Салгыы
Оҕо тоҕо хойут тылланарый?

Оҕо тоҕо хойут тылланарый?

19.11.2023, 14:00
Бөлөххө киир:

Кэнники кэмҥэ 5–6 саастарыгар диэри тыллана илик, эбэтэр, чуолкайа суохтук саҥарар оҕолор элбээтилэр. Бу туохтан буоларый? Оҕолорго, төрөппүттэргэ хайдах гынан көмөлөһүөххэ сөбүй? Бу туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3‑с №-дээх килиниичэскэй балыыһа иһинэн үлэлиир паллиативнай сулууспа психолога Мария Гуляеваны кытта кэпсэттибит. Кини бу кыһалҕаны уйулҕа өттүттэн ырытта уонна бэйэтин дьиэ кэргэнин кыһалҕатын үллэһиннэ.

Саҥарбат буолуу төрүөттэрэ

— Оҕо саҥарбат буолуутун төрүөтэ элбэх. Бастатан туран, эт-сиин өттүнэн итэҕэстээх төрүүр оҕолор (сыҥаахтара, таҥалайдара, уостара, тыллара ситэ сайдыбатах). Маны тэҥэ, төрүүллэригэр эчэйиини ылбыт оҕолор (сорох оҕо киинигэр эриллэр, сороҕор ийэ ыараханнык төрүүрүгэр иһин баттаан,
оҕону төбөтүттэн чыскынан кыбытан, ыган ылаллар, эбэтэр, оҕо тумнастан, өр кэмҥэ тыыммакка, мэйиитин килиэккэлэрэ эчэйэллэр, о. д.а.). Эпэрээссийэнэн курдары ылыллыбыт оҕолор сороҕор мэйиилэрэ эчэйиилээх буолааччылар.

Иккиһинэн, кыра сылдьан, улаханнык куттаммыт буоллаҕына, саҥарбат буолан хаалыан, кэлэҕэйдиэн сөп. Аны туран, оҕону кытта анаан кэпсэппэт, дьарыктаммат буоллахха, кини сайдыыта бытаарар. Холобур, тыла суох төрөппүттэр оҕолоро саҥара үөрэммэтэх буолан, эмиэ кэпсэппэт, саҥарбат буолуохтарын сөп.

Бу саамай сүрүн төрүөттэрэ. Онтон мин психолог буоларым быһыытынан, уйулҕа өттүнэн төрүөттэрин ыйыахпын баҕарабын. Төрөппүттэр үксүн быраас эппитинэн сылдьаллар, психологы кытта дьарыктанар, төрүөтүн булар туһунан санаабаттар. Ханнык эми иһэллэрин, массааска сылдьалларын, ханнык дефектолог, логопед үчүгэйин туһунан кэпсэтэллэр.
Оттон мин манна психолог үлэтэ саамай сүрүн дии саныыбын. Ол иһин бэйэм уолбун кытта дьарыктаммытым туһунан аһаҕастык кэпсиэхпин баҕарабын.

Ийэ уонна оҕо биир ситимнээхтэр

— Улахан уолум 2 сааһыгар тылланан, сахалыы саҥаран истэҕинэ, нууччалыы уһуйааҥҥа биэрбиппит. Онно булкуллан хаалан, 4 сааһыгар диэри саҥарбатаҕа. Онтон олус үчүгэйдик саҥарар, ситиһиилээхтик үөрэнэр, хас да омук тылын билэр буолбута. Кыра уолум эмиэ оннук буолуо дии саныыр этим. 5 сааһыгар кыһалҕа баарын дьэ, билэн, инбэлииккэ тахсыбытын кэннэ, улахан толкуйга түспүтүм. Быраастарга, логопедтарга сылдьарбыт, эмп бөҕөтүн испитэ да, улахан уларыйыы суох курдуга…

Ийэ оҕотун кытта биир ситимнээх. Оҕом саҥарбат буоллаҕына, ол аата миэхэ бэйэбэр “саҥарыа суохтааххын” диэн бобуу баар буоллаҕа. Холобур, төрүттэрбэр тугу эрэ саҥаран, “тылыттан иҥнэн”, хаайыллыбыт, эбэтэр, өлөрүллүбүт киһи баар буолуон сөп. Ол “саҥарыма!” диэн куттал бырагыраамата оҕолорго, сиэннэргэ бэриллэн, бара турар. Мин хаһыс эрэ хос-хос эһээм Саха сиригэр сыылкаҕа кэлбитэ биллэр. Бука, тугу эрэ саҥаран, буруйданан, “истиэнэтэ суох хаайыыга” утаарыллан кэллэҕэ. Тоҕо эрэ, ол өбүгэм туһунан наар саныыр этим, бэл, харахпар көстөн кэлэрэ.

Онон психологка барбытым. Бэйэм ийэм иһигэр сылдьыбыт турукпун эмтээбиппит. Ийэм ытаабытын, хомойбутун, кини иһигэр сылдьан, бэйэбэр оборон ылбыт эбиппин. Аны туран, мин хат буолбуппун билээт, олус соһуйбутум уонна “эмиэ дьиэҕэ хаайтаран олорор буоллум, наһаа үчүгэйдик үлэлээн испит үлэм хаалар дуо?” дии санаан, ытаабыппын өйдүүбүн. Ити аҕыйах мүнүүтэлээх мөлтөөбүт туругум оҕобор бырагыраама буолан, бэриллибит эбит. “Дьиэҕэ олорон, сайдыбаппын” диэн бырагыраама оҕом сайдыытын харгыстаабыт.
Ону өйдөөн баран, ытыы-ытыы оҕобуттан бырастыы гын диэн испэр көрдөспүтүм. “Эн баар буолаҥҥын, төттөрүтүн, мин сайынным, саҥа идэни баһылаатым, духуобунас өттүгэр үлэлээтим. Эн кэлэҥҥин, миигин сайыннарбытыҥ” диэн махтаммытым.

Психологы кытта ол ону уонна хос-хос эһээм бырагырааматынан турукка киирэн, үлэлээбиппит кэннэ, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, тута оҕом чыҥха уларыйан, туруга тупсан, сөхтөрбүтэ.

Психолог көмөтө сүрүн оруоллаах

— Биирдии тылынан эрэ быһыта-орута саҥара сылдьыбыт оҕом күн сарсыныттан иккилии тылы холбоон саҥарар буолбута. Икки нэдиэлэ буолаат, этиилэринэн саҥаран барбыта. Ону наһаа сөхпүтүм.

Онтон оскуолаҕа барбыта. Бастаан бэлэмэ суох, өссө биир сыл дьиэтигэр олордун дии санаабытым. Уһуйааҥҥа оҕолордуун алтыспат, сатаан оонньообот этэ, дьарык кэмигэр муостаҕа сыылла сылдьан, бэйэтэ тугу эрэ букунайара, тугу этэллэрин да истибэт, наадыйбат этэ. Аны биир сиргэ олорбокко, өрө мөхсө сылдьара.

Бу кэмҥэ бэйэбэр үлэлэнэн, тута уларыйыылар тахсан барбыттара. Саҥарбат оҕом саҥарар, бэйэтэ паартаҕа олорор, уруокка эппиэттэһэр, учуутал этэрин болҕойон истэр, аанньа аһаабат оҕо аһыыр буолан хаалбыта. Урут наар ыалдьан тахсара, 1‑кы кылааска биирдэ да ыалдьыбатаҕа. Учууталын наһаа сөбүлээбитэ, элбэх табаарыстардаммыта. Кылааһыгар староста буолбута, оҕолор кини тылын истэр этилэр.

Оттон мин “саҥарыма” диэн бырагыраамабын суох гынаары, элбэхтик саҥарар, быһа эпиирдэргэ тахсар, лиэксийэлэри ааҕар, хоһоон айар, дьону кытта алтыһар буолбутум. Ыҥырдылар да, сөбүлэһэн иһэбин. Урут хатыылаахтык саҥардахтарына да, утары саҥарсыбат этим, билигин эппиэттэһэн иһэбин. Ол ахсын оҕом саҥарара эмиэ тупсан, эбиллэн иһэр.

Билигин оҕом бэйэм курдук элбэх саҥалаах, сытыы-хотуу, аһаҕас, дьону кытта биир тылы түргэнник булар, хоһооннору үөрэтэр, бэйэтэ дьарык булан оонньуур, соҕотоҕун хаалар. Бу киниэхэ улахан ситиһии. Быйыл тоҕо эрэ бэйэтэ баҕаран туран, сахалыы тыллары үөрэтэр. Бу иннинэ икки тылынан булкуллубатын диэн, нууччалыы саҥаҕа көспүппүт.

Онон ийэлэргэ анаан этиэм этэ — маннык кыһалҕалаах буоллаххытына, бастаан психологы кытта бэйэҕитигэр үлэлэниҥ. Оҕо ийэтин туругун “тыктаран” көрдөрөр. Төрүөтэ
бэйэҕитигэр баар буолуон сөп, ону быһаардаххытына, оҕоҕут бэрт түргэнник уларыйан, тупсан барыаҕа.

Төлөпүөн содула

—1-2 саастаах оҕолорго кэпсэтэр, дьарыктанар оннугар, төлөпүөнү туттаран кэбиһэллэрэ, тылланарыгар дьайар дуо?

— Тыллана илик оҕоҕо 3 сааһыгар диэри төлөпүөнү биэрбэт ордук. Оҕо биирдэ-иккитэ оонньоот да, ылларар. Онно биир кэм уларыйа турар чаҕылхай хартыыҥкалар оҕо мэйиитигэр дьайарга, түргэнник ылларарга анаан-минээн оҥоһуллубуттар. Ол онтон оҕо мэйиитин дуоһуйууну ылар чааһын таарыйтаран, атынтан дуоһуйбат буолан хаалар. Күннээҕи олох хартыыҥкалара өлбөөрөн хаалаллар, олус чуҥкук буолар.

Ону тэҥэ, интэриниэккэ ылларбыт, тутулуктаммыт оҕо толкуйдуур уонна оҥорон көрөр дьоҕура сайдыбат, сатаан анаалыстаабат. Бэлэм эппиэт, чаҕылхай хартыыҥка кэлэ турар.
Оҕоҕо остуоруйаны кэпсээтэххэ, өйүгэр оҥорон, киинэ курдук көрөр, оччоҕо айар дьоҕура сайдар. Тарбахтарын хамсатан, ону-маны оҥортордоххо, мэйиитэ сайдар. Онон оҕону кытта анаан дьарыктанар олус суолталаах.

Онон кып-кыра оҕоҕо төлөпүөнү биэрии — кини сайдыытын харгыстааһын буолар. Кинини кытта кэпсэппэт буоллахха, хойут тылланар, саҥара сатаабат. Кэлин оскуолаҕа үөрэнэригэр кыһалҕалары көрсүөн сөп.

Улаатан эрэр оҕоҕо төлөпүөнү бириэмэнэн хааччахтаан биэриҥ, хас да чааһы быһа тутан олороро доруобуйатыгар буортулаах. Аны оҕо тугу көрөрүн хонтуруоллуур буолуҥ. Интэриниэккэ олус элбэх күүһүнэн өттөйүү, куһаҕан ис хоһоонноох ойуулуктар, роликтар бааллар. Бу оҕо уйулҕатын алдьатар.

Түмүккэ

Психологка сылдьартан куттанымаҥ, оҕоҕут туһугар бастаан бэйэҕит уларыйарга бэлэм буолуҥ диэн этиэм этэ. Оҕо ийэтин күн сирин көрө илигиттэн таптыыр, кини ийэтин олоҕун чэпчэтэ, ыарыытын кыччата сатаан, бэйэтигэр аҥаарын ылар. Онуоха ийэ бэйэтигэр үлэни ыыттаҕына, ол ыарахан сүгэһэри оҕотуттан бэйэтигэр ылан, оҕотун доруобуйатын тупсарар, эмтиир. Ийэ бэйэтэ эмиэ сайдар, кэскиллэнэр.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: