Салгыы
Оҕоҕо, хат дьахтарга көҥүллэммэт аһылыктар

Оҕоҕо, хат дьахтарга көҥүллэммэт аһылыктар

09.11.2024, 14:15
Дьахтар оһоҕостоноотун кытта тулалыыр дьоно харыстыыллар
Бөлөххө киир:

“Саха этэ суох сатаммат” диэн сахаҕа элбэхтик этиллэр этии баар. Былыр сахалар оҕоҕо, хат дьахтарга туох этин, эт ханнык чааһын сиэппэттэрин билэҕит дуо? Дьон үксэ идэһэтин бэлэмнээтэ, онон туһалаах буолаарай дуу диэн санааттан эккэ-аска сыһыаннаах үгэстэри түмэбит.

Хат дьахтарга

Хат дьахтар бэйэтин харыс­таныахтааҕын туһунан уопсай өйдөбүл туһунан элбэхтик истэн кэллэхпит. Ол эрээри, аныгы кэмҥэ чопчу “бу аһылык бобуллар”, “ити аһылык көҥүллэммэт” диэн билэр эдэр дьон буолуоҕунааҕар, саас­таах да дьон аҕыйах буолуохтаах.
И.А. Худяков суруйуутугар сигэннэххэ, бэрт элбэх быраа­была баар эбит. Олортон төһөтүн билэбит? Холобур, икки хат дьахтар бииргэ аһыыллара эбэтэр биир ороҥҥо сыталлара, куһаактаах аһыыра – аньыы. Хат дьахтар чоххо (уокка) ыһаарыламмыт эти, үүт үрүмэтин (пена) сиирэ көҥүллэммэт. Оттон аныгы кэмҥэ шашлыгынан сүрэхтэппит дьахталлар бааллара иһиллэр. Хат дьахтар былаата эбэтэр бэргэһэтэ суох күнүскү, киэһээҥҥи аһылыгы аһыыра аньыы диэбиттэр. Аны сүөһү сүрэх аттынааҕы тымырын сиэтэҕинэ бөтүөҕэ, таалы сиэтэҕинэ төрүүрүгэр хаанын баттааһына үрдүө диэн туттуналлара үһү. Куобах иһин сииллэрэ эмиэ бобуллар. Итиэннэ туран эрэн аһыыра көҥүллэммэт. Билигин бу үгэстэри тутуспаттара чахчы, ол гынан баран, сорох-сорох түгэннэрэ бэрт суолталаах курдук. Ити чопчу аһылыкка сыһыаннаах эрэ өттүн ойо тардан сырдаттым. Былыр хат дьахтарга сыһыаннаах итинтэн да атын булгуччу тутуһуллар үгэстэр элбэхтэр. Сорохторо бүгүҥҥү олохпутугар баар көстүүлэр.

Хат дьахтар аһаҕас уокка буспут эти сиэ суохтаах

Маны сэргэ, балыкка сыһыаннаах балачча үгэс баар эбит. Холобур, хат дьахтар сыалыһар төбөтүн сиэтэҕинэ, оҕото сырааннаах буолуо, бил балык быарын, сордоҥу сиэтэҕинэ оҕото эбирдээх төрүө дииллэр эбит. Бастакы балык­тааһынтан эмиэ аньыы диэн балык сиэппэттэрэ үһү. Аны хат дьахтар сиһэ ыарытыйыа диэн улахан балык төбөтүн, кутуругун сиирин боболлоро үһү.

Былыр оҕо турбат ыала баарын туһунан элбэхтик литэрэтиирэҕэ суруллар. Биир үксүн ол иһин эбитэ дуу, оччотооҕу кэм сиэринэн эбитэ дуу, дьахтар оһоҕостоноотун кытта харыстыыллара, бэрт элбэх үгэһи тутуһаллара. Омос көрдөххө, хат дьахтары аһатыахтааҕар аччыктатыах курдуктар. Ол эрээри, былыр дьиэ сүөһүтүн, балыгы таһынан араас кыыл, көтөр этэ дэлэйэ биллэр.

Былыргы сахалар – Дьааҥы сахалара сылгыны өлөрөн баран оҕолоругар кулгааҕын, хараҕын, муннун, о.д.а. чааһын сиэтэллэрэ үһү.

Тыллана илик оҕоҕо

Аны кыра саастаах оҕоҕо туох бобулларын көрүөҕүҥ. Былыр кэлэҕэй буолуо эбэтэр уһуннук сатаан саҥарбакка сылдьыа диэн үчүгэйдик тыллана илик оҕоҕо ханнык баҕарар көтөр сымыытын сиэппэттэр. Өссө биир интэриэ­һиргээбитим диэн, эмиэ ити төрүөтүнэн сиикэй эти сиэппэттэр эбит. Аны кэлэҕэй буолуо диэн аан маҥнай төрөөбүт ынах уоһаҕын алта күн иһэрдибэттэр, кырдьаҕас ынах уоһаҕын – икки күн. Оҕолору тулаайах хаалларымаары тулаайах ойоҕоһу (короткие коровьи ребра), ырааҕы көрбөт буолуохтара диэн куртаҕы сиэппэттэрэ үһү. Туохтан да сааппат буолуохтара диэн сүөһү сирэй чааһын кирдэрбэттэр, дьону үөхсэ улаатыахтара диэн тыл төбөтүн сиэппэттэр. Туйах икки ардынааҕы сыаны сиэтэхтэрэ харахтара мөлтүүр диэн ааттыыллар. Сүөһү мурунун эбэтэр харах аттынааҕы этин биэрбэттэр – сыыҥын соһо сылдьыа. Сото тас иҥиирин сиэппэттэр – дьоло суох буолуо. Эмиэ бу төрүөтүнэн дьоһуннаах дьон (важные люди) сото тас иҥиирин сиэбэттэрэ үһү. Оҕолор сылгы, ынах таалын сиэ суохтаахтар, сиэтэхтэринэ улаатан баран тайахха, эһэҕэ бултуу бардахтарына иһигэр дабылыанньа үөскээн, булдун таба ытыа суоҕа, оттон кыыс оҕо улааттаҕына төрүүрүгэр таала анньыа диэн суруллар.

Сылгы этэ

Былыргы сахалар – Дьааҥы сахалара сылгыны өлөрөн баран оҕолоругар кулгааҕын, хараҕын, муннун, о.д.а. чааһын сиэтэллэрэ үһү.

Өссө биир дьиктитэ баар, сылгы сымыытын эр дьон таһырдьа сиир үгэстээх эбит. Фольклорист И.А.Худяков суруйарынан, атыыр сылгыны аттаан баран тымырын иҥиир сабынан баайаллар эбит. Маныаха бу сап күрүөйэх сылгы иҥиирэ буолуо суохтаах эбит. Күрүөйэх сылгыттан хатарыллыбыт сабынан баайдахха, бу ат күрүөйэх буолар диэн.

Аны аттаныллыбыт чааһын эр дьон таһырдьа аһаҕас уокка буһараллар. Маны дьиэҕэ сиир уонна талахха буһарар көҥүллэммэт. Оттон дьахталларга сылгыны аттыыры да көрдөрбөттөр, аттаммыт чааһын даҕаны сииллэрин боболлор эбит. Аныгы кэмҥэ сахаларга сылгы сымыытын сиир дьон суоҕун да тэҥэ буолуо. Социальнай ситимнэргэ көрдөххө, атын омуктар сииллэр.

Ынах этэ

Сылгы кулгааҕын, хараҕын, муннун, о.д.а. чааһын оҕоҕо сиэтэр эбит буоллахтарына, ынах ити чааһын сиэтэр букатын бобуллар дииллэр. Тоҕо? Ынах кулгааҕын сиэтэҕинэ оҕо ынах курдук дьүлэй буола улаатыа дииллэр эбит. Муннун сиэтэҕинэ – таһырдьа таҕыстаҕына муннун уута сүүрүөҕэ, онтон хараҕын сиэтэҕинэ, быччаҕар, мөлтөх харахтаах оҕо төрүөҕэ дииллэр эбит. Аны уол оҕо куттас буола улааппатын туһугар, ынах сүрэҕин сиэппэттэрэ үһү. Кыыс оҕо сылгы да, ынах даҕаны сүрэҕин сиэн сөп эбит.

Ороһуоспаҕа уонна Пасхаҕа

Сахаларга өссө биир үгэс баар эбит. Ол туһунан И.А.Худяков “Краткое описание Верхоянского округа” кинигэтигэр “Момские якуты имеют обычай в первый день рождества или пасхи есть коровью или бычью голову. Вставши по утру, обрезывают этой голове ноздри и кладут их на тарелке на передний стол перед образами. Затем сами садятся, съедают голову; потом молятся богу и разделяют ноздри быка всем, кто бы тут ни был, по маленькому кусочку. Эти ноздри называются “доля нашего господа” (таҥарабыт өлүүтэ)” суруйар.

МАНЫ БИЛЭҔИН ДУО?

– Ынах төрөөбүтүн кэннэ түөрт хонук устата уоһах үүтүн испэттэр, аньыы диэн ааттыыллар

– Хочуолга кыынньыбыт үүт үрүмэтин оҕо тыҥыраҕынан сарааппайдыа суохтаах – ынах эмиийигэр ымынах тахсыаҕа

– Үөт лабаатын уокка бырахпаттар – ынах үүтэ тардыа

– Чороонтон кымыс иһэр киһи үрүө суохтаах – биэлэр сиргэмсэх буолаллар

– Окко киирбит бастакы 7-10 күн (сарык) кымыһы испэттэр. Уохтаах үлэ кэмигэр кымыһы иһэр буортулаах диэн быһаараллар. Ол оннугар үөрэнэ түһэн баран аһыы астан аккаастамматтар эбит

– Күүлэйгэ (көмөлөһө кэлбит дьон) кэлбит дьоҥҥо киэһэ эттээх хааһы, сарсыныгар үлэ күнүгэр сарсыардаттан кымыс иһэрдэллэр, үлэ кэнниттэн күнүскү аһылыгынан күндүлүүллэр. Маныаха көннөрү үлэлиир дьоҥҥо тугу да төлөөбөттөр.

(И.А.Худяков “Краткое описание Верхоянского округа”).

ОҔОЛОРГО СИЭТИЛЛИБЭТ АСТАР 

1. Тыл төбөтө – кончик языка

2. Таал – селезенка

3. Тобук сыата – коленный жир

4. Куолай этэ – мышцы пищевода

5. Куобах кулгааҕа – ухо зайца

6. Көтөр дабыдала – верхняя кость крыла птицы

7. Мурун сарыыта – слизистая оболочка носа

8. Мурун өҥүргэһэ – носовой хрящ

9. Харах этэ – мышцы глаз

10. Тулаайах быар – придаток у печени скота

11. Хоолдьук – первый шейный позвонок

12. Куонньай – второй шейный позвонок

13. Кириҥэ – шейная мышца

14. Самах уҥуоҕа – лобная кость

15. Иҥиир – сухожилие

16. Кутурук төбөтө – конечный позвонок хвоста

17. Хаан баайыыта – завязка кровяной колбасы

18. Көнө оһоҕос – прямая кишка

19. Муҥурдаах – слепая кишка.

(Васильев П.К., Федоров И.Г. “Ойуу тылдьыт”).

ХААРТЫСКА: PXHERE.COM/RU СААЙТАН

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: