Оҕо төлөбүрдэригэр туох уларыйыылар киирдилэр?

Share

Быйыл сыл саҕаланыыта оҕоҕо төлөбүрдэр, босуобуйалар суумалара индексацияланна. Бастатан туран, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ (прожиточный минимум) үрдээн, киин улуустарга, Дьокуускайга: үлэһит киһиэхэ — 24 925 солкуобайга, биэнсийэлээххэ — 19 666 солкуобайга, оҕоҕо — 23 325 солкуобайга тэҥнэстэ.

Бу сууматтан оҕоҕо бэриллэр биир кэлим босуобуйа кээмэйэ тутулуктаах: I зонаҕа – 13 923,5 солкуобай (50%), 20 885,2 солкуобай (75%), 27 847 солкуобай (100%);  II зонаҕа – 11 662,5 солкуобай, 17 493 солкуобай, 23 325 солкуобай.

Хат буолууга уонна төрөөһүҥҥэ босуобуйа муҥутуур суумата 383 тыһыынчаттан 565 тыһыынча солкуобайга диэри үрдээтэ.

Бастакы оҕоҕо биирдэ бэриллэр төлөбүр үрдээтэ: I зонаҕа – 55 694 солкуобай, II зонаҕа – 46 650 солкуобай.

Үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо (2023 сылга диэри төрөөбүт буоллаҕына) 3 сааһыгар диэри ый аайы бэриллэр босуобуйа: I зонаҕа – 27 847 солкуобай, II зонаҕа – 23 325 солкуобай.

Элбэх оҕолоох кыаммат ыалларга оскуолаҕа бэриллэр төлөбүр үрдээтэ: 4 302 солкуобай.

“100 сыл оҕолоро” хапытаал суумата: 110 тыһыынча 775 солкуобай.

Инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр үлэлии таҕыстахтарына да, оҕо көрөр төлөбүрдэрин (14 тыһыынча солкуобай) эмиэ ылар буоллулар. Ол эрээри, толорута суох үлэ күнүгэр, тэйиччиттэн, эбэтэр дьиэҕэ олорон үлэлиир буоллахха диэн усулуобуйалаах.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Сүрүн

Тустуук Лев Павлов аан дойду чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээли ылла

Лев Павлов көҥүл тустууга юниордар истэригэр аан дойду чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситистэ. Кини…

30 минут ago
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 8 күнэ: ардах, хаар, тоҥоруу

Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Саха сирин соҕуруу, хотугулуу-илин, күнүс арҕаа улуустарыгар сорох сиринэн ардах,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Никита НТВ ыытааччытын сөхтөрдө

Бүгүн НТВ ханаал  “Чудо” биэриитигэр Сунтаар улууһун Элгээйи орто оскуолатын үөрэнээччитэ, эдэр орнитолог, 11 саастаах…

12 часов ago
  • Сонуннар

Лука Петров Улахан Табаҕаны туһаҕа таһаарыыга ураты өҥөлөөх киһи

Аҕыйах хонуктааҕыта Сунтаар улууһун Куокуну нэһилиэгэр Улахан Табаҕа киэҥ нэлэмэн, үрдүк үүнүүнү биэрэр бааһыната талах…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хотойдуу тумустаах мас акка тиийэ

Оҕо барахсан хайа да кэмҥэ арахсыспат аргыһа – оонньуур буоллаҕа. Онон “Наука 0+” билим бэстибээлин…

14 часов ago
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ититии сезона балаҕан ыйын 9 күнүттэн саҕаланыаҕа

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар ититии сезона саҕаланан эрэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһун пресс-сулууспата дьаһалта телеграм-ханаалыгар иһитиннэрбитинэн,…

14 часов ago