Оҕоҕо саба түспүт ыт иһин ким эппиэттиэй?
Ааспыт сыл сэтинньи саҥатыгар Дьокуускай куорат Жорницкай уулуссатыгар ыт оҕоҕо саба түһэн улаханнык эчэппитэ. Оҕо төбөтүгэр 12 тигиини оҥорбуттара.
Ол түүн бэйдиэ ыттары тутар сулууспа үлэһиттэрэ оҕоҕо саба түспүт ыкка майгынныыр ыты туппуттара. Туппут ыттара бэйдиэ сылдьар уулусса ыта буолбатаҕа биллибитэ. Инньэ гынан, хаһаайыны көрдүүр аакка барбыттара. Кэлин эмсэҕэлээбит оҕо ийэтэ социальнай ситимҥэ атын ыты туппуттарын туһунан иһитиннэрбитэ.
— Туппут ыттара майгынныыр, ол эрээри атын ыт. Оҕобун кытта күн аайы бэрэбээскилэтэ диэн балыыһаҕа таксинан барабыт. Оҕом уйулҕа өттүнэн улахан охсууну ылла. Мин санаабар, ыты тутуунан дьарыктанар сулууспа үлэтин кыайбат, ол иһин күрүлүүр күнүс оҕобор ыт саба түстэҕэ.
Дьокуускай куорат борокуратуурата сааһын ситэ илик оҕоҕо моральнай хоромньуну төлүүрүгэр суут нөҥүө ирдэбил түһэрбитэ. Борокуруор ирдэбилинэн, Дьокуускай куорат дьаһалтатыттан уонна куорат хаһаайыстыбатын көрөр-истэр сулууспатыттан эмсэҕэлээбит оҕоҕо 300 тыһыынча солкуобайы төлүүр туһунан ирдэбили суут көрдө.
Бэлиэтээн суруйдахха, Саха сиригэр бэйдиэ сылдьар ыттартан оҕо-дьахтар сыллата эмсэҕэлиир. Билигин сотору саас буолан ыттар эмиэ үөрдэһиэхтэрэ. Аныгы үйэҕэ ыттан, аттан эмсэҕэлиир ама иэдээн буолбатах дуо?
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: