэрэ, куорсун анньан көтүтэллэрэ кэрэхсэбиллээх.
Төрөппүт оҕону эрэ буолбакка, тулаайах, бу олоххо муммут курдук сананар, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕону сүрэххэ-быарга чугастык ылынан, тапталынан угуттаан, бэйэ оҕотуттан итэҕэһэ суох иитэр, улаатыар, үлэһит буолуор диэри улахан эппиэтинэһи ылынар диэн туһугар хорсун быһыы буоллаҕа…
Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкованы кытта биир маннык ыалга – үс оҕону иитэ ылбыт Бороновтарга ыалдьыттаатыбыт. Киирэн истэхпитинэ, кырачааннар түннүгүнэн өҥөҥнөөн, кэтэспиттэрин биллэрдилэр. Дьиэ иһэ ырааһа, уурбут-туппут курдук тупсаҕайа харахха быраҕыллар. Оҕолор туспа хостоохтор, элбэх оонньуурдара тус-туспа наарданан тураллар.
Ыал ийэтэ Зояна Петровна үөрэ-көтө көрүстэ. Икки улаханнара устудьуоннар. Оҕолоро улааппыттарын кэннэ, Зояна Петровна тэлэбиисэринэн “Ищу маму” диэн тулаайах оҕолор тустарынан биэриини көрөр буолан хаалбыт. Быһаарынан баран, “Оҕону иитэр төрөппүттэр оскуолаларыгар” үөрэммит. Ол биэриигэ бу оҕолору таба көрөн, дьиэ кэргэнин кытары сүбэлэһэн баран, 2020 сыллаахха үстээх Бэлланы уонна кини балыстаах сурдьун – игирэ Кираны, Кириллы ылбыттар.
Оҕолорго сахалыы ааттары биэрбиттэр – Кираны Кэрэли, Кириллы Дьулуур, Бэлланы Айыына диэн ыҥыраллар. Айыына билигин урукку аатын билиммэт, “Бэлла детдомҥа хаалбыта” диир. Кырачааннар бэрт түргэнник сахалыы саҥара үөрэммиттэр.
Балыыһаҕа көрдөрө сырыттахтарына, Айыына төрүөҕүттэн сүрэҕэр боруоктааҕа биллибитэ. Онон суһал соҕустук Новосибирскайга баран, эпэрээссийэлэппиттэрэ. Икки кыралар бу кэмҥэ эбээ-эһээ көрүүтүгэр хаалбыттара. Бастакы сыллара балыыһаҕа ааспыта. Пандемия буолан хаалан, кэлиигэ-барыыга уустуктары үөскэппитэ.
“ОЛОҔУ АТЫННЫК, САҤАТТАН КӨРӨР БУОЛАҔЫН”
Зояна Петровна буҕаалтыр идэлээх. Оҕолорун көрөр кэмигэр үлэтиттэн уурайан, социальнай хантараак көмөтүнэн, дьиэтигэр иистэнэр сыах арыйбыта. Көмө харчынан иистэнэр массыыналары, матырыйааллары атыыласпыта. Кини уруккуттан иистэнэр. Ийэтэ, эбэлэрэ бары иистэнэллэр, норуот маастардара да бааллар. Кини сөбүлүүр дьарыгынан бэйэ дьыалатын арынан, оҕо көрөр кэмигэр бириэмэтин бэйэтэ аттарынар. Саха таҥаһын тигэр, ол атыыга хамаҕатык барар. Маны тэҥэ, кини ХИФУ психологияҕа салаатыгар магистратураҕа үөрэнэ киирбит. Онон, оҕо ииттэ ылан баран, олоҕо тосту уларыйбыта диэххэ сөп.
– Үс оҕону ылан баран, үлэлииргэ ыарахан этэ. Урут наар үлэлии-хамсыы сылдьыбыт киһи эмискэ тохтоон хаалан баран, күнү быһа оҕолору кытта дьарыктанар уонна балыыһаларынан эрэ сылдьар буолбутум. Онон толкуйданан баран, бэйэ дьыалатын арынарга быһаарыммытым.
Оҕолорум биир ыйдаахтарыгар оҕо дьиэтигэр киирбит буолан, уйулҕа өттүнэн охсууну ылбыттарынан, элбэх дьон ортотугар сылдьалларын куттаналлар этэ. Ол иһин бастаан аҕыйах оҕолоох чааһынай уһуйааҥҥа сылдьыбыттара. Онтон судаарыстыбаннай уһуйааҥҥа тута миэстэ биэрбиттэрэ. Билигин онно үөрэ-көтө бараллар. Ыллыыллар, хоһоон ааҕаллар, илиинэн оҥороллорун, оҕолору кытта көхтөөхтүк оонньуулларын сөбүлүүллэр.
Уолбут аутоагрессиялаах этэ, ол эбэтэр, бэйэтин бэйэтэ охсунара. Онуоха инбэлиит оҕолор анал уһуйааннарыгар сырытыннар диэн сүбэлээбиттэрэ. Толкуйдаан, психологтарга сылдьан сүбэлэтэн баран, быһаарыммытым. Ыалдьар оҕолорго бардаҕына, кинилэри үтүктэн, сайдыбакка, төттөрү түһэн хаалыа диэн санааттан, көннөрү уһуйааҥҥа ыыппытым. Онно психолог уонна дьиэ кэргэн тьютора диэн бааллар, олор көмөлөһөн, билигин үчүгэйдик сылдьар.
Кыра оҕолордоммутум наһаа үчүгэй. Олоҕу атыннык, саҥаттан көрөр курдук буолаҕын. Сороҕор саныыбын ээ, арай, кырачааннары ылбатаҕым буоллар, хайыам этэй? Улахаттарым баран хааллахтара дии, онтон кыра оҕо аттыгар баара үчүгэй, бэрээдэктиир, олоххун толору суолтанан, тапталынан толорор.
– Оҕону иитэ ылыахтарын баҕарар дьоҥҥо тугу сүбэлиэ этигиний?
– Ылыахтарын баҕарар дьон эрдэттэн санана, толкуйдуу сылдьар буолаллар. Ылбат дьон ол туһунан санаабаттар даҕаны. Онон оҕону иитэ ылыаххытын баҕарар буоллаххытына, туохтан да куттаммакка, ылыҥ, бастакы хардыылары оҥоруҥ. Бастаан “Оҕону иитэр төрөппүттэр оскуолаларыгар” хайаан да үөрэниэххэ наада. Маннык ыарахаттары көрсүөххүтүн сөп диэн үөрэтэллэр, бэлэмнииллэр.
– Үлэлиигин, үөрэнэҕин, хайдах барытын ситиһэҕин?
– Баҕардахха, барыта табыллар. Дьонум да көмөлөһөллөр, хайа уонна оҕолор уһуйааҥҥа сылдьаллар буоллаҕа дии. Барыта этэҥҥэ буолуо диэн эрэллээхпин. Тулаайах оҕо диэн суох буоллун, хас биирдии оҕо ийэ-аҕа тапталын билэр, дьиэ кэргэн сылааһыгар угуттанан улаатар бырааптаах…
“ОҔОНУ ИИТЭР ЫАЛЛАРГА ТӨЛӨБҮР ҮРДҮӨҔЭ”
Елена Волкова, үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ:
– Былырыын оҕону иитэр ыалларга ыйдааҕы төлөбүр кээмэйэ, Ил Дархан ыйааҕынан, икки төгүл үрдээбитэ.
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт Анал этиитигэр ыйбытынан, салгыы оҕону иитэр дьиэ кэргэттэргэ ыйдааҕы төлөбүр кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах.
Билигин төлөбүр кээмэйэ араас, оҕо сааһыттан эмиэ тутулуктаах, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах төлөбүрдэр бааллар. Онон министиэристибэҕэ билигин бу төлөбүр кээмэйин үрдэтэргэ үлэ бара турар.
2023 сыл туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 3972 оҕо тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт. Кинилэртэн 3519 оҕону (88,5%) ыаллар иитэ ылбыттар. Онон 400-тэн тахса оҕо иитэ ылар дьиэ кэргэттэри кэтэһэллэр.
Ол да буоллар, кэнники сылларга оҕону иитэр ыаллар ахсааннара эбиллэр, тулаайах оҕо ахсаана сыыйа көҕүрүүр. Холобур, 2013 сыллаахха 845 тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕо баара.
2022 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев оҕону иитэр төрөппүттэргэ төлөбүрү икки төгүл улаатыннарар туһунан ыйаах таһаарбыта. Онон ыйдааҕы төлөбүр 16 480 солкуобайга (1-кы зонаҕа) уонна 14 715 солкуобайга (2-с зонаҕа); иккис уонна онтон кэлэр оҕоҕо 9888 солкуобайга уонна 8829 солкуобайга тэҥнэспитэ.
Инбэлиит оҕоҕо уонна 14 сааһын туолбут оҕону иитэ ыллахха, эбии төлөбүрдэр бааллар. Уонтан элбэх оҕону иитэ ылбыт дьиэ кэргэҥҥэ тырааныспар атыылаһалларыгар 837 426 солкуобай көрүллэр. Маны тэҥэ, хаһаайыстыбаларын кэҥэтэллэригэр, сайылыктаналларыгар анаан сир учаастага бэриллэр.
2022 сылтан “Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ “Оҕону иитэр дьиэ кэргэн” диэн туспа номинация баар буолбута, кыайыылаахтар 300 тыһыынча солкуобайы ылаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: