Оҕо тыйаатырдарын бэстибээлигэр — саҥа ааттар

Оҕо тыйаатырдарын бэстибээлигэр — саҥа ааттар

26.03.2024, 09:00
Хаартыска -- Виктория канаев
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, “Кустук” оҕо образцовай дыраама тыйаатырын тэрийээччи Матрена Вырдылина сырдык аатыгар VIII өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, култуура эйгэтигэр, Таатта улууһугар Оҕо тыйаатырын хамсааһыннарын 50 сылыгар ананан ыытылынна.

Матрена Вырдылина күн курдук сыдьаайар мичээрдээх, тоҕус оҕо тапталлаах ийэтэ, кэргэнэ, олоҕун култуура, тыйаатыр угуйар дьикти эйгэтигэр анаабыта.

Талааннаах режиссер оҕону тыйаатыр эйгэтигэр сыһыаран, ийэ тылы таптыырга, баһылыырга болҕомтотун уурбутун туһунан   Национальнай художественнай мусуой филиалын  Тааттатааҕы галерея салаатын салайааччыта Вера Канаева билиһиннэрдэ:

—  Уус-уран тылга куустаран оҕо-ыччат үчүгэйгэ талаһыыта, кэрэни-үтүөнү оҥорууга кынат буоларыгар дьулуспута. Кини иитиллээччилэрэ үрдэлтэн-үрдэлгэ дабайан, Владивосток куорат сыанатыгар Гран-при хаһаайына буоланнар, дойду араас муннуктарыттан мустубут кыттааччылары, салайааччылары сөхтөрөн тураллар. Олоҕун аргыһа  Гаврил Вырдылинныын өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев оҕо сааһын көрдөрөр «Хотугу хотой оҕо сааһа» диэн испэктээк сценарийын оҥорбуттара. Ийэлэрэ кэриэс-хомуруос курдук хаалларбыт айымньытын оҕолоро ураты тыыннаан, дьон көрүүтүгэр таһаарбыттара  үгүс көрөөччүнү үуртэ.  Матрена Николаевна саха оҕото ийэ тыл күүһүнэн тыйаатыр сыанатыгар бэйэтин талбыт оруолугар оонньууругар суол аспыт салайааччынан буолар. Талааннаах режиссер аата, үлэтэ күн бүгүҥҥэ диэри тыыннаах уонна инникилээх. Ону ахсыс төгүлүн ыытыллар бэстибээл бигэргэтэр. Бэстибээлгэ 230 оҕо алта улуустан дьоҕурдарын, сатабылларын көрдөрө, көрөөччү дьүүлүгэр таһаара мустан, улахан сэргэхситиини үөскэттилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ Матрена Николаевна үөрэнээччитэ, туйах хатарааччыта, өрөспүүбүлүкэ култууратын туйгуна, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа, режиссер, продюсер Роман Дорофеев, бөлөсүөпүйэ билимин хандьыдаата, Былатыан Ойуунускай, Күлүмнүүр ааттарынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Евдокия Избекова, Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта норуодунай тыйаатырын режиссера Валентина Бурнашева, өрөспүүбүлүкэтээҕи Ресурснай киин креативнай сайдыыга мэтэдииһэ, «Юные якутяне» эрэгийиэннээҕи оскуола тыйаатырдарын сүрүннээччи Павел Сивцев уонна Матрена Николаевна кыыһа,  Ил Түмэн референэ Анна Павлова үлэлээтилэр.

Түмүккэ «Кэскиллээх бөлөх» анал аат Харбалаахтааҕы уопсай үөрэхтээһин холбоһугун IV кылааһын үөрэнээччилэригэр, «Бастыҥ кыыс оҕо оруола» анал аат Полина Мошковаҕа («Овация» тыйаатыр устуудьуйа, Томпо улууһа, Хаандыга),  «Бастыҥ уол оҕо оруола» анал аат Коля Яковлевка («Айар Кут» устуудьуйа, Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Төхтүр), «Бастыҥ көстүүм» аат «Феникс +» тыйаатыр устуудьуйа (Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Аллараа Бэстээх) ананнылар.

III үктэли — «Сүүрээн» бөлөх (Таатта улууһа, Чычымах), II үктэли «Төлөн» бөлөх (Амма улууһа, Бөтүҥ), I үктэли – «Овация» (Томпо улууһа, Хаандыга), III үрдэли — «Этюд» устуудьуйа (Өймөкөөн улууһа Томтор нэһ.), II үрдэли — «Айар Кут» (Мэҥэ Хаҥалас, Төхтүр), I үрдэли — «Росток» бөлөх (Томпо, Кэскил), «Көрөөччү биһирэбилин» — «Феникс +» устуудьуйа (Мэҥэ Хаҥалас, Аллараа Бэстээх), «Кылаан чыпчаалы» — «Дебют» бөлөх (Горнай, Бэрдьигэстээх) ыллылар. «Бастыҥ салайааччы» аат Мария Стручковаҕа (Томпо, Кэскил) иҥэрилиннэ. Сулустаах ааттар элбэх үлэттээн кэлбиттэрин хас биирдии кыттааччы бэлэх курдук ылынан, инникитин угуйар-ыҥырар сыанаҕа өссө эрэллээхтик тахсалларыгар кынаттыаҕа.

Бу курдук, Матрена Николаевна Вырдылина оҕо тыйаатырыгар анаабыт айар үлэтэ саҥаттан саҥа ааттары буларга, таһаарарга күүс-күдэх, эрчим биэрэ, кэрэ түгэннэри бэлэхтии туруоҕа.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: