Оҕо тус кыаҕын арыйар үөрэх кыһата

Оҕо тус кыаҕын арыйар үөрэх кыһата

30.04.2024, 15:30
Анивера Акимова хаартыската
Бөлөххө киир:

“Индивидуализация, наставничество и тьюторство в этнокультурной  образовательной среде” диэн Дьокуускай куорат Саха гимназиятын үлэтин сырдатар бастакы кэлэктиибинэй монография бу күннэргэ Москваҕа “ДПК Пресс” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Бу дьоһун суолталаах научнай үлэни суруйууга гимназия 50 үлэһититтэн 38 учуутала кыттыыны ылбыт.

САЙЫННАРЫЫЛААХ ҮӨРЭХ БЫРАГЫРААМАТА

Сахалыы тыыннаах, төрөөбүт төрүт тылынан үөрэтэр Саха гимназията тэриллибитэ сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Бу сыллар тухары оҕо төрөөбүт тылын үөрэтиэхтээх, билиэхтээх диэн өйдөбүлү тутуһан үлэлии олороллор. Маны сэргэ оҕолорго сайыннарар, иитэр-үөрэтэр усулуобуйаны олохтоон, бу хайысхаҕа утумнаахтык үлэлээн, хаһыс да сылларын Москва куораттааҕы педагогическай университет (МГПУ)  преподавателлэрин, уһуйааччыларын кытта алтыһан, сыл эрэ иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ ханна да суох монографияны суруйан таһаар­дылар.

Анивера Акимова хаартыската

Гимназия биир улахан хорутуулаах үлэтэ түмүктэммитинэн, дириэктэр Валентина Софронеевалыын кэпсэппиппитигэр: “Биһиги гимназиябытыгар өр сылларга са­­йыннарыылаах үөрэх ситимин өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тарҕатар, сырдатар учууталлар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар.  Учууталларбыт хас биирдии үөрэнээччини кытары тэҥҥэ алтыһан, оҕо тугу интэриэһиргиирин, ханнык биридимиэттэргэ ордук дьоҕурдаа­ҕын көрөн дьарыктаналлар. Монографияҕа элбэх биридимиэттэр киирдилэр, ол иһигэр математика, саха, нуучча, физкультура, аангылыйа тыллара уонна да атыттар. Ону таһынан оҕону иитии боппуруоһа, төрөппүт үлэтэ кытта баар.  Онон, ааҕарга олус интэриэһинэй, оскуолалар, учууталлар үлэлэригэр тутталларыгар улахан көмө буолуоҕа. Учууталлар күһүҥҥүттэн  үлэлэрин суруйаннар, салгыы ону барытын МГПУ педагогичес­кай  технологиялар быыстала суох үөрэхтээһинин кафедратын дассыана Андрей Теровы кытары көрөн-истэн, чочуйан, дьэ быйыл кинигэбит силигэ ситэн, бу аҕыйах хонуктааҕыта “буруолуу сылдьар” монографиябытын тутан олоробут”, – диэн санаатын үллэһиннэ.

УОЛ ОҔОНУ ИИТИИГЭ АҔА ОРУОЛА

Саха гимназиятыгар уол оҕону иитиигэ, сайыннарыыга үгүс үлэ ыытыллар. Монографияҕа СӨ үтүөлээх учуутала, куттал суох буолуутун төрүттэригэр уонна Ийэ дойдуну көмүскээһиҥҥэ учуутала, гимназия Аҕаларын сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Егор Жерготов үлэтэ эмиэ киирбит.

Бу аҕыйах хонуктааҕыта МГПУ-тан дассыан Андрей Теров Дьокуускайга кэлэ сылдьан, гимназиябытыгар ыалдьыттаан, учууталлары уонна төрөппүттэри кытары көрүстэ. Уол оҕону иитиигэ аҕа оруолун көрдөрөр сыаллаах, сүүстэ кэпсээбиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук диэн, Андрей Александровиһы Мэҥэ Хаҥаласка ыытыллыбыт Аҕа уонна уол  өрөспүүбүлүкэтээҕи түмүктүүр  күрэҕэр илдьэ бара сырыттыбыт. Онно кини илэ хараҕынан көрөн, олус сөҕөн-махта­йан барда. Арассыыйаҕа Аҕа күнэ олох хойут, 2021 сылга олохтоммута. Оттон биһиэхэ, Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев көҕүлээһининэн, оҕону иитиигэ аҕа оруолун үрдэтэр сыаллаах 1999 сыллаах­ха Аҕа күнүн туһунан ыйааҕа тахсыбыта. 2021 сыллахха Арассыыйаҕа оҕолор бырааптарын көмүскүүр боломуочунай Анна Кузнецова өрөспүүбүлүкэҕэ кэлэ сылдьан, биһиги гимназиябытыгар баар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн соҕотох “Аҕа уонна уол”  стелабытын көрөн наһаа сөхпүтэ. Онуоха биир көхтөөх аҕабыт Петр Черкашин Кузнецоваттан  “Арассыыйаҕа тоҕо Аҕа күнэ диэн суоҕуй?” диэн ыйыппыта. Ол кэннэ   биир ый ааһаатын кытта,  Арассыыйаҕа Аҕа күнүн бэлиэтиир туһунан ыйаах тахсыбыта, – диэн оҕо иитиитигэр аҕа улахан оруоллааҕын туһунан кэпсээтэ.

Анивера Акимова хаартыската
ОҔО ТАЛАР УСУЛУОБУЙАТА ТЭРИЛЛИЭХТЭЭХ

Алын сүһүөх кылаас учуутала, методист, тренер-технолог Людмила Дедюкина оскуо­лаҕа оҕо сайдарыгар хайаан да усулуобуйа тэриллиэхтээҕин этэн туран, аҕыйах сылтан бэттэх, Үөрэнээччи тус сайдыытын былаанын (ПИРО – план индивидуального развития обучающегося) диэни киллэрбиттэрин туһунан кэпсээтэ. Оҕо күннээҕи  эрэсиимин былааннаннаҕына,  ханна эбии дьарыкка сылдьарын көрдөҕүнэ, өссө эбии туохха наадыйарын, ханнык хайысханан сайдыаҕын үөрэтэр, тобулар.

– Хара маҥнайгыттан са­­йыннарыылаах үөрэтии­нэн үлэлээн кэллибит. Онон, аҕыйах сыл иһигэр бу маннык оҥордубут, туттубут диэн этэр кыахпыт суох. 2022 сыл­лаахха  саас  алта учуутал буолан тьютордар уонна уһу­йааччылар хайдах үлэлииллэрин көрө-истэ, уопут атас­таһа,  Москваҕа стажировкаҕа  барбыппыт. Онно тьютордардаах, анал  бырагырааманан үлэлиир “Новая школа”,  “Университетская школа”,  “Летово”  диэн оскуолаларга сылдьыбыппыт.  Ол түмүгүнэн былаан уонна бырагыраама оҥорбуппут.

Оскуолаҕа оҕо ханнык ха­­йысханан сайдарыгар усулуобуйа  тэрийиэхтээхпит. Оҕо сөбүлээбитин, баҕарбытын талан ылар эйгэтин үөскэтиэх­тээхпит. Дьэ билигин ону тэрийэргэ үөрэнэбит. Андрей Александрович Теровы  кытары бииргэ үлэлээн баран,  уруок таһынааҕы чаастары оҥорор буоллубут. Холобур, үрдүкү кылаастарга үөрэнээччилэр бэйэлэрэ талан ылбыт хайысхаларыгар арахсаллар: математика, физика, нуучча тыла…  Бу барыта оҕолор интэриэстэриттэн тахсар. Ити биирэ. Иккиһинэн, оҕолор интэриэстэрин көрөн экскурсияларга, араас тэрилтэлэргэ сырытыннарыахтаахпыт. Ол туһунан Андрей Александрович төрөппүт мунньаҕар кэлэ сылдьан кэпсээбитэ, быһаарбыта, – диэн сайыннарыылаах үөрэх туһунан кэпсээтэ.

“Индивидуализация, нас­тав­ничество и тьюторство в этнокультурной  образовательной среде” бүтүн кэлэк­тиибинэн суруйбут монографияларыгар, гимназия учууталлара, үлэһиттэрэ бу сыллар тухары үлэлээн кэлбит уопуттарын атастастылар. Онон, үөрэх кыһатын үлэһиттэригэр босуобуйа да быһыытынан туһаныллыан сөп. 

Санаалар

Степан Ноев,  социализацияҕа уонна оҕону иитиигэ дириэктэри солбуйааччы:

– 2012 сыллаахха аармыйаттан кэлээт оскуолаҕа үлэлии киирбитим. Онно бу оскуола атын эйгэлээҕиттэн, олох атын бырагырааманан үлэлии олороруттан соһуйбутум. Надежда Тобонова, Надежда Попова, Людмила Дедюкина “Возрастная школа” диэн бырагыраама  иитинэн араас технологиялары туһанан ураты тыыннаах уруоктары, сэминээрдэри  ыыталлар этэ. Сыыйа үлэлээн киирэн баран, тус туһаайыылаах бырагы­рааманан үөрэниэххэ диэн буолбута. 2016 сыллаахха  икки учуутал уонна оҕолор буолан,  Кавказка тус туһаайыылаах бырагырааманан үөрэтии сэминээригэр барбыппыт. Онно МГПУ дассыана Алексей Воронцов бэйэтинэн кэлэн сэминээр ыыппыта. Дьэ ол онно инникитин тус туһаайыылаах үөрэх бырагырааматын чопчу талабыт диэн, сорох кылаастар саҥа үөрэх дьылыгар туһааннаах бырагырааманан үөрэнэн барбыттара. Бу бырагыраама оҕо тус кыаҕын арыйара биллибитэ. Ол курдук, биир  оҕо БКЭ-тин 100 баалга туттарбыта, 13 оҕо мэтээлинэн оскуоланы бүтэрбитэ.

Надежда Тобонова, үөрэх хаачыстыбатын хонтуруоллааһыҥҥа дириэктэри солбуйааччы:

– Үөһээ кылаастарга былырыыҥҥыттан саҕалаан оскуола салалтата  хас биирдии бэйэбит биэстии-алталыы оҕону кытары алтыһан  үлэлиир, сүбэ-ама биэрэн, тьютор быһыытынан үлэлиир буоллубут.  Биһиги үөрэнээччилэрбитин 100 бырыһыан үрдүк үөрэххэ киириэхтээххит диэбэппит. Оҕо бэ­­йэтэ талан ылбыт идэтигэр үөрэнэ киирэригэр усулуобуйа тэри­йэргэ дьулуһабыт. Сорох оҕолор 11-с кылааска тахсан баран былааным уларыйда, мин атын идэни талар буоллум, онон  хайа эрэ биридимиэккэ эксээмэн туттарбаппын дииллэр. Ону биһиги утары баран, чопчу бу биридимиэти талаҕын диэн модьуйбаппыт.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: