Бэҕэһээ социальнай ситимҥэ «кыһыл хаптаҕас атыыланар» диэн биллэрии кэлбитин хойутуу көрөммүн, хаптаҕастаныах киһи куоттаран кээстим. Дьэ, уонна туоһулаһааччы буоллум. Онтум Кэбээйи нэһилиэгэр олорор Данил уонна Анна Дьяконовтар игирэ сиэн уолаттара сир астаан, оскуолаҕа үөрэнэр тэриллэрин булунаары атыылыыллар эбит. Уолаттары эбэлээх эһэлэрэ кыраларыттан бүөбэйдэһэн, оскуолаҕа киллэрэн үөрэттэрэ сылдьаллар.
Эрсаннаах Арылхан билигин 9 саастаахтар, чоп-чобуо дьон буолан биэрдилэр.
«Эрсан 4 саастааҕыттан, мин 5 саастаахпыттан сир астыырга үөрэммиппит», — диэн Арылхан кэпсиир.
«Эбэлээх эһэбит үөрэтэн, биһиги дьиэ ис-тас үлэтин барытын сатыыбыт: кыһын тэлгэһэ күрдьэбит, муус киллэрэбит, хаар баһабыт. Саас тэлгэһэ ыраастаһабыт, хортуоска, үүнээйи олордуһабыт», – диэн эбэн биэрэр Эрсан.
Эбэлэрэ Анна Семеновна нэһилиэккэ кыһыҥҥы, сайыҥҥы сибэккилэри, үүнээйилэри олордорунан тэҥнээҕэ суох. «Сиэннэрбитин кыра саастарыттан үлэҕэ такайаммыт билигин лаппа туһа дьоно буоллулар. Хортуоскаҕа, үүнээйигэ сыыс оту көрдөрбөттөр. Табыгыратан кэбиһэллэр. Сир аһыгар эһэлэрин кытта барсаллар. Сир астыылларыгар анаан, өссө кыра эрдэхтэринэ оччугуй биэдэрэлэри ылаттаабытым», — диир Анна Семеновна.
Дьэ, онон Эрсан, Арылхан Дьяконовтар кыһыл хаптаҕаска эбии сакаас киирэн, үөрэхтэрин тээбиринин ыларга туруммуттар. «Ийэлэрэ дьиэтин-уотун да төлөбүрүгэр сөп буолар. Ону оҕолорум өйдүүллэр«, – диэн астына кэпсиир эбэлэрэ.
Бэрт ахсааннаах оҕо билигин итинник тэринэн, үөрэххэ бэлэмнэнэрэ буолуо диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Эрсаннаах Арылхан үөрэххэ эмиэ дьулуурдаахтар диэн эбии үтүө сураҕы иһиттим. Үөрэҕи таһынан саахымакка дьарыктаналлар.
Онон «чэ бээ, оҕом кыра, улааттаҕына үлэлии үөрэниэ» диэн өйдөбүл сыыһата чуолкай эбит.
Татьяна Максимова-Лазарева.
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…