Оҕо сколиоһун хайдах быһаарабыт?
Билигин сколиозтаах оҕо олус элбэх. Ол түмүгэр улаатар саастарыгар нүксүччү туттубут оҕолор элбииллэр. Сколиоз ыарыы биллибэтинэн киирэр. Оҕо уруок ааҕарыгар, аһыырыгар көнөтүк туттан олорботуттан тахсар. Маны сэргэ, аҥаар санныгар үрүсээк сүгэрэ, төлөпүөҥҥэ умса түһэн олороро улаханнык дьайар.
Оҕо сколиозтааҕын дьиэ иһигэр хайдах быһаарыахха сөбүй?
Оҕону үөһээ таҥаһын устан баран илиитин сиргэ уунан умса түстэҕинэ, саннын аҥаар лаппаакыта аллараа эбэтэр үөһээ сылдьар буоллаҕына, ортопедка суруйтарар наада буолбутун этэр.
Маны таһынан сколиоз бэргээбит буоллаҕына оҕо аҥаар санна ханнаьары, үөһээ-аллараа буолар.
Оҕо улаатарын күүтүмэҥ. Эрдэттэн ЛФК-ҕа сырытыннаран, ортопедка көрдөрөн, балаһыанньаны тупсарыахха сөп диэн оҕо бырааһа Виктор Краснов сүбэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: