Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор буруйу тоҕо оҥороллоруй? Бу кыһалҕа төрдө-төбөтө туохханый? Сыл ахсын оҕо буруйу оҥоруутун сыыппарата үрдүүр? Буруйу оҥорууну эрдэттэн хайдах сэрэтиэххэ сөбүй? Сааһын ситэ илик оҕолор буруйу оҥоруулара ааспыт 2023 сыл тоҕус ыйынааҕы көрдөрүүтүнэн, Дьокуускай уонна Жатай бөһүөлэгэр 24,4% кыччаабыт. Ол эбэтэр, 90%-тан 68% түспүт. Ону сэргэ суукка уопсайа 51 холуобунай дьыала тиэрдиллибит. Оҕо тоҕо буруйу оҥороруй?
Баһаары оҥоро сыстылар
Соторутааҕыта, олунньу 25 күнүгэр, Дьокуускай куорат 203-с микро-оройуоҥҥа баар элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэхиньиичэскэй этээһигэр оҕолор баһаар оҥоро сыспыттарын туһунан социальнай ситим туолбута. Оҕолор 5-c уонна 8-c кылаастарга үөрэнэллэрэ биллибитэ. Кинилэр сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларын учуотугар эрдэ турбатахтар. Киһи дьиксиниэҕэ, оҕолор баһаары оҥороору эрдэттэн бэлэмнэнэн подъездка кэниистирэлээх киирбиттэрэ буолар. Кинилэр түүннэри сырыыларын төрөппүттэрэ тоҕо хонтуруоллаабатахтарый? Кэниистирэлээх уматыгы кинилэр хантан ылбыттарый? Тоҕо бу дьиэни уоттуурга санаммыттарый? Ким манна олороруй?
Билигин дьиэ хас подъеһын ахсын видеокамералар бааллар. Онон буруйу оҥорбут оҕолор кимнээх буолалларын тута быһаарбыттара. Төрөппүттэригэр РФ Административнай быраабы кэһии кодексатын 5.35 ыст. «Оҕону иитиигэ төрөппүт эбээһинэһин толорбот буолуу иһин» административнай боротокуол оҥоһуллубута. Бу ыстатыйанан накаастабыл ыстарааба – 500 солк.
Оҕоҕо сыанабыл
Үгүс уйулҕа үлэһиттэрэ бэлиэтииллэринэн, оҕо дьиэтигэр, оскуолатыгар сыанабылы, убаастабылы ылбат буоллаҕына, болҕомтону куһаҕаны оҥорон тарда сатыыр. Билигин төрөппүттэр үгүстэрэ үлэҕэ үтүрүйтэрэн, ардыгар социальнай ситимҥэ аһары ылларан, оҕо иитиитигэр доҕолоҥнооһун дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр. Оҕо аһара уһун бириэмэни гаджекка аныыр, хонтуруола суох уулуссаҕа сылдьар буоллаҕына, өйө-санаата ыһыллар. Хонтуруоллаабакка дьаалатынан ыытан кэбистэххэ, араас куһаҕан дьаллыкка ылларыан сөп. Оҕо уонна төрөппүт икки ардыгар эрэллээх, истиҥ сыһыан суоҕуттан тапталы, убаастабылы туора сиртэн көрдүүр.
Төрөппүт иһэр буоллаҕына…
Оҕо буруйу оҥоруутун сүрүн төрүөтүнэн төрөппүт иһэр-аһыыр буолуутун эмиэ ааттыахха сөп. Оннук төрөппүт айдаана, араллаана оҕо уйулҕатын ыһар. Мантан сылтаан кини кырыгырар, дьоҥҥо эрэммэт буолар. Сылаас, истиҥ эйгэ суоҕуттан дьиэтиттэн куота сатыан сөп. Бэйэтэ да билбэтинэн, иһэр-аһыыр төрөппүттэригэр өсөһөр, тугу эрэ дакаастыы сатыыр. Тапталы билэр, төрөппүттэрин болҕомтотун ылар оҕо түүннэри мээнэ барбат. Ол эрээри ардыгар аһары атаахтыыр, бэлэмҥэ сылдьар оҕо эмиэ манныкка тиийиэн сөп. Кини буруйу оҥоруута үксүн бэйэтигэр кутталынан суоһуур. Ол курдук, былырыын Москва кытыытыгар оҕолор оонньуу сылдьан табаарыстарын уматыгынан ыспыттара умайан тахсыбытын туһунан сурах киэҥник тарҕаммыта. Оҕолор оонньообуттара оҕус буолан, эрдэҕэс саастаах уолчаан этэ-сиинэ 80% умайбыта…
Учуутал баттала дуу, оҕо көҥүлэ дуу
Оҕо кыра сааһыттан көҥүл улаатыахтаах. Төрөппүт аһара хааччахтыыр буоллаҕына, көҥүл бара сатаан маннык быһыыланыан эмиэ сөп. Саастыылаахтарын кытта тэҥҥэ сылдьар, алтыһар буоллаҕына, атын уопсастыбаҕа наадыйбат. Маныаха, төрөппүт уонна оскуола дьайыыта улахан. Оҕо күнүн аҥаарын барыыр сүрүн тэрилтэтэ – оскуола. Кини оскуолаҕа бэйэтин сэнэнэр, тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыбат буоллаҕына, тыынын атын эйгэҕэ таһаарар кыахтанар. Онон хас биирдии кылаас салайааччыта маны болҕомтоҕо ылыахтаах. Бу соторутааҕыта Дьокуускай куорат оскуолатыгар учууталын кытта кыыһырсан, кылаастан үүрүллэн көрүдүөргэ үөрэнэ олорор оҕо туһунан социальнай ситим туолбута. Учуутал, төрөппүт өттүттэн убаастабыла суох сыһыан оҕо бэйэтин сэнэнэ улаатарыгар тиэрдэр. Мантан сылтаан кыһыытын-абатын куһаҕан дьаллыгынан таһаарыан сөп.
Аныгы төрөппүт сыыһата
Биллиилээх педагог А.С.Макаренко бэлиэтииринэн, оҕо аан бастаан уорбат, кини ыйытыыта суох ылар. Бу кэмҥэ төрөппүт өйдөөн сөптөөх миэрэни ылбатаҕына, устунан ылыгас да буолан хаалар куттала үөскүүр эбит. Оҕону иитии биэс сааһыгар эрэ диэри буоларын Макаренко бэлиэтиир. Кини этэринэн, уустук оҕо диэн суох. Кини бэйэтин көмүскэнэн, болҕомто көрдөөн араас быһылааҥҥа түбэһиэн сөп. Статистика көрдөрөрүнэн, буруйу оҥорон түбэспиттэр улахан аҥаардара бэйэлэрин намыһахтык сананар, сэнэнэр эбиттэр. Ити итэҕэстэрин тастарыгар көрдөрүмээри кырыктаахтык быһыыланаллар диэн быһаарбыттар. Билигин аныгы уопсастыбаҕа оҕо болҕомтотун гаджет ылла. Төрөппүт оҕотун хараҕын далыгар эрэ көрөрүнэн буолбакка, кини өйө-санаата хайдах сайдан иһэрин эмиэ хонтуруоллуохтаах дии саныыбын. Аныгы төрөппүт сыыһата – кини тапталы уонна атаахтатыыны булкуйар буолуон сөп. Оттон оҕо буруйу оҥоруутун хайдах сэрэтиэххэ сөбүй?
Туйаара Васильева, СӨ оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунай:
– Хас биирдии оҕо кыра сааһыттан уот төһө даҕаны сэрэхтээҕин биллэр, интэриэһиргиир, аһаҕас уот кутталын ситэри өйдөөбөт. Мэниктээн оҥоһуллубут дьайыы күлүгээннээһиҥҥэ тиэрдибит түгэнэ элбэх. Дьээбэлэнэн дьиэлэр кырыыһаларыттан умайа сылдьар кумааҕы сөмөлүөттэри түһэрэллэр, буоста дьааһыктарын уматаллар о.д.а. Бу дьайыылары түмүгэр туох буолуон сөбүн толкуйдаабакка оҥороллор. Дьокуускай куорат 203-c микро-оройуонугар тахсыбыт быһылаан ону бигэргэтэр. Саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан эрдэ учуокка тура сылдьыбатах 5-c уонна 8-с кылаас үөрэнээччилэрэ түүн элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэхиньиичэскэй этээһин уматан баһаар оҥоро сыспыттара. Хата, оҕолор бэйэлэрэ эмсэҕэлээбэтэхтэр. Саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар иниспиэктэрдэр үлэлэһэ сылдьаллар. Төрөппүттэрэ Административнай быраабы кэһии кодексатын 5.35 ыст. эппиэтинэскэ тардылыннылар. Бу быһылааҥҥа сүрүн төрүөтүнэн төрөппүттэр оҕолорун түүҥҥү кэмҥэ хонтуруоллаабатахтара буолар. Оҕо киэһэ хойукка диэри ханна, кимниин сылдьарын төрөппүт билиэхтээх. Хонтуруола суох түүннэри сылдьан араас быһылааҥҥа да тиксиэн, буруйу да оҥоруон сөп. Мэниктээн оҥорбут дьайыылара иэдээҥҥэ тиэрдэ сыспыт.
Хомойуох иһин, бу сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэбитигэр сааһын ситэ илик түөрт оҕо уокка былдьанан суорума суолламмыта. Баһаар ханна баҕарар, хаһан баҕарар тахсыан сөп. Онон баһаар тахсыбатын туһугар эрдэттэн сөптөөх миэрэлэр ылыллыахтаахтар. Хас биирдии дьиэҕэ, кыбартыыраҕа буруону сэрэтэр АДПИ тэрил баар буолуохтаах. Хаһан даҕаны уот ситимигэр холбоон тугу даҕаны хаалларымаҥ. Уот ситимин боруобатын туругун өрүү бэрэбиэркэлиир наада. Оҕону дьиэҕэ соҕотохтуу хаалларымаҥ. Сааһын ситэ илик оҕолор ханна, кимниин сылдьалларын төрөппүт эрэ хонтуруоллуур, онон төрөппүттэр болҕомтолоох буолуҥ.
ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, билигин 203-с микро-оройуоҥҥа тахсыбыт саастарын ситэ илик оҕолор кыттыылаах дьыала тула бэрэбиэркэ бара турар. Ол түмүгүнэн быһаарыныы ылыныллыаҕа диэн иһитиннэрдилэр.
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…