«Оҕо саас» киинэ норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ кыттар
28.09.2022, 15:26
Бөлөххө киир:
Режиссер Никандр Федоров «Оҕо саас» диэн быйыл саас сүрэхтэммит киинэтэ Германияҕа буола турар «Schlingel» диэн оҕо киинэтин норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлигэр кыттар.
«Оҕо саас» киинэ бэстибээл «Панорама» диэн бырагырааматыгар киирдэ. Бырагыраамаҕа барыта 23 киинэ Испанияттан, Австралияттан, Данияттан, Индияттан, Японияттан, Германияттан уо.д.а. дойдулартан хабыста. Бу хайысханан көстөр киинэлэр куонкуруска кыттыбаттар диэн «Сахафильм» хампаанньа Телеграм-ханаала иһитиннэрэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: