Бу күннэргэ М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка “ХИФУ көмүс пуондата: биһиги бэрэпиэссэрбит” диэн “төгүрүк остуол” буолла.
Үөрүүлээх тэрээһин мэдиссиинэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Арассыыйаҕа биллэр оҕо бырааһа, үрдүк категориялаах хирург, өр сылларга Саха судаарыстыбаннай университетын (ХИФУ) Мэдиссиинэҕэ институтун оҕо хирургиятын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Ахмед Романович Варфоломеев 85 сааһыгар ананна.
“Төгүрүк остуолу” Мэдиссиинэ институтун дириэктэрэ, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата, дассыан Николай Михайлович Гоголев иилээн-саҕалаан ыытта.
Үбүлээри СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата Светлана Николаевна Давыдова, Евгения Исаевна Михайлова, Вячеслав Лаврентьевич Александров, Пальмира Георгиевна Петрова, Михаил Михайлович Винокуров уо.д.а. биир идэлээхтэрэ эҕэрдэлээтилэр.
Ахмед Романович өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин, дойду уонна эрэгийиэн билимигэр саҥа хайысхалары сайыннарыыга түөрүйэҕэ уонна быраактыкаҕа биллэр кылаатын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылыгар үрдүк таһымнаах каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ ураты өҥөтүн иһин “ХИФУ Албан аата уонна улуута” университет II истиэпэннээх уордьанын ХИФУ ректора Анатолий Николаевич Николаев туттарда.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбатыгар хонтуруол отделын салайааччыта, мэдиссиинэ институтун фармакологияҕа уонна фармацияҕа кафедратын дассыана, фармация билимин дуоктара Сардаана Макаровна Тарабукина СӨ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин уонна өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэтин уопсастыбатын аатыттан эҕэрдэтин тириэртэ. Кини Ахмед Романович Саха сирин мэдиссиинэтигэр үрдүк үөрэхтээһини сайыннарыыга тугунан да кэмнэммэт кылаатын киллэрбитин, билимҥэ үлэтинэн үрдүк кылаастаах исписэлиистэр хас да көлүөнэлэрин иитэн таһаарбытын, билиитин уонна үөрүйэҕин биир идэлээхтэрин, устудьуоннары кытары үллэстэр улахан буукубаттан суруллар педагог буоларын бэлиэтээтэ. Сардаана Тарабукина үбүлээргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин доруобуйа харыстабылын бочуоттаах бэтэрээнин бэлиэтин туттарда.
Пантелеймон Семенов, СӨ үтүөлээх бырааһа, П.А.Петров аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ:
– Ахмед Романович Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини төрүттэрэ-уустара Омоҕой баайтан саҕаланаллар.
Кини дириҥ ис хоһоонноох олохтоох, үтүө-мааны киһи. Хас да көлүөнэ эмчиттэри иитэн таһааран, билигин үөрэнээччилэрэ доруобуйа харыстабылыгар ситиһиилээхтик үлэлииллэр.
Доҕорбут дьоҥҥо: билэр да, билбэт да киһитигэр тэҥинэн үчүгэй сыһыаннаах, мэлдьи көмөлөһөр. Кини олус уустук эпэрээссийэлэри оҥорон, махталлаах дьон элбэх. Чуолаан, Саха сиригэр “атрезия пищевода” диэн ыарахан диагнозтаах төрөөбүт кырачааннар олохторун быыһаабыта. Урут итинник оҕолор үксүлэрэ өлөллөрө. Оттон Ахмед Варфоломеев саҥа ньыманан эпэрээссийэлээн, итинник диагнозтаах оҕо тыыннаах хаалбыта аан бастакы этэ. Онтон ыла ити эпэрээссийэни кыайа-хото оҥорор буолбуттара.
Ахмед Романович сыралаах үлэтиттэн быыс булан, доҕотторун кытары бултуурун сөбүлүүр. Аны дэгиттэр талааннаах, эдэр сылдьан спортсмен бастыҥа этэ. Үөһээ Бүлүүгэ оскуолаҕа үөрэнэрин тухары тустууга уонна сүүрүүгэ сүүмэрдэммит хамаанда чилиэнинэн сылдьыбыта. Мэдиссиинэ институтугар үөрэнэ кэлэн баран, институт сүүмэрдэммит хамаандатын биир бастыҥ чилиэнэ кини буолара. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах: байааҥҥа бэйэтэ оонньоон мааны куолаһынан ыллаан, ханнык баҕарар тэрээһини киэргэтэр. Уопсайынан, бары өттүнэн киһи эрэ холобур оҥостор киһитэ.
Петр Тумусов, Саха сиригэр Мэдиссиинэ булгуччулаах страховкатын территориятааҕы пуондатын дириэктэрин сүбэһитэ:
– Ахмед Романович биһиги көлүөнэҕэ номоххо киирбит киһи буоллаҕа. Мин мэдиссиинэ үрдүк үөрэҕин 1974 сыллаахха бүтэрбитим. Оччолорго оскуола—производство– үрдүк үөрэх диэн девиһинэн сирдэтэн, Чөчөгөйгө пиэримэҕэ сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитим. Онно Ахмед Варфоломеевы “Чөчөгөй уола” диэн киэн тутта этэллэрин өйдөөн хаалбытым. Дьиҥэр, төрдө-ууһа атын нэһилиэк буоллаҕа.
Устудьуоннуу кэлбиппэр устудьуоннар санитарынан эмиэ үлэлииллэрэ. Арай биирдэ биир санитарка кыыс оҕо хирургиятыгар эпэрээссийэҕэ сылдьан баран, хараҕа уоттанан кэлбитэ. “Ахмед Романович улуу да хирург эбит! Эпэрээссийэлэнэр оҕо иһэ хап-хара буолбутугар физическэй суурадаһыны туһаммытыгар кытаран, тэтэрэн кэллэ эбээт! Оннук эпэрээссийэлиир эбит!” – диэн сөҕөн-махтайан кэпсээбитэ.
Оҕо хирура Ахмед Романович төһө да күнүстэри-түүннэри сылаалаах үлэлээҕин иһин, бэйэтэ ис-иһиттэн холку, наҕыл киһи. Оччолорго оҕо хирургията Сойууска эрэ сайдыбыт, Саха сиригэр олох сэдэх идэ этэ. 1-2 ыйдаах эбэтэр ыйын да туола илик кырачааннар куолайдара оһон хаалан, кыайан аһаабат этилэр. Араастаан эмтии сатыыллара. Оттон айылҕаттан айдарыылаах биһиги хирурбут куолайыгар атрезиялаах оҕону ситиһиилээхтик эпэрээссийэлээн турар. Ити – Сойууска өссө буолан илик түбэлтэ этэ.
Ахмед Романович 85 сааһыгар диэри этэҥҥэ сылдьарыттан олус үөрэбит. Ол кистэлэҥэ тугуй диэн ыйытыыгар хоруйдаатахха, бэйэтэ ис-иһиттэн холку, интэлигиэн, чөл олоҕу тутуһар, наар ыраас, сырдык эйгэҕэ сылдьар. Истириэс баар да буоллаҕына, аймаммакка, мындыр толкуйунан, ураты көрүүтүнэн аһарар. Өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтинэн, киһи быһыытынан кэрэтинэн бар дьонун биһирэбилин, махталын ылар. Үлэһит киһиэхэ онтон ордук туох нааданый? Ол иһин бэйэтэ да “Мин дьоллоохпун” диэн этэр.
Бүгүн күндү киһибит Ахмед Романович 85 сааһыгар аналлаах тэрээһин биһиэхэ бырааһынньык кэриэтэ. Төһө да бары биир идэлээх, биир уопсастыба дьоно буолларбыт, маннык көрсөрбүт, сэһэргэһэрбит сэдэх. Бэйэ-бэйэбитин көрсөн, Ахмед Романовичка этиллибит үтүө-мааны тыллары истэн тэҥҥэ үөрдүбүт, өссө төгүл киэн тутуннубут. Доруобуйа харыстабылыгар утумнааһын, үөрүйэх, билии-көрүү көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ турар.
Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…
Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…