Оҕо онкологиятын бары күүһү түмэн кыайыахха сөп
Ыам ыйын 14 күнүгэр Саха сиригэр онкологияҕа оҕо сулууспатын уопсастыбаннай сүрүннээччи Людмила Николаева Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 нүөмэрдээх балыыһа-М.Е.Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинин онкологияҕа отделениетыгар сырытта.
Мэдиссиинэ национальнай киинин генеральнай дириэктэрэ Станислав Жирков, Педиатрия киинин дириэктэрэ Людмила Николаева уонна онкология отделениетын сэбиэдиссэйэ Елена Харабаева Людмила Валерьевнаҕа күннээҕи үлэ-хамнас уонна эмтээһиҥҥэ ситиһиилэр тустарынан кэпсээтилэр.
Ол курдук, быйылгыттан ыла туһаныллар иммунотерапия аныгы ньымаларыттан биирдэстэрин — электроннай помпаны билиһиннэрдилэр.
Уопсастыбаннай сүрүннээччи отделениеҕа сытан эмтэнэр оҕолору уонна кинилэр төрөппүттэрин кытары сэһэргэстэ (үгүстэрин уруккуттан билэр) уонна түргэнник үтүөрэллэригэр баҕа санаатын тириэртэ.
«Биһиги кэлэктииппит Людмила Валерьевнаҕа уонна Алмазэргиэнбааҥҥа эмтэниигэ киллэрэр улахан кылааттарын иһин олус махтанабыт. Чуолаан уопсай күүспүтүнэн, өйдөһүүнэн, истиҥ сыһыанынан биһиги киһини эрэннэрэр түмүктэри ылабыт”, — диэтэ Станислав Жирков.
Санатан эттэххэ, маннык бииргэ үлэлээһин түмүгэр Саҥа дьыл саҕана отделениеҕа анал кырабааттары атыылаһарга сэртипикээт бэлэхтээбиттэрэ.
Билигин отделениеҕа 25 оҕо төрөппүттэрин кытары сытан эмтэнэр. Эмтэнии уһун болдьохтооҕун учуоттаан, эмтэнээччилэр уонна кинилэр чугас дьонноро бииргэ олороллоругар усулуобуйа тэриллэр.Онтон улуустан кэлбит ыарыһах оҕолор төрөппүттэрин гостицинаҕа олорор ороскуоттарын биисинэс-уопсастыбалар бэрэстэбиитэллэрэ төлүүллэр. Ону таһынан, Күннээх куоракка култуурунай-үөрэх тэрээһиннэрэ тиһигин быспакка ыытыллаллар. Онон оҕолор оскуола бырагырааматыттан хаалбаттар.
Ити курдук, сытыытык турар социальнай кыһалҕаны – оҕо онкологиятын судаарыстыба, уопсастыба уонна биисинэс бэрэстэбиитэллэрин холбоһуктаах күүстэринэн кыайыахха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: