Оҕо сиһин тоноҕоһун уонна хараҕын харыстыахха

Share

Саҥа үөрэх дьыла саҕаланан оскуолалар оҕолор саҥаларынан-иҥэлэринэн, сүүрүүлэринэн-көтүүлэринэн туолан турар. Онон диэххэ дуу, оҕо паартаҕа хайдах олорон үөрэниэхтээҕин туһунан сүбэлииргэ-амалыырга сананным.

Уһун үөрэх

Аныгы кэмҥэ оҕолор олус элбэх кэми олоппоско атаараллар. Биһиги 5-9 кылаас үөрэнээччилэриттэн туоһуластыбыт. Холобур, кинилэр, ортотунан, алта күннээх үөрэх нэдиэлэтигэр 40 мүнүүтэлээх алта уруоктаах буоллахтарына, 24 чааһы быһа үөрэнэллэр. Ону таһынан, үөрэнэр күннэригэр дьиэҕэ үлэни 2 чаас устата толороллор. Онон үөрэх кэмигэр кинилэр уопсайа 36 чаас олоппоско олороллор. Манан сөп буолбаттар, кинилэр эбии төлөпүөҥҥэ эбэтэр көмпүүтэргэ оонньууларыгар эмиэ олороллор. Бу дьарыктарыгар, бэйэлэрэ кэпсииллэринэн, 2-5 чааһы аныыллар. Хабаатыннаран 4 чааһы ылан көрдөххө, кинилэр нэдиэлэҕэ 28 чааһы барыыллар. Ону таһынан, күҥҥэ быһа холоон 2 чаас олорон аһыыр буоллахтарына, барыта аһылыкка 14 чаас баранар. Онон, 5-9 кылаас оҕолоро нэдиэлэ устата, ортотунан, 78 чаас олороллор. Бу нэдиэлэ аҥаарын кэриэтэ буолар. Ол иһин оҕо үөрэнэр сирин тэрийии уһулуччу суолталаах сорук буолар.

Оҕо дьиэҕэ үлэтин толорор уонна олорон оонньуур сирин сөпкө тэрийэргэ сүбэлэр

1. Оҕо дьэҕэ үлэтин толорор сиригэр элбэх күн уота киирэрэ наада. Онон үөрэнэр остуолун түннүк аттыгар туруорар табыгастаах. Холобур, оҕо уҥа илиитинэн суруйар буоллаҕына, түннүк киниттэн хаҥас диэки баар буолуохтаах. Оттон хаҥас илиитинэн суруйар оҕо хоһугар түннүк остуолтан уҥа өттүгэр буолара ордук. Сатанар буоллаҕына, остуолу түннүк утары туруоруохха сөп. Маннык өссө ордук: күн уота бары өттүттэн тыгар буолан, күлүк үөскээбэт.

Уҥа илиитинэн суруйар оҕо хоһо
Хаҥас илиитинэн суруйар оҕо хоһо
Түннүк утары остуолу ууруу

2. Оҕо сиһин тоноҕоһун буортулаабат курдук, үөрэнэр остуола сааһыгар сөп түбэһиэхтээх. Остуол ньуура олорор оҕо түөһүттэн икки сэнтимиэтир аллараа баар буолуохтаах. Онон остуолу атыылаһарга оҕо үрдүгүн учуоттуохха наада:
• Өскөтүн оҕо үрдүгэ 120 см-тэн намыһах буоллаҕына, остуол үрдүгэ 52 см-тэн элбэх буолуо суохтаах.
• Оттон 120-150 см үрдүктээх оҕолорго 52-61 см үрдүктээх остуол ылар оруннаах.
• 150 см үрдүк оҕолорго – 75 см үрдүктээх улахан дьон остуолун ылыахха сөп.

Үрдүк
Сөптөөх

Улаатан иһэр оҕолорго үрдүгэ уларыйар остуолу ылыы оҕо сиһин тоноҕоһун эрэ буолбакка, ыал үбүн эмиэ харыстыан сөп.
Ону таһынан, физологтар этэллэринэн, иҥнэри ньуурдаах остуол суруйарга ордук табыгастаах буолар.

3. Олоппоһу эмиэ өйдөөн талыахха наада. Оҕо олордоҕуна, тобуга 90° токуруйуохтаах, оттон тилэҕэ сиргэ толору тирэниэхтээх. Остуол уонна олоппос ньуурдарын икки ардыта 20-30 см буолуохтаах. Бу оҕо үрдүгүттэн тутулуктаах. Эмиэ үрдүгэ уларыйар кыахтаах олоппоһу ылар ордук, хайаан да өйөнөрдөөх буолуохтаах.

Сыыһа
Сөптөөх
Сыыһа
Сөптөөх

Сис тоноҕоһун буортулаабат ортопедическай олоппос арааһа атыыга баар. Маннык олоппос ньуура иҥнэри, киһи тобуга тирэнэр сирдээх буолан, тилэҕэ салгыҥҥа ыйаныан сөп.

4. Хас биирдии үөрэнээччи күн уота аҕыйах кэмигэр уонна киэһээҥҥи өттүгэр остуолугар турар лаампаны хайаан да туттуохтаах. Лаампа уота ыһыллыбакка, чопчу биир сиргэ тыгыахтаах. Онон светильниги остуолга уурар оруннаах. Эбэтэр сырдык өҥнөөх плафоннаах абажур лаампаны туттуохха эмиэ сөп. Лаампа тыгар күүһэ 60 Ватт буолара ордук. Маннык уокка оҕо хараҕа сылайбат. Лаампа маҕан бүрүөһүннээх буолуон сөп. Галогеновай уонна люминесцентнай лаампалары туттумаҥ.

5. Оҕо үөрэнэр тэрилин, кыра малын-салын уурар анал сирдээх буолара наада. Оҕо долбуурга, ыскаапка бэйэтэ уунан тиийиэхтээх. Кыра малы харайар холбукалары ылыахха сөп. Истиэнэҕэ суруйар дуоска, мудборд иилиэххэ сөп. Оҕо хоһун, үөрэнэр сирин бэйэтэ киэргэтэрэ ордук.

Олоппоско сөпкө олорорго аналлаах сүбэлэр
 Үөһээ кэпсээбиппит курдук, оҕо остуола уонна олоппоһо бэйэтигэр сөп түбэһиэхтээх.
 Олордоҕуна, икки атаҕа сиргэ толору тирэниэхтээх.
 Тобуга 90 кыраадыс токуруйуохтаах.
 Остуол кырыытыттан оҕо түөһүн ортото икки сэнтимиэтир үөһээ уонна биир сутурук ыраах буолуохтаах.
 Оҕо көхсө олоппос кэтэҕэр өйөнүөхтээх, көнө буолуохтаах.
 Оҕо төбөтө күүскэ иҥнэйиэ суохтаах, холобур, илиитин тоҥоноҕор уурдаҕына, тарбаҕын төбөтө чэчэгэйигэр тиийиэхтээх, аһары барыа суохтаах.

Оҕо сиһин тоноҕоһун уонна хараҕын кыра эрдэҕиттэн харыстыахха! Бу соругу ситиһэргэ, оҕо күнүн хайдах атаарарын көрө-истэ сылдьыахха уонна көннөрөн биэриэххэ. Ону таһынан, олоппоско сөпкө олорон үөрэнэргэ, үлэлииргэ уонна сынньанарга үөрэтиэххэ.

Киллэһик

Хас биирдии үөрэнээччи күн уота аҕыйах кэмигэр уонна киэһээҥҥи өттүгэр остуолугар турар лаампаны хайаан да туттуохтаах. Лаампа уота ыһыллыбакка, чопчу биир сиргэ тыгыахтаах.

Наталья Спиридонова.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

15 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

1 час ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

2 часа ago