Оҕо, сиэн баайдаах саха ыалын кэскилэ сырдык
Арассыыйаҕа 2008 сылтан от ыйын 8 күнүгэр Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнэ бэлиэтэнэр.
Дьиэ кэргэн — таптал хатыламмат эйгэтин, өйдөһүүнү уонна үтүө санааны түстүүр саамай чугас дьоммут.
Устуоруйаҕа киирэн ыллахха, бу биир ураты сырдык уонна былыргы бырааһынньык кэргэннии Февронья уонна Петр чиэстэригэр бэлиэтэнэр. Оҕо сааспыт остуоруйаларыгар ааҕааччыны долгутар этии мэлдьи баар буолара. Холобур, «Кинилэр уһуннук уонна олус дьоллоохтук олорбуттара уонна биир күн өлбүттэрэ» диэн. Бу оҕолорбут алын кылаастарга үөрэтэр сэһэннэрин кытта быһаччы сибээстээх. Суругунан пааматынньыгынан буолбут нуучча норуотун бу былыргы литературатурнай айымньыта XVI үйэҕэ суруллубута. Айымньы ис хоһооно олоххо буолбут муромскай кэпсээннэргэ, үһүйээннэргэ олоҕуран кэпсэнэр. Сэһэн дьоруойдарынан буолбут Февронья уонна Петр Муромскайдар кэргэннии олохторугар дьиэ кэргэҥҥэ бэриниилээх буолуу, таптал сыаннастарын олохторугар көрдөрбүт сибэтиэй кэргэнниилэр этилэр. Кинилэр улахан тапталлара хас эмэ үйэни нөҥүөлээн, суолтата сүппэккэ күн бүгүҥҥэ диэри тийэн кэллэҕэ уонна бу сырдык куттаах бырааһынньык Петр уонна Февронья күнэ Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу бырааһынньыга буолан бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнү Муром куоратын (Владимирскай уобалас) олохтоохторо көҕүлээбиттэрэ. Дьиэ кэргэн бырааһынньыга «Таптал уонна бэриниилээх буолуу» диэн мэтээллээх уонна ромашка сибэкки бэлиэлээх.
Хаҥалас нэһилиэгэр 50 сыл бииргэ олорбут ыалларынан Анна Афанасьевна, Николай Федотович Осиповтар, Ираида Марковна, Василий Николаевич Додоховтар, Дарья Никитична, Василий Гаврильевич Григорьевтар, Мария Прокопьевна, Василий Григорьевич Самсоновтар, Марфа Калиновна, Николай Алексеевич Григорьевтар, Варвара Прокопьевна, Николай Данилович Васильевтар дьиэ кэргэттэрэ буолаллар. Кинилэр олорбут олохторо, үлэлээбит үлэлэрэ, оҕоҕо күүстээх тапталлара өлбөөдүйбэт, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ туруо. «Золотые семьи Якутии” кинигэҕэ биһиги нэһилиэктэн Ираида Марковна, Николаевич Додоховтар дьиэ кэргэттэрэ киирбиттэрэ.
Билигин биһиги нэһилиэкпитигэр элбэх оҕолоох 24 ыал олорор. Кинилэр истэригэр «Ийэ Албан Аата» II истиэпэнэ бэлиэлээх, 8 оҕолоох Мачаттырова Людмила Олеговна, быйыл алтыс уолун күн сирин көрдөрбүт эдэр ийэ Васильева Анжелика Николаевна бааллар.
Судаарыстыбаттан көрүллэр дьиэ кэргэни өйүүр төлөбүрдэр сыллата эбиллэн иһэллэрэ тустаах ыалларга улахан көмөнөн буолар.
Тымныы кыһыннаах, куйаас сайыннаах, үтүө мааны дойдубутугар, бигэ-таҕа олохтоох дьиэ кэргэн үксээн истин! Оҕо, сиэн баайдаах саха ыалын кэскилэ сырдык, үөрүүтэ үгүс буолуохтун!
«Дьиҥ саханы үксэтэр,
Дьоһун ыччаты иитэр,
Дьылҕа ыраах ыйыытынан
Дьикти олох төрдө буолуҥ!»
(Эдьиий Дора алгыһыттан)
Мария НИКОЛАЕВА, Ньурба
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: