Оҕо туһугар…
Дьылҕа ыйааҕа диэн баара дуу… Эбэтэр бэйэ олоҕун иннигэр эппиэтинэстэн куттанан барытын дьылҕаҕа балыйар судургу эбитэ дуу.
Уопсай дьиэ кыракый хоһугар оҕонньордоох эмээхсин чуҥкуйар сололоро суох. Күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыстарын батыһан тыаҕа баар дьиэлэрин-уоттарын хаалларан, сүөһүлэрин эһэн туран кыракый хос атыылаһан, куоракка көһөн киирбиттэрэ. Оччолорго син сэнэх этилэрэ. Кыыстара устудьуоннуу кэлэн баран оҕолонон, үөрэҕин быраҕар кутталламмыта. Оҕонньордоох онон кыһыл оҕону дэриэбинэҕэ көһөрөн аҕалан бэйэлэрэ көрүөхтэрин, аны кыыстарын маныахтарын наада курдук этэ. Оҕо эрдэҕиттэн олус истигэн кыысчаан устудьуоннуу кэлэн баран көҥүл амтанын билбиччэ, үүнэ-тэһиинэ суох барбыта. Үөрэҕин да көтүтэрэ, түүҥҥү кулууптарга хото сылдьара, уолаттардыын да билсэрэ. Кинини ийэтэ олус кытаанахтык ииппитэ. Оскуолаҕа доҕотторун кытта ханна да ыыппат этэ. Дьиэ үлэтиттэн уонна уруок ааҕарыттан соло булбат этэ. Аҕата оҕонньор сылгытын, сүөһүтүн көрөртөн быыс булбата. Онон кини ийэлээх кыыс сыһыаннарыгар улаханнык орооспот этэ.
Эмээхсин кыыһа оҕоломмутугар куоракка киирэн устудьуоннар уопсайдарыттан кыыһын таһааран баран аҕыйах хонукка аймахтарыгар олорбута. Ол олорон куоракка дьиэ атыылаһан көһөн кэлэр туһунан толкуйдаабыта. Ол эрээри кинилэр мунньуммут харчыларыгар, баар сүөһүлэрин атыылаатахтарына да, кыракый хос эрэ кэлэр кыахтааҕа. Оҕонньор төһө да төрөөбүт дойдутун, тыатын сирин хаалларыан баҕарбатаҕын иһин, эмээхсинин батыһан куоракка киирбитэ.
Ол күнтэн хас да сыл ааста. Оҕонньор уопсай дьиэҕэ оробуочайынан, эмээхсин вахтерунан үлэлээн син айахтарын булуналлар. Кыыстара улахан эрэйинэн үөрэҕин бүтэрбитэ. Сиэннэрэ Денис номнуо аҕыһа. Оскуолатын кэнниттэн кыракый хоско кэлэн уруок ааҕар. Кыыстара биир киһилиин дьиэ куортамнаан олорор. Олорон да диэн, бэйэтиттэн уонтан тахса сыл аҕа киһиэхэ тахсан кэргэннээх аатыраары олорор курдук. Уолугар Денискэҕэ сүрэҕэ улаханнык ыалдьыбат. Онон оҕо оҕонньордоох эмээхсин көрөр харахтарын дьүккэтэ буолбута ыраатта. Оттон дьылҕа ыйааҕын батыһан эбитэ дуу, олорор укулааттарын түөрэ-таҥнары эргиппит оҕонньордоох эмээхсин олус кырыымчытык уонна эрэйдээхтик олорбуттара. Булбут харчыларын сыыһын барытын сиэннэригэр барыыллара. Бу курдук эрэйи эҥээринэн тэлэн олордохторуна, биир сарсыарда эмээхсин сүрэҕэ тохтоон, соһуччу олохтон барбыта. Кыыстара Варя, куруук баар буолуо, мин туспар кыһаныа дии санаабыт ийэтэ соһуччу суох буолбутун бастаан итэҕэйбэтэҕэ.
Оттон оҕонньор, алта уонун лаппа ааспыт киһи, кытаанах санааны ылыммыта. Кини сиэнин илдьэ төрөөбүт дойдутугар көһөн барарга быһаарыммыта. Дьылҕаны утаран куоракка кэлэн кырдьар сааһын уонтан тахса сылын таах халтайга бараабыт курдук. Бу туһунан кэргэнэ тыыннааҕар эмиэ кэпсэтэ сатаабыта. Эмээхсин туох да иһин буолумматаҕа. Кыыһын киһилии үлэтэ-хамнаһа суох саастаах киһини кытта хаалларыан саарыыр этэ. Оҕотугар чугас сылдьан көмө, өрүһүлтэ буолар курдук саныыра. Оттон Варя бэйэтин да олоҕор улаханнык кыһаммат курдук этэ, үлэтинэн уонна күннээҕи түбүктэринэн муҥурданара. Оҕотугар тапталын иҥэрэргэ, кинини киһи-хара оҥорорго соччо наадыйбата. Ийэтэ олохтон барбытын кэннэ киһитин кытта улаханнык иирсэн арахсыбыта. Соҕотох хаалбыт аҕатыгар кэлбитэ, оҕонньор дэриэбинэҕэ көһөр туһунан быһаарыныытын кулгааҕын таһынан истибитэ. Улахан кыһалҕа да курдук ылымматаҕа. Денискэни бэйэтин кытта хаалларарга кыһамматаҕа. Хата, дьонум хосторугар олоруом, дьиэ куортамныам суоҕа диэн иһигэр үөрэ санаабыта.
Ити кэнниттэн үгүс сыл ааспыта. Денискэ улаатан, ыал буолан, эһээтин аах дэриэбинэлэригэр сылгы, сүөһү тутан ньир-бааччы ыал буолан олорор. Эһээтэ оҕонньор кырдьан кинини кытта сылгы баазатыгар сылдьыспат. Арай биирдэ эбит хотоҥҥо тахсан сүөһүлэри ойбоҥҥо ыытарга илии-атах буолар. Ол да сылдьан сиэнэ уолга өрүү сүбэ-ама буолар.
Кыһыҥҥы сарсыарда Денис баазатыгар сылгы араара диэн бараары сырыттаҕына, арай дьиэтин таһыгар “Хайс” таксыы массыына хорус гыннара түстэ. Ити кэмҥэ дьиэҕэ тиэрмэстээх чэйин умнубутун обургу уолчаан аҕатыгар биэрээри, сүүрэн элэстэнэн иһэрэ. Түннүгүнэн кэргэнэ Люба мичээрдии турара. Эһээтэ оҕонньор сиэнин атаара диэн тахсаахтаабыт этэ. Арай, арай таксыы массыынатын иһиттэн сааһырбыт дьахтар бытааннык таҕыста. Эр киһи ким кэлбитин өйдөөмүнэ көрөн турда. Онуоха кэлбит сааһырбыт дьахтар мичээрдээбэтэҕэ ырааппыт курус сирэйинэн мичээр таһаара сатаабыта, төттөрүтүн, киһи эрэ аһыныахтыы курустук көстүбүтэ. Бу ытыахча буолбут мичээргэ олорон кэлбит олохтон кэмсинии уонна санньыар санаа саһа сылдьара. Кини уолун диэки уу-хаар баспыт харахтарынан көрөн турбута. Денис ийэтин оскуоланы бүтэриэҕиттэн көрө илик. Оттон оскуоланы бүтэрбитэ номнуо ырааппыт. Үөрэххэ туттарса киирэн баран ийэтигэр олороору гыммытыгар, киһилээх буолан, кыараҕас хоско төрөппүт суос-соҕотох оҕотун батарбатаҕа. Онно Денис олус хомойон, өсөһөн, хаһан да ийэтигэр чугаһыа суох буолан барбыттааҕа. Ол түмүгэр олорор сирэ табыллыбакка, ускул-тэскил сылдьан баран үөрэххэ киирбэккэ, төттөрү эһээтигэр кэлбиттээҕэ. Эһээтин кытта сылгы баазатын тэринэн билигин бүтүн улууһу этинэн-аһынан хааччыйар бааһынай хаһаайыстыба буолан олорор. Үгүс дьон сылгытын көрөр. Оттон бүгүн кинини куоракка биир да хоннорботох төрөппүт ийэтэ кэлэн турар. Сааһырбыт. Ийэлээх аҕата сүөһүлэрин эһэн туран ылбыт хосторуттан атыны ылыммакка, кэҥэттибэккэ, ыал буолбакка, эдэр сааһын онно моҥоон баран, кырдьар сааһыгар көрбөтөх оҕотугар кэлэн турар…
Оҕонньор элбэх сыл сүтэ сылдьыбыт үөрэхтээх кыыһа кэлбитин итэҕэйбэккэ көрөн турбута. Бу соҕотох оҕо, мааны кыыс туһуттан кинилэр олохторо төһөлөөх уларыйбытай? Куорат кырыымчык, эрэйдээх олоҕун элбэхтик көрсөн, кэргэнэ алта уонун ааһаат олохтон барбыта. Аны сиэн уолу көрүү-истии кыһалҕата барыта оҕонньор санныгар сүктэриллибитэ. Оттон Денис ийэтин көрөн баран туох да диэн этиэн билбэтэҕэ. Сылгыларыгар ыксыы сылдьар тыа эр киһитэ туохтан эрэ куотардыы ийэтин уонна эһээтин хаалларан массыынатыгар олоро охсоот ыстаннарбыта.
Кыстыкка сөбө суох чараас кууркалаах, олох эрэйин билбит, бэйэтин сааһыгар холооно суох кырдьыбыт оҕотун, соҕотох кыыһын, көрөн оҕонньор олус аһыммыта… Дьылҕа суола диэххэ сөп дуо… Олоҕу чэпчэкитик ылыныы эбитэ дуу…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: