Оҕо тиксэрбит харчылаах кумааһынньыгын маҕаһыын үлэһитэ бэйэтигэр ылбыт

Оҕо тиксэрбит харчылаах кумааһынньыгын маҕаһыын үлэһитэ бэйэтигэр ылбыт

10.08.2024, 16:35
Хаартыска: pxhere.com/ru
Бөлөххө киир:

ИДьМ “Якутское” полиция 4-с нүөмэрдээх салаатын дьуһуурунай чааһыгар, 14 700 солк. харчылаах кумааһынньыгын уордарбыт дьахтар  сайабылыанньа суруйбут.   

Полиция үлэһиттэрэ суһаллык көрдөөн, 51 саастаах, эрдэ сууттана сылдьыбатах олохтоох киһини булан туппуттар.

Рыдзинскай уулуссаҕа турар аһылык маҕаһыыныттан улаатан эрэр оҕо харчылаах кумааһынньыгы булан хонтуруоллааччыга тиксэрбит. Маҕаһыын үлэһитэ булумньуну төнүннэриэн оннугар, кимиэхэ да эппэтэх уонна бэйэтигэр ылбыт.

Уоруллубут кумааһынньыгы хаһаайыныгар тиксэрбиттэр. Ол да буоллар, “Уору” ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибит. Бука, ким да билиэ суоҕа дии санаатаҕа. Ити туһунан ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.

+1
14
+1
0
+1
0
+1
1
+1
12
+1
2
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: