Оҕо күүтэр устудьуоннарга босуобуйа кээмэйэ үрдүөҕэ

Share

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин үрдүк уонна идэлээх үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр оҕо күүтэр дьахталлар босуобуйаларын тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри улаатыннарар туһунан сокуоҥҥа илии баттаата, диэн быраап иһитиннэриитин официальнай портаала иһитиннэрэр.

Докумуон идэлээх үөрэх тэрилтэлэригэр, үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр, эбии идэлээх үөрэх уонна билим тэрилтэлэригэр күнүскү салааҕа үөрэнэр дьахталлар хат буолууга уонна оҕолонууга босуобуйаларын кээмэйин улаатыннарар сыалтан оҥоһулунна.

Билиҥҥи туругунан дьахталлар бу категорияларыгар хат буолууга уонна оҕолонууга босуобуйа ыйга 2-5 тыһ. солк. тэҥнэһэр, оттон уопсайа 9333-тэн 23333 солкуобайга диэри босуобуйаны ылаллар.

Сокуон бу босуобуйаны дьхатар  олорор сиринэн РФ субъектарыгар олохтоммут, үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ тиийиниэн олоруу алын кээмэйин саҕа улаатыннарар. Сокуон бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр.

Recent Posts

  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка быыбар түмүгэ

Мэҥэ Хаҥалас  улууһугар биэс нэһилиэк олоҕор улахан суолталаах түгэн – нэһилиэк баһылыктарын быыбара – түмүктэннэ.…

34 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эпос уонна искусство Арктикатааҕы киинэ куорат сайдыытыгар сабыдыаллыаҕа

Дьокуускай куорат мэрэ Евгений Григорьевы  кытта суруналыыстар көрсүһүүлэригэр Эпос уонна искусство Арктикатааҕы киинин тутуллуута ити…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн олохтоохторо хотугу тулуурдаах майгыларын көрдөрдүлэр

Өймөкөөн, Үчүгэй, Төрүт уонна  Аартык бөһүөлэгэр баһылыктары быыбардаатылар. Ону тэҥэ Биир кэлим куоластааһын күнүгэр нэһилиэк…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Биир кэлим быыбар түмүктэннэ

Олохтоох бириэмэнэн оруобуна 20:00 ч. өрөспүүбүлүкэ бары 293 быыбардыыр учаастага сабылынна диэн СӨ Киин быыбардыыр…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дмитрий Аммосов, «Муома оройуона» МО баһылыга

Бүгүн Муома оройуонугар улахан суолталаах быыбар буолан ааста диэн "Биир ньыгыл Арассыыйа" бэлитиичэскэй баартыйа Саха…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бастакы кыайыы!

Быыбар күнүн бастакы түмүктэрин хотугулуу-илиҥҥи улуустар биэрэллэр. Муома улууһун Соболоох нэһилиэгин баһылыгын быыбарыгар барыллаан ааҕыынан,…

3 часа ago