Оҕо кутун туппут учуутал Андрей Стручков

Share

«Өбүгэм үөрэҕэ үрдүгүн,

Өйдөөҕүн, кэрэтин, дириҥин.

Төһөлөөх миэхэ күүс угарын

Мин өрүү сөрү диэн сөҕөбүн»

(Семен Данилов)

Былыр даҕаны, быйыл даҕаны дьон-сэргэ ортотугар күүстээх дьоннор бааллар.        «Кинилэр күүһү хантан ылалларый?» диэн ыйытыкка: «Айылҕаттан уонна өбүгэлэриттэн», -– диэн   судургу эппиэт баар. Ити кылгас эппиэти ситэрээри,  2019 сыллаахха   тахсыбыт «Ыал үөрэҕиттэн» диэн кинигэбэр  бэйэм бэркэ билэр  убаастыыр киһим, учуутал   Андрей Андреевич Стручков: «Кырдьык даҕаны, бүгүн өбүгэбит үөрэҕэ саха киһитин   этин-сиинин киппэтин, уйулҕата тулуурдааҕын, өйө-санаата тобуллаҕаһын,  сытыы, мындыр өйүн сайыннаран, сайдыы бары өттө тутуһуллан,  үс кут өрө тутуллан, баччаҕа диэри кэллэхпит.  Өбүгэлэрбититтэн үөрэнэрбит үгүс.  Баай-байылыат олохтоох, киһилии сиэрдээх, үтүөнү-кэрэни кэрэхсиир, айар дьоҕурдаах дьону   өйүүр омукка эрэ  сайдыы барарын,  бас-көс дьоммут сайдыы бу суолун тутуһаллара үрдүккэ-кэрэҕэ сирдиэҕэ», -– диэн этиитигэр сигэммит эбиппин.  А.А.Стручков бэйэтин киһи уонна учуутал быһыытынан  көрдөрөр тыллары бу кэлин сылларга    тустаан дьарыктанан оҥорбут, бүтүн олоҕун устатыгар сүрэҕэр сөҥүөрбүт санааларын уонна билбит-көрбүт матырыйаалын түммүт «Туруулаһыы» диэн кинигэтигэр булабыт.

Андрей Андреевич быраатым Сэмэнниин  биир кылааска үөрэммиттэр. Өндөрөй суруксут уола  диэн аатынан биллэрин, үөрэҕэр өрүү кыанарын, ырыаны-тойугу да үрдүктүк тутарын биир дойдулааҕым, биир иэдэлээҕим быһыытынан истэр да, билэр да этим. Ол гынан, аан бастакы алтыһыы бэрт интэриэһинэй түгэнтэн саҕаламмыт эбит. 1970 с. үрдүк үөрэх кэнниттэн Хаптаҕайга  үлэлээн баран, дойдубар Төҥүлүгэ кэлбитим. Андрей Андреевич эмиэ саҥа учууталлаан эрэр эбит этэ.  Чугас киһитэ олохтон туораан, кыһыл бүлүүс таҥас да кытаанахтык булуллар кэмэ буоллаҕа. Миэхэ кыһыл баархат таҥас баарын көрдөспүттэригэр  биэрбитим. Онтон ыла билэн, оскуола иһинээҕини син кэпсэтэрбит эбитэ буолуо. Билиигэ-көрүүгэ умсугутар, дьулуурдаах учуутал буоларын оҕолор кэпсээннэриттэн истэ-билэ сырыттахпыт. Ордук кини  оҕоттон бэриллибит сорудаҕы, дьиэтээҕи үлэни чиэһинэйдик толорору ирдиирин, оҕолору сайыннарар айымньылаах методикалааҕын, чиҥ билиини биэрэрин, оҕо кутун тутарын туһунан үгүстүк  истэрим. Айымньылаах үлэһит, биир идэлээҕэ, СӨ үтүөлээх учуутала  Евдокия Ченянова: «Үөрэммит учууталбын холобур оҥосторум, туох эмэ ситиһиилэммит буоллахпына,  үлэм саҕаланыытыгар сөптөөх суолу булларбыт учууталым   Андрей Андреевич буолар», -– диэн махтанан суруйар.

Сотору Балыктаахха дириэктэринэн ананан,  бэрт ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Мин районоҕа  иниспиэктэринэн үлэлии сылдьан анал боппуруоһунан бэрэбиэркэҕэ кэлэ сырыттахпына,   Андрей Андреевич уопуттаах салайааччылар А.Е.Жиркованы, Т.С.Михайлованы, В.А.Кычкинаны  кытары биир тылы булан, иитэр-үөрэтэр үлэни утумнаахтык ыыталларын итэҕэтиилээхтик  көрдөрбүтэ, оскуола материальнай базата хаҥаабыта харахха тута көстөрө.

Учуутал, салайааччы үөрэтэр оҕолорун  айылҕаттан уратыларын арыйыыта, сайыннарыыта, кинилэр олоххо миэстэлэрин таба булалларын хайысхалааһына иитэр-үөрэтэр үлэтин ис хоһоонунан буолар уонна үөрэтэр биридимиэтин сүрүн өйдөбүллэрин  аттаран систиэмэҕэ киллэриитэ улахан үлэттэн тахсар.

Андрей Андреевич 1991-93 сылларга физика учууталынан Төҥүлүгэ үлэлиир кэмэ олус тахсыылаах сылларынан буолбуттара.  Факультативтар,  үрдүк үөрэххэ бэлэмнэнии быһыытынан кэтэхтэн үөрэнии, олимпиадалар, физиканы дириҥэтэн үөрэтэр кылаас аһыллан (Андрей Андреевич бэйэтэ астарбыта), оҕо бэйэтэ билиигэ-көрүүгэ дьулуһуута улааппыта. Мин оҕом Дмитрий ити сылларга Төҥүлүгэ үөрэммит буолан, кылааһын оҕолорун кытары физика сорудахтарын суоттаан олимпиадаҕа бэлэмнэнэн, дьиэлэринэн сылдьыһан суксуруһаллара, адьас физика эрэ үөрэҕэ баарын курдук   учууталларыгар куттарын туттарбыттара. Оннооҕор Дмитрий астрономия уруоктарын кылааһыгар ыытаары, эппиэтинэс бөҕөтүн сүгэрин өйдүүбүн. Ити 25 өрөспүүбүлүкэ кыттар Бүтүн Арассыыйатааҕы физика олимпиадатыгар  бараары  бэлэмнэнэллэр эбит.  Төҥүлү оҕолоро бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьаллара, 40-ҥа тиийэр олимпиадаларга кыттан кыайыылаахтар буолбуттара.  Щукин Ефрем, Неустроев  Ефим, бырааттыы Дмитрий, Александр Сотниковтар, Дмитрий Аргунов, Петр Цыпандин ааттарынан төҥүлүлэр киэн туттубуттара Ити сылларга Үөрэҕирии министиэристибитэ  өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үлэлээх 16 учууталыгар «Итэҕэл» («Доверие»)  ааты биэрбиттэрэ. Мэҥэттэн  бу үрдүк итэҕэлгэ методист-учуутал А.А.Стручков тиксибитэ. Ити аат кини үөрэппит оҕолоро үрдүк үөрэххэ   физика биридиэмэтигэр эксээмэнэ суох киирэллэригэр көҥүл биэрбитэ.  Ол да иһин, бэрт элбэх оҕо, төрөппүт Андрей Андреевичка махталлара муҥура суоҕа. Салайар кылаастарыгар үгүс оҕо кыһыл, үрүҥ көмүс мэтээллэринэн бүтэрбитэ. Андрей Андреевич учууталынан, дириэктэринэн,  сельсовет бэрэссэдээтэлинэн (нэһилиэк баһылыгынан) үлэлээбит  сылларыгар барытыгар кэскиллээх санаалары олоххо киллэрэринэн, сыалы-соругу чопчутук туруорарынан, хаачыстыбалаах түмүгү ирдииринэн («до высокого качественного результата») -– бу барыта Андрей Андреевичка даҕаны, оҕоҕо даҕаны  олоххо ордук сыаналанар  «туруулаһыы» диэн тылы кытта   ханыылаһыахтарын сөбө буолуо!

А.А.Стручков Төҥүлүгэ олохтоох бэйэни салайыныыны бастаан салайан,  «Станция юных техников» улуустааҕы киини салайбыта.  Профориентация диэн тылынан этиллэр оҕо дьоҕурун арыйыыга саха төрүт дьарыктарыгар:  тимиргэ, маска уһаныыга, уруһуйдуур талааны сайыннарыыга уус харахтаахтар — дизайнердар дьарыктарыгар бастакынан ылсыһан, мастарыскыай тэрийэн, олус дириҥник уонна хорутуулаахтык үлэлээбитэ, хомойуох иһин, сыаналаммакка хаалбыт. Новатор-учуутал, хойутаан да буоллар, аата ааттанара сөп этэ диэн дьон, норуот санаатын тириэрдэбин. Бу хайысхаҕа дьарыктаммыт дьон,  ол иһигэр Наум Киренскэй уһуйбут-такайбыт оҕолорун  ааттара бүтүн Саха сиригэр  иһиллэр. Киниэхэ уһуйуллубут,   кэлин дизайнер идэтин баһылаабыт оҕолор сүрдээх дириҥник, хорутуулаахтык үлэлииллэр. Аҥаардас мастреслинг форматын бүтүн Олимпийскай оонньууларга бэлэмнээбит Диана Баишева үлэтин да түмүктэрэ киһини сөхтөрөллөр.

А.А.Стручкову кытары үлэлээбит Попов Михаил Ильич, Борисов Устин Николаевич, Леонид Говоров, Наум Киренскэй  Саха сиригэр биллэр маастардар, бастыҥ уустар,  Бүтүн Арассыыйаҕа ааттанар уһуйааччылар буолаллар. Маны барытын үүннээбит-тэһииннээбит салайааччы —  Андрей Андреевич Стручков.

Андрей Стручков биэнсийэҕэ тахсан баран, устуоруйа диэки хайыһыыта кини тугу баҕарар тиһэҕэр тириэрдэр уратытын кытта сибээстээх. Олоҕун тухары тугу  сөпсөһөрүн-сөпсөспөтүн, мунньуммут билиитин-көрүүтүн тус бэйэтин олоххо көрүүлэринэн  кээмэйдэнэн, бэйэтин уонна чугас дьонун олоҕор сыһыаннаан, үлүскэннээх элбэҕи аахпытын, билбитин, ирдээбитин, булбутун уонна бэйэтин сыаннастарын кытта тэҥнии тутан, устуоруйаны атын хараҕынан көрүүтүн барытын  «Туруулаһыы» диэн историческай үлэтигэр көрөбүн.

«Мин устуоруйаҕа улахан сыһыана суох үөрэхтээхпин, ол да буоллар, сааһыран баран дойдум олоҕун туһунан кыралаан булан ааҕар идэлэммитим уонна бэйэм олоҕум эйгэтин чугас дьоммор, ыччаттарбар анаан, билбиппин түмэн  суруйар идэлэммитим», -– диэн суруйбут Андрей Андреевич үлэтин киирии тылыгар.

Кинигэ дьон болҕомтотун улаханнык тардыбыт Дьокуускай куорат национальнай бибилэтиэкэтин кыраайы үөрэтэр саалатыгар буолбут биһирэмҥэ анал үөрэхтээхтэр, биир дойдулаахтарын, атын да ааҕааччылар санааларыттан, тылларыттан истибитим уонна бу үлэ салҕанарыгар баҕабын уонна эрэлбин биллэрэбин.

Любовь Семеновна АРГУНОВА, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, биир дойдулааҕа, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев дойду 10 саамай көхтөөх баһылыктарын ахсааныгар киирдэ

Ааспыт сыл түмүгүнэн Айсен Николаев федеральнай таһымҥа эрэгийиэннэр ортолоругар 10 саамай көхтөөх баһылыктарын ахсааныгар киирдэ.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Мэҥэ Хаҥалас оройуонун 100 саастаах олохтооҕор 1 мөл. солк. туттардылар

Мэҥэ Хаҥалас оройуонун 100 саастаах олохтооҕор 1 мөлүйүөн солкуобайы туттардылар. Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин олохтооҕо, Аҕа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускай маастар-былаанын чэрчитинэн үс оскуола уонна икки оҕо уһуйаана  тутуллара былааннанар

Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэриини тохсунньу 14 күнүгэр, оптуорунньукка, Ил Дархан Айсен Николаев уонна куорат мэрэ…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Пуховигы сөпкө сууйабыт…

Саха сиригэр билигин аҕыйах кэрэ аҥаар саҕынньах кэтэн сылдьар курдук, дьон үксүн пуховик куурканан кыстыыр.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл 500-тэн итэҕэһэ суох тырааныспары гаас уматыкка көһөрүөхтэрэ

Саха сиригэр 2025 сылга 500 массыынаны гаас уматыкка көһөрүөхтэрэ. Бу туһунан Бырамыысыланнас уонна геология министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр. 2024…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

«Хаҥалас хапсаҕайа» турнирга барыта 6 мөл.солк. оонньонуо

Дьокуускай куорат «Хаҥалас хапсаҕайа» норуоттар икки ардыларынааҕы турниры ыытарга бэлэмнэнэр. Барыллаан турнирга  аҕыс судаарыстыбалар бэрэстэбиитэллэрэ,…

13 часов ago