Оҕоҕо кырыктаах сыһыаны бохсуохха!
Уопсастыбаҕа биир саамай сытыытык турар кыһалҕанан оҕону атаҕастааһын буолар. Кыра киһи көмүскэнэр, утарсар кыаҕа суох. Хомойуох иһин, сыл ахсын оҕо эмсэҕэлээһиннээх түгэннэр хатыланаллар. Былырыын 2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ сааһын ситэ илик оҕолор эмсэҕэлээһиннээх 712 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит, онтон 235 буруйун оҕолор оҥорбуттар.
Тус олоххо орооһуу дуо?
Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ кыра оҕоҕо хаһыытыыр, кырбыах буолан суоһурҕанар ийэ видеота киэҥник тарҕаммыта. Үөһээ Бүлүү улууһун сааһын ситэ илик оҕолор бырааптарын көмүскүүр хамыыһыйа бу быһылааны хонтуруолга ылбытын туһунан СӨ Оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунай Туяра Васильева иһитиннэрбитэ. Онно биллибитинэн, видеоҕа көстөөччү оҕо ийэтэ буолбатах. Кыра оҕо 15 саастаах бииргэ төрөөбүт эдьиийин кытта кыыһырсыбыттар диэн быһаарбыттара. Ол курдук, сэтинньи 25 күнүгэр киэһэ эдьиийэ бииргэ төрөөбүт балтын оскуолаттан ылан испит. Хааман иһэн балта эдьиийиттэн мороженай ыларыгар көрдөспүт. Онуоха эдьиийэ аккаастаабыт. Балта атаахтаан хаппырыыстаабыт. Онуоха эдьиийэ кыыһыран балтыгар ыһыытаабытын-хаһыытаабытын, охсуох буолан суоһурҕаммытын ааһан иһэр киһи төлөпүөҥҥэ устубут. Бу кэмҥэ оҕолор ийэлэрэ Дьокуускайга кэтэхтэн үөрэҕин сиэссийэтигэр сылдьар кэмэ эбит. Ийэлэрэ суох кэмигэр оҕолору эбээлэрэ көрө хаалбыт. Быһылаанынан, сааһын ситэ илик кыыһы кытта сэрэтэр бэсиэдэ оҥоһуллубутун туһунан ИДьМ улуустааҕы салаата иһитиннэрбит. Ону сэргэ, видеоҕа устууну тута полицияҕа илдьибэккэ, социальнай ситимҥэ тарҕатарга быһаарыныы дьон тус олоҕор орооһуу уонна ону тарҕатыы быһыытынан ылыныахха сөп.
Оҕо саас диэн олус кылгас. Кини сырдык уонна ыраас буолуохтаах. Оҕону төрөппүт эрэ көмүскүүр кыахтаах. Ханнык да түгэҥҥэ оҕо кыһалҕата инники күөҥҥэ туруохтаах.
Ийэ суоһурҕаныыта эр киһитээҕэр тоҕо күүстээҕий?
Аҕыйах сыллааҕыта маннык айдааннаах быһылаан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тахсыбыта. Уруок аахтарар ийэ кырыктаах суоһурҕаныыта өрөспүүбүлүкэни биир гына тилийэ көппүтэ. Оҕолору тута ийэлэриттэн былдьаан чөлгө түһэрэр кииҥҥэ илдьибиттэрэ. Оттон психологтар бэлиэтииллэринэн, маннык түгэҥҥэ оҕоҕо буолбакка, ийэҕэ көмөлөһүөххэ наада. Ол курдук, төрөппүт бэйэтин мөлтөҕүн, мунньуллубут истириэһин оҕотунан таһаарар диэн этэллэр. Арассыыйаҕа киэҥник биллэр дьиэ кэргэн психолога Татьяна Шаранда бэлиэтииринэн, төрөппүттэр үтүөнү оҥоробут, иитэбит, үөрэтэбит диэн өйдөбүлтэн мөҕөн-этэн бараллар эбит. Ол эрээри оҕо уйулҕата буолар быһыыны-майгыны ыараханнык ылынан, улаатар сааһыгар элбэх кыһалҕаны көрсүөн сөп. Ол курдук, сатаан сыһыаны олохтообокко өр кэмҥэ ыал буолбат, сатаан доҕордоспот, дьону кытта алтыспат, бэйэтин сэнэнэ улаатар. Кини этэринэн, ийэ кыыһырыыта-абарыыта аҕа гиэнинээҕэр быдан күүстээх эбит. Аҕа, омос көрдөххө, кытаанах курдук. Кини оҕотун кытта оонньуулара да сэрэхтээх курдуктар. Сүүрүүлээх-көтүүлээх, күрэхтэһиилээх. Оттон ийэ оҕотун кытта уруһуйдуур, иистэнэр, ас астыыр. Эр киһи кыыһырбытын түргэнник аһарар. Кини буолбут балаһыанньанан мөҕөн баран тохтуур. Оттон ийэ мөҕүүтүн Шаранда мунньуллубут кыһыы-аба тахсыытыгар тэҥниир. Оҕо улахан киһини, чуолаан, төрөппүтүн кытта тэҥҥэ аахсар, бэйэтин көмүскэнэр кыаҕа суох. Кини куттанан кумуччу туттар. Бу кумуччу туттуу тас эрэ көрүҥэр буолбат, кини ис уорганнара барыта кумуччу баралларын Шаранда этэр. Онон кыһалҕалаах оҕо баар буоллаҕына, төрөппүттэригэр көмө наадатын ыйар. Оттон саамай хомолтолооҕо, оҕо барахсан төрөппүттэриттэн хайдах да атаҕастабылы көрүстэр, ийэтигэр, аҕатыгар таптала уҕараабат…
Киһилии көрбөккө, оҕолор суорума суолламмыттара
Кырыктаах сыһыан диэн буолла даҕаны оҕоҕо суоһурҕаныыны, илиинэн киириини саныыбыт. Оттон төрөппүт эбээһинэһин толорбот буолуу эмиэ кырыктаах сыһыаҥҥа тэҥнэһэр. 2022 сыл муус устар ыйыгар Дьокуускай куоракка эппиэтинэһэ суох төрөппүттэртэн сылтаан 2019, 2020 сыллаах оҕолор суорума суолламмыттара. Төрөппүттэрэ кыбартыыраларын иһигэр арыгылыы олордохторуна, кэккэлэһэ хоско икки кыра оҕо паракирииптээн, үрдүк температураланан, сөтөллөн ыарахан туруктаах сыппыттар. Ол эрээри төрөппүттэрэ онно кыһамматахтар, суһал мэдиссиинэ көмөтүн ыҥырбатахтар. Ол түмүгэр 2019 сыллаах төрүөх кыыс дьиэтигэр сытан өлбүт, иккис оҕо балыыһаҕа киирэн баран аҕыйах эрэ хоноохтообут…
Маныаха майгынныыр араас түгэннэр, хомойуох иһин, күннэтэ хатыланаллар. Оҕо көмүскэлэ суоҕун туһанан саамай чугас дьоно, төрөппүттэрэ, аймахтара атаҕастыыллар.
Сабаҕалааһын
Оҕо атаҕастаныылаах сонуннары, видеолары көрөн киһи хараастар. Үөһээ Бүлүүгэ тахсыбыт быһылаан видеотын хаста да эргитэн көрөн баран сабаҕалаатахпына, 15 саастаах кыыс таҥнар таҥаһыгар сөбө суох уһун сонноох уонна онуоха майгыннаабат арыый саастаах киһи куолаһа иһиллэргэ дылы. Мин саныахпар, эдьиийдэр балыстарыгар хаһан баҕарар харыстабыллаах, эйэлээх сыһыаннаах буолаллар. Убайдар бырааттарыгар эмиэ оннук буолар. Онон бу видеоҕа көстөр быһылааҥҥа мин сабаҕалааһыным атын. Хайдах даҕаны 15 саастаах кыыс итинник ынырык тыллары этиэн сатаммат. Бу кыыс аны уонча сылынан оччотугар хайдах буолар. Билиҥҥиттэн итинник ньиэрбэтэ бараммыт, кыраттан кыыһырар, суоһурҕанар буоллаҕына, хойут бэйэтэ ийэ буоллаҕына диэн ыйытыы турар. Онон бу видеоҕа хайдах да 15 саастаах кыыс балтын кытта буолуон сатаммат курдук…
Иитии курдук саныыллар
Оҕоҕо илиини көтөҕүүнү үгүс дьон иитии курдук саныыр. Оҕотугар илиитин көтөҕөр төрөппүт бэйэтэ оҕо сылдьан оннук сыһыаны билбитин психологтар бэлиэтииллэр. Статистика көрдөрөрүнэн, дойду үрдүнэн сыл ахсын 2 мөлүйүөҥҥэ тиийэ оҕо дьиэ кэргэнин иһигэр атаҕастабылы көрсөр. Уопсай бырыһыаҥҥа таһаардахха, дойду үрдүнэн баар оҕо 60% атаҕастанар эбит. 3/2 – оскуолаҕа киирэ илик саастаах оҕо. Сааһын ситэ илик оҕолорго кырыктаахтык сыһыаннаһан кырбаан, накаастаан өлүүгэ тиэрдэн сууттаммыт дьон 70% – аҕалар, кииринньэҥ аҕалар, эһээлэр, абаҕалар, убайдар уонна ийэлэрин бииргэ олорор киһитэ буоларын статистика көрдөрөр. Мантан эмсэҕэлээбит оҕолор 77% төрөппүттэриттэн атаҕастабылы көрсүбүттэр. 11% – аймах дьонноруттан, 10% – туора дьонтон. Статистика көрдөрөрүнэн, үгүс атаҕастабылга, кырбааһыҥҥа уолаттар түбэһэллэр. Ол курдук, аҕыйах сыллааҕыта Уус Алдан улууһугар тоҕус саастаах уол аҕатыттан кырбанан суорума суоллана сыспыта. Киһи кэлэйиэҕэ, бу төрөппүттэр буолуохсуттар иккиэн мэдиссиинэ быыһыыр сулууспатын үлэһиттэрэ эбиттэр. Ийэлээх аҕа иккиэн кырачаан уолчааны дьиэлэрин иһигэр көмөлөөн кырбаабыттара. Ийэ киһи төрөппүт оҕотугар кыһаммат буоллаҕына, эгэ туора дьоҥҥо сыһыана хайдах буолуой? Маннык сидьиҥ төрөппүттэртэн эмсэҕэлээбит оҕо барахсан эт-сиин эчэйиитин таһынан, уйулҕа өттүнэн улахан охсууну ылбыта саарбаҕа суох.
Түмүк
Оҕо саас диэн олус кылгас. Кини сырдык уонна ыраас буолуохтаах. Оҕону төрөппүт эрэ көмүскүүр кыахтаах. Ханнык да түгэҥҥэ оҕо кыһалҕата инники күөҥҥэ туруохтаах. Хайдах үүнүүнү кэлин ылыы үүнээйини көрүүттэн улахан тутулуктаах диэн мындыр этии баар… Оҕо атаҕастаныа суохтаах!
СЫЫППАРАЛАР
2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ сааһын ситэ илик оҕолор эмсэҕэлээһиннээх
712 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Онтон
235 буруйу оҕолор оҥорбуттар. Статистика көрдөрөрүнэн, дойду үрдүнэн сыл ахсын
2 мөлүйүөҥҥэ тиийэ оҕо дьиэ кэргэнин иһигэр атаҕастабылы көрсөр. Уопсай бырыһыаҥҥа таһаардахха, дойду үрдүнэн баар оҕо
60% атаҕастанар эбит.
3/2 – оскуолаҕа
киирэ илик саастаах оҕо.
ХААРТЫСКА: HTTPS://PXHERE.COM/RU/PHOTO/610258
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: